(Салгыыта. Иннин 10, 11 №-гэ аах)
Көҕөн мөхсүбүтүгэр ыйыллан хаалбыт туһаҕы үөрүүтүттэн уҥуоҕа босхо барбыт Даайыс, бэрт өр будьуктаһан арааран баран, куһун ортотуттан икки илиитинэн бобо тутан, эргим-ургум көрө-көрө, эппитэ: – Оҕолоор! Үчүгэй да баҕайы, баттаҕа көҕөрөн! Бу кус саамай улахана, атыыр көҕөн диэн буолар. Улахан баҕайы буолбат дуо?! Дьэ, хата, бултаатахпыт. Бачча бултаан баран, тиргэбитин уларытыа суохпут. Ити кэннэ бурдугу кыайан сиэбэт киһиэхэ, ийэбитигэр куспутун таһааран биэриэхпит. Ийэм эрэ сиэҕэ, ыалдьар киһиэхэ, дьукааҕар Наһаарга бэрсэр дуу, бэйэтэ билиэ.
– Сөп-сөп, ийэбитигэр буолумуна, – дэспиттэрэ оҕолор. – Даайыас! Аҕал-аҕал кускун, мин тутуум, – диэн икки илиитин сараппытынан, аҕаһын диэки ууна-ууна, Уйбааҥка көрдөспүтэ. Оттон Ааныс буоллаҕына Уйбааҥканы ойоҕолуу көтөн, тоҥолоҕунан ойоҕоско садьыйа-садьыйа, албыннаспыт киһи быһыытынан:
– Даайыс, эдьиийим, миэхэ биэриэ. Аҕал-аҕал миэхэ, бу уол сатаан тутуо суоҕа. – Суох, суох, бу кыыска биэримэ! Миэхэ-миэхэ аҕал, мин тутуум, – диэбитэ, миэхэ биэримээри гынна ээ быһыыта дии санаат, ыксаабыт киһи быһыытынан, Уйбааҥка. – Мэ, улахан киһи Ааныс туттун! Эн сатаан тутуоҥ суоҕа. Дьоммутугар көрдөрө дьиэбитигэр тыыннаахтыы илдьиэхпит. Бэйи, антах бар! – дии-дии, Даайыс Уйбааҥканы аһара тутан ууна-ууна, бэркэ сэрэммит киһи быһыытынан, куһун Ааныс илиитигэр туттарбыта уонна бэйэтэ эргиллэн, тиргэтин иитэ турбута. Ааныс, улахан буолан куһу туппут киһи, туохха да тэҥэ суох оҕо буола түспүтэ. Итэҕэлэ кыччаабыт Уйбааҥка эрэйдээх, мэлийэн хаалан баран, Ааныһы тула көтө сылдьыбыта.
Ааныс, тугун үчүгэйэй барахсан диэбиттии, куһун аҥаар илиитинэн кутуругун төрдүттэн бобо тутан баран, ууга олордон көрбүтэ. Онуоха куһа атаҕын саратан, харбаары тарыпынайбыта. Дьэ, ону Ааныс көрүөн үчүгэйэ сүрдээх этэ, ол иһин, бэйэ эрэ, кыра соҕустук ууга олордон, көҥүл ыытан уһуннаран көрүөххэ эрэ дии санаан, куһун ууга олордон баран, ыытан кэбиспитэ уонна бэйэтэ көрөн турбута.
Куһа кыра соҕустук устан иһэн, тула холоруктуу түһээт, соҕотохто өрө көтөн тахсыбыта. Маатыргыы-маатыргыы, Дьахтар Алааһын илин өттүгэр биир кыҥырай тыаны быһа түстэххэ баар Тимир Умаппыт диэн эмиэ тыымпы баарыгар, ол диэки көтө турбута.
Тиргэҕэ дабыдалыттан иҥнибит көҕөн сордоох мөхсүүтүттэн көһүйбүтэ чахчы. Онон туохха да таарыйбакка сылдьан, көтөн куһугуратарын курдук буолуо дуо?.. Мөлбөрөҥ соҕустук көтөн бара турбута.
Ааныс, боруобалыыбын диэн, соҕотохто ытыһа кытаран хаалбыта. Хараҕа ирим-дьирим буолбута, кулгааҕа чуҥкунуу түспүтэ. Соһуйан хаалбыта. Куһуттан мэлийбитэ…
– Даайыс, кыыс куһун ыытта! Ол барда, көтөн барда! – диэн Уйбааҥка туох да харса суох, турар сирин аттыгар баар дулҕа үрдүгэр тахсан, эккирии-эккирии, аймана түспүтэ. Даайыс хайыһан көрбүтэ Ааныс, бэйэтэ да улахан харахтаах кыыс этэ, икки хараҕын сыыһын муҥунан көрбүт, сүр диэн улаханнык куттаммыт. – Хайа-а, бу адьарай кыыһын көрүҥ эрэ! Сарайа сытыйан. Хаарыан куспутун! – диэт, Даайыс, туох да эппиэтэ суох, Ааныһы кэлэн бадарааннаах ууга тиэрэ анньан кэбиспитэ. Ааныс эрэйдээх ууга палк гына олоро түспүтэ. Буруйдаах киһи тэҥнэһиэ дуо, мөккүһэр кыах суох буолла, саҥата суох бүтэйдии, куһун куоттарбыт кыһыытын, эдьиийиттэн Даайыстан мөҕүллүбүт, ууга тиэрэ анньыллыбыт абатын, онуоха эбии Уйбааҥка уол омуннаах тылын сууһун, үһүөннэрин холбуу саныы түспүтэ да, ытаан ыгыстыбытынан бараахтаабыта.
– Саатта-саатта, миэхэ туттарбатаҕыҥ, баҕардар бардын! Көр, Ааныс, кини аҕай буолан киһиргээбитэ, тоскун ыллыҥ ини?.. Кини куһун ууга олордон баран ыытан кэбиспитэ, ол барыа суоҕа дуо? – дии-дии, Уйбааҥка дулҕаттан дулҕаҕа ыстаҥалыы-ыстаҥалыы, эдьиийдэрин кустарыттан мэлийбит хомолтолорун үрдүгэр эбии суустуу сылдьыбыта. Даайыс буоллаҕына, куһун аһыйан, санаата түһэн, били, хат иитэн эрэр тиргэтин быраҕан кээстэ уонна кытыыга тахсан, Ааныһы мөҕө-мөҕө, ытыы олорбута.
Чэ, кырдьык даҕаны, оҕолорго хомолтолоох суол буолбута. Итиччэ үөрэн-көтөн, хаһан да бултаабатахтарын бултаан, ийэлэригэр кэһии гыныах буолан уонна атын сиргэ тиргэлэрин көһөрүөх буолбуттарын ууратан, хат иитэн хаалларар гына оҥостуммуттарын кэннэ, итинник быһыы буола түспүтэ.
– Оҕолоор! Хайа, Тимир Умаппыкка баран түспүтэ буолуо. Ол диэки көтө турбута. Онно барыахха, мин бардыа-м, – диэт, Уйбааҥка кытыыга ыстанан тахсаат, сүүрэ турбута.
– Онно түспүтүн иһин, аны туоххунан тутаары гынаҕын? – диэбитэ Даайыс, ытаан сыҥсыйа-сыҥсыйа. Ааныс буоллаҕына, бадарааннаах ууга эдьиийиттэн тиэрэ анньыллан, ырбаахытын кэннэ ньылбы сытыйан баран, ытаан өрө бахсыйа турар бэйэтэ Уйбааҥка саҥатын истэн, көр, буруйум чэпчээрэй диэбиттии, хараҕын уутун ньаҕана турар уҥа харытын аннынан сурдьун батыһыннара көрөн хаалбыта.
Уйбааҥка обургу утаакы гымматаҕа. Тимир Умаппыкка аҕылаан-мэҥилээн тиийэн кэлбитэ. Дьэ, ол кэлэн, тыа саҕатыгар маска сөрүөстэн туран, куһум түспүтэ буолаарай диэн, өндөйө-өндөйө, хантайа-хантайа көрө турбута. Онтон өйдөөн көрө түспүтэ, күөл уҥуоргу өттүгэр сыыр быстыбытыттан охтон түспүт тиит сыгынаҕа баар эбит. Ол аттыгар дулҕа үрдүгэр биир киһи табах тардан унаарыта олорор эбит.
Уйбааҥка ол киһини көрөөт, онно ыстаммыта. Чугаһаан иһэн көрбүтэ, кинилэртэн үс биэрэстэлээх Улахан Сайылык диэн сиргэ олорор Тыыраахы Сэмэн уола Бүөтүкээс эбит. Арай Уйбааҥка Бүөтүкээс аттыгар тиийэн кэлэн көрбүтэ уҥа сыгынахха саа өйөннөрө уурбут, ол таһыгар сиргэ биир атыыр көҕөнү өлөрбүтэ сытар эбит. Кини, куһу көрөөт, иһигэр: “Үкчү биһиги куоттарбыт көҕөммүт курдук эбит”, – дии санаабыта. – Хайа, Уйбааҥка, бу тугу гына сылдьаҕын, доҕоор? – диэн ыйытаат, Бүөтүкээс уобан олорор хамсатын илиитигэр ылан, табаҕын буруотун эҕирис гына ыйыстан баран, тииһин быыһынан чыыр гына силлээн кэбиспитэ.
– Суох, бэйэм. Хайа, Бүөтүкээс, бу көҕөн өлөрбүккүн дуу, хантан өлөрдүҥ? – диэн, атыны үксү кэпсэппэккэ эрэ, Уйбааҥка ыйыппыта. Ити кэннэ санаата куска эрэ киһи быһыытынан Бүөтүкээһи эргийэ хааман, саа аттыгар сытар көҕөнү, тобуктуу түһэн олорон, түүтүттэн имэрийэ-имэрийэ, мичээрдээбитэ.
– Өлөрөн. Мантан өлөрдүм. Ымсыырдыҥ дуо? Оттон эн аҕаҥ Дьаакып сааламмат дуо? – диэбитэ Бүөтүкээс, Уйбааҥка диэки көрөн олорон, күлэн ымах гынан кэбиһэ-кэбиһэ.
– Суох, аҕам сааламмат ээ. Солото суох. Дьукаахпыт Наһаар уола Маппыйдыын бурдук ыһа сылдьаллар. Хата, биһиги бэйэбит алааспытыгар тиргэлээн, биир үүт-үкчү маннык атыыр көҕөн иҥнибитин, билигин киирэн ылан баран, куоттаран кэбистибит. Онтукабыт бу диэки, маатыргыы-маатыргыы, көтөн кэлбитэ. Ол иһин мин, баҕар манна түспүтэ буолаарай диэн, көрө кэлбитим, – диэбитэ Уйбааҥка.
– Но-о! Ол хайдах куотта? Кимниин тиргэлээн бултаабыккыт куотта, доҕоор? – Бүөтүкээс соһуйбут киһи быһыытынан ыйыппыта. – Даайыс, Ааныс уонна мин буолан, эһэбит Болодьумаар оҕонньор түөрт тиргэни оҥорон аҕалан биэрбитин, алааспыт арҕаа кытыытыгар ииппиппит. Ииппиппит, арааһа биэс-алта хонно, ол тухары биир да кус иҥнэ илик этэ. Онтон кыһыйан, бу сарсыарда эрдэ туран, тиргэбитин уларытан, бу диэки аҕалан иитиэх буолан киирбиппит. Арай онтукабыт биир атыыр көҕөн биир тиргэҕэ хаҥас дабыдалыттан иҥнэн баран, мөхсө сылдьар эбит. Ону Даайыс киирэн туһаҕыттан арааран ылан баран, куһун өлөрбөккө эрэ, тыыннаахтыы Ааныска туттара биэрбитэ. Ону Ааныс, ууга уһуннара оонньуу сылдьан, ыытан кэбиспитэ, куһа көрүөх бэтэрээ өттүнэ өрө көтөн таҕыста да, бу диэки көтө турбута. Мин тутуум диэбиппин, Даайыс миэхэ туттарбатаҕа. Ааныска туттарбыта уонна бэйэтэ тиргэтин хат иитэ турбута, – диэн Уйбааҥка кэпсээбитэ.
1938 с.
(Бүтүүтэ
бэчээттэниэ).