Биһиги Дьокуускай куорат 20-с нүөмэрдээх оскуолатын VII «г» кылааһыгар бары эйэлээхтик үөрэнэ сылдьабыт. Кылааспыт салайааччыта Дария Ивановна Михайлова тула түмсэбит.
Комсомол 100 сыллаах үбүлүөйүнэн биһиги кылааспытыгар араас тэрээһиннэр буоллулар. Биир кылаас чааһыгар, урукку пионердар курдук, тимуровецтар буоларга сүбэлэстибит.
Тимуровецтар диэн кимнээҕий? Эйэҕэс майгылаах, дьоҥҥо үтүө санаанан көмөлөһөр оҕолор. Оттон пионердар диэн өрүү инники сылдьар, түөстэригэр кыһыл хаалтыһы баанар, пионерскай тэрилтэ устаабын, быраабылатын тутуһар үөрэнээччилэр. Итини барытын биһиги учууталбыт кэпсээниттэн биллибит.
Тимуровец буоламмыт, күргүөмүнэн бары тахсан, оскуолабытыгар кэлэр суол, киһи таба үктэммэт гына килэриччи мууһуран хаалбытын, тимир күрдьэҕинэн ыраастаатыбыт. Киһи халтарыйбат буолла. Учууталлартан, төрөппүттэртэн махтал тылларын иһиттибит.
Былааммыт элбэх. Аны кырдьаҕастар дьиэлэригэр кэнсиэртии бараары бэлэмнэнэбит, шефтэһэр III «г» кылааспыт оҕолоругар үөрэх чааһыгар көмөлөһүөхпүт.
Мин санаабар, билиҥҥи ыччат тимуровецтары холобур оҥостуохтаах.
Валерия Солдатова, VII «г» кылаас,
Дьокуускай куорат 20-с нүөмэрдээх оскуолата.