Бу Кытаанах В.С. Яковлев-Далан аатынан орто оскуолатын IV кылааһын оҕолоро суруйабыт. Кылааспытыгар сэттиэбит. Икки туйгун үөрэнээччилээхпит: Айна Яковлева уонна Тимур Пономарев. Хамандыырбыт – Тимур, ол иһин биһигини “Тимур хамаандата” диэн ааттыыллар. Барытын сүбэлэһэн оҥоробут, бэйэ-бэйэбитигэр көмөлөсүһэбит. Учууталбыт – Андреева Екатерина Гаврильевна. Кини – СӨ Үөрэҕириитин туйгуна, Учууталлар учууталлара. Үһүс сылбытын «Кэскил» хаһыакка бары суруйтаран ааҕабыт, суруйабыт. Кэккэ сонуннарбытын ыытабыт.
Баҕа санаабыт — таас оскуола
Саҥа кулууппут икки мэндиэмэннээх, сырдык, киэҥ. Араас тэрээһиннэр буолаллар, ырыаһыттар ыалдьыттыыллар. Бибилэтиэкэрбит Лена Александровна уруһуйдуур, онон оҕолорго аналлаах муннуктары бэйэтэ оҥорор.
Ааспыт күһүн Көһөрүллүү 75 сылыгар аналлаах сквер тутуллубута. Онно сэрии кэмигэр хоту көһөрүүгэ барбыт биир дойдулаахтарбыт ааттара мрамор тааска суруллан үйэтитилиннэ.
Дэриэбинэбит ортотугар оҕо былаһаакката тутуллан, үөрүүбүт үксээбитэ. Саас футболлуур, мээчиктиир хонуулара ууруллуохтара, аны хачыал арааһа, кумахха оонньуур миэстэ, үөһэ ыттар тэриллэр туруохтара. Баһылыкпыт Егор Николаевич Потапов нэһилиэкпит сайдыытыгар элбэх үлэни ыытар, биһигини көрүстэҕинэ: “Хайдах үөрэнэ сылдьаҕыт? Тугу баҕараҕыт?” – диэн куруук ыйыталаһар.
Сотору кэминэн салгын саатынан ытарга дьарыктанар саала үлэҕэ киириэхтээх. Быйыл спорт саалабыт өрөмүөннэниэхтээх. Онон нэһилиэкпит сайдар.
Иккис сылбытын интэринээт дьиэтигэр үөрэнэ сылдьабыт. Сүрдээх кыараҕас. Саамай улахан баҕа санаабыт – таас оскуола тутуллуута. Ол туолуо диэн эрэлбит улахан.
Айна ЯКОВЛЕВА.
Сыл бастыҥнара
Мин былырыын Чурапчыттан үөрэнэ кэлбитим. Оҕолору кытта түргэнник доҕордоспутум.
Кылааспытыттан “Сыл бастыҥ үөрэнээччитэ” Айна Яковлева, “Бастыҥ общественник” хамандыырбыт Тимур Пономарев, “Бастыҥ спортсмен” Слава Сивцев, бастыҥ дакылааттаах Сандаара Саввина, “Бастыҥ худуоһунньук” Айна Яковлева буолбуттара.
Паша КОРКИНА.
Мусуойга сылдьыбыппыт
Быйыл Чурапчыга күрэхтэһэн кэлбиппит. Биир дойдулаахпыт, олимпиецтары иитэн таһаарбыт улуу тренер Дмитрий Петрович Коркин аатынан мусуойга сылдьыбыппыт. Манна олус элбэх хаартыска, тустууктар мэтээллэрэ, кубоктара бааллар. Дмитрий Петрович суруммут тэтэрээттэрин сөҕө көрбүтүм, наһаа элбэҕи бэлиэтэнэр, сурунар эбит. Өссө тустууктарга анаан оҥорбут дьарыктанар снарядтарын сэҥээрбитим.
Мусуой үлэһитэ Анна Петровна элбэҕи кэпсээбитэ, тустууктар хаартыскаларын, ахтыыларын көрбүппүт. Бэйэбит санааларбытын анал тэтэрээккэ суруйан хаалларбыппыт. Бу сырыыттан үгүс саҥаны билбиппит, хаартыскаҕа түһэн, астынан кэлбиппит.
Быйыл Дмитрий Петрович Коркин төрөөбүтэ 90 сыла. Онон нэһилиэкпитигэр араас дьаһаллар ыытыллыахтара.
Лиана ПОТАПОВА.
Бүттүүн бииргэ
Биһиги бары онлайн олимпиадаларга көхтөөхтүк кыттан ситиһиилэммиппит. “Танцевальный рай” үҥкүү күрэҕэр төрдүс сылбытын кыайбыппыт. Саҥа дьылга анал кубогы ылбыппыт. “Дьөһөгөй оҕото” үҥкүү күрэҕэр иккис сылбытын лауреат буолбуппут. Таҥаспытын төрөппүттэрбит тигэллэр.
Ити курдук, туохха барытыгар бүттүүн кылааһынан кыттабыт. Олунньу ыйга региональнай чабырҕах куонкуруһугар, онтон “Бастакы хардыы” үҥкүү күрэҕэр барабыт.
Быйыл алын сүһүөҕү бүтэрэбит. Түөрт сыл биһигини үөрэппит, үтүөҕэ угуйбут учууталбытын Екатерина Гаврильевнаны ахтыахпыт.
Витя ГОГОЛЕВ.
Бастыҥ сүбэһитим
Эбэм Зинаида Семеновна, оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан, хайыһарынан, сүүрүүнэн дьарыктаммыта. Үлэһит буолан баран, араас күрэхтэргэ нэһилиэк, улуус чиэһин көмүскүүрэ, куруук миэстэлэһэрэ.
Кини миигин сарсыарда аайы сэрээккэлииргэ, сүүрэргэ, спордунан дьарыктанарга уһуйар. Киниэхэ кэлиэхпиттэн ыстаҥанан, сүүрүүнэн, хайыһарынан дьарыктанабын. Икки сыл устата араас күрэхтэһиилэргэ кытынным. Барыта 10 мэтээллээхпин (7 кыһыл, 3 үрүҥ көмүс) уонна 2 кубоктаахпын.
Сөбүлүүр дьарыктаах киһи бириэмэтин туһалаахтык атаарар, доруобай буолар. Спордунан дьарыктаныҥ, чэгиэн сылдьыҥ!
Слава СИВЦЕВ.
Мин дьиэ кэргэним
Ыал улахан оҕотобун, бырааттаахпын, балтылаахпын. Ийэм Айталина Владимировна – нэһилиэккэ тыа хаһаайыстыбатын специалиһа, аҕам Леонид Алексеевич – чааһынай хаһаайыстыба салайааччыта. Ааспыт күһүн тыа хаһаайыстыбатын дьаарбаҥкатыгар кыттан, өрөспүүбүлүкэҕэ III миэстэ буолбуппут.
Айылҕаҕа, сир аһыгар, оҕо сайдар, сынньанар кииннэригэр бары бииргэ сылдьабыт. Дьиэбит икки мэндиэмэннээх, аныгылыы тутуулаах, толору хааччыллыылаах. Спортивнай муннуктаахпыт, онон элбэх оҕо кэлэн оонньуур. Тэлгэһэбитигэр аҕабыт араас күрэхтэһиилэри тэрийэр. Ийэбит олимпиадаларга кытыннарар. Эдьиийим Лена Алексеевна – саамай кыһанар киһим. Сочига иккиэн күүлэйдээн кэлбиппитин махтана саныыбын. Эбэлээх эһэбит биир тэлгэһэҕэ олороллор, онон киирэ-тахса сылдьабыт. Эһэм Алексей Николаевич булт туһунан кэпсиир, эбэбит Клара Николаевна күөрчэҕэ, саламаата олус минньигэс.
Хортуоппуй олордуутугар, от үлэтигэр убай, быраат бары мустан, үлэ түргэнник бүтэр. Быйыл оскуола Саҥа дьылыгар дьиэ кэргэнинэн маскараат күрэҕэр I, харыйа оҥоһугар II миэстэ буолбуппут.
Тимур ПОНОМАРЕВ.