Оҕо эрэ барыта тулалыыр эйгэни арыйар кэмэ-кэрдиитэ бу үс сүрүн ыйытыыттан саҕаланар. Ол кини олорор кэмиттэн, бириэмэтиттэн тутулуга суох. Биһиги, билигин саас ортолоох дьон, оҕолорбут саастарыгар сылдьан ити үс ыйытыыны интэриэһиргээн ааспыт кэмнээх этибит.
Арай билигин уратыта диэн оҕону чинчийэр үлэ нөҥүө иитэр, сайыннарар оскуолаҕа киириэн иннинээҕи үөрэхтээһин программатын биир сүрүн тосхоло буолла. Оҕо бэйэтин илиитинэн тутан-хабан оҥорбутун, бэйэтин нөҥүө аһардан билбитин ордук чугастык ылынар.
Бу күннэргэ «Кэнчээри» оҕону сайыннарар Киин иһинэн «Я исследователь» Бүтүн Россиятааҕы күрэс оҕо тэрилтэтин иһинээҕи түһүмэҕэ ыытылынна.
Улахан уонна бэлэмнэнии бөлөхтөртөн 13 оҕо кыттыыны ылла. «Тыыннаах айылҕа», «Тыыммат айылҕа», «Ахсаан, техника» уонна «Гуманитарнай билиилэр» хайысхаларынан оҕолор дакылааттарын иһиттибит, ыыппыт чинчийиилэрин, оҥорбут уопуттарын көрдүбүт.
Дьүүллүүр сүбэ оҕолор бэйэлэрин саастарыгар кэпсиир дьоҕурдара, улахан киһини кытта санааларын сатаан үллэстэллэрин, ыйытыыга чопчу эппиэттииллэрин ураты тутан бэлиэтээтэ. Чинчийэр үлэҕэ интэриэстэрин, ырытар, бэйэлэрин көрүүлэрин уонна илиилэринэн тутан-хабан оҥорууларын таһымнара үрдээбитэ биһирэннэ.
Күрэс түмүгүнэн «Тыыннаах айылҕа» хайысхаҕа 1 миэстэ Чирикова Айаана («Микробы на наших руках»¸сал. Кулева Г.Н.), 2 миэстэ Григорьев Дархан («Рыбки в наших водоемах», сал. Барабанова Л.Г., Кулева Г.Н.), 3 миэстэ Туприн Эрчимэн («Батун луук», сал. Алексеева М.П., Тосина Д.В.) буоллулар. «Тыыммат айылҕа» хайысхаҕа 1 миэстэ Лобанов Артем («Свойства воды», сал. Романова Т.О.), 2 миэстэ Солдатова Диана («Тыал», сал. Романова Т.О.), 3 миэстэ Скрябин Миша («Кустук – айылҕа көстүүтэ», сал. Алексеева М.П., Тосина Д.В.).
«Ахсаан, техника» хайысхаҕа 1 миэстэ Бессонова Нарыйа («Ахсааҥҥа сахалыы кэриҥ кээмэйдэрэ», сал. Барабанова Л.Г.), 2 миэстэ Скрябин Эрхаан («Роботтар биһиги олохпутугар», сал. Барабанова Л.Г., Кивогорницына О.С.).
«Гуманитарнай билиилэр» хайысха кыайыылаахтара Ефимов Артем («Күпсүүр», сал. Харитонова М.В.), 2 миэстэ Сивцев Костя («Тоҕо кока-коланы сөбүлүүллэрий? Доруобуйаҕа буортулаах дуо?», сал. Кулева Г.Н.).
Бастаабыт оҕолор «Я исследователь» улуустааҕы түһүмэҕэр кыттыыны ылыахтара.
Анна КУЗНЕЦОВА, “Кэнчээри” оҕону сайыннарар Киин
иитэр-үөрэтэр үлэҕэ сэбиэдиссэйи солбуйааччы, Амма нэһилиэгэ, Амма улууһа.