Оҕолоор, Тимофей Сметанин оҕолорго айымньыларынан викторинаҕа билиигитин холонон көрүҥ!
Мин аатым Алина Левина, Кэбээйи орто оскуолатын 5-а кылааһын үөрэнээччитэбин. Биир дойдулаахпыт, буойун-поэт, суруйааччы Тимофей Егорович Сметанин айымньыларынан литературнай викторина оҥордум.
Оҕо-аймах тапталлаах суруйааччыта олус кылгас олоҕор элбэх хоһоону, сэһэни, остуоруйаны, драманы суруйан хаалларбыта. Кини айымньыларын кыра да, улахан да дьон олус сөбүлээн ааҕабыт.
Мин Т.Е. Сметанин «Күөрэгэй», «Куоскалар уонна саһыл», «Хаһаайка» айымньыларынан литературнай викторина оӊордум.
«Күөрэгэй»
1.Т. Сметанин «Күөрэгэй» диэн айымньыта ханнык жанрга киирэрий?
2. Маачаха ийэ уолун аата.
3. Этиини ситэрэн биэриҥ: «Киэһэ эр киһи кэлбитигэр ойоҕо: Кыыһыҥ оҕобун өлөрөрүгэр тиийдэ, тугу да үлэлээбэт, куруук этиһэр, ….» – диэн икки саннынан хабыалана тоһуйда.
4. Күөрэгэйдиин хас кутуйах доҕордоһор?
5. Саамай оччугуй кутуйах аата?
6. Кыыһа аҕатыгар хас манньыаты биэрбитэй?
7. Ким дьиэни умаппытый?
8. Эһэ хас оҕотун маһынан баттатан баран бултуу барбытый?
9. Ханнык көтөр куһу тэбэн кэбиспитий?
10. Кыыс куһун укпут иһитэ?
11. Күөрэгэйи бөрөттөн ким быыһыырый?
«Куоскалар уонна саһыл»
1. Т. Сметанин «Куоскалар уонна саһыл» диэн остуоруйаҕа хас куоска баарый?
2. Куоскалар үтэҕэ анаан туох аһылык ылбыттарый?
3. Ханнык куоска үтэни икки гына үллэрбитий?
4. Ханнык куоска халбаһыыны мыыммытый?
5. Куоскалар тугу эргийэ сүүрбүттэрий?
6. Ханнык кыыл куоскалары албыннаабытый?
«Хаһаайка»
- Кыыс ийэтэ ханна барбытый?
2. Кыыс туох үлэни толордо?
3. Кыыс ыалдьытын аата кимий?
4. Ыалдьытын тугунан күндүлээтэ?
5. Егоровна тугу сүбэлээтэ?
Оҕолоор, Тимофей Сметанин айымньылара биһигини үөрэҕи, үлэни таптыырга, сүрэхтээх, аһыныгас, чиэһинэй буоларга үөрэтэллэр. Саха суруйааччыларыҥ таптааҥ, айымньыларын ааҕыҥ!
Алина ЛЕВИНА, 5 кылаас үөрэнээччитэ,
«Дьоҕур» пресс-киин, Кэбээйи орто оскуолата.