Намҥа буолан ааспыт Олоҥхо ыһыаҕар уустар күрэхтэрэ улахан сэҥээриини ылбыта. Маннык тэрээһин элбэхтэ ыытыллыбат. Күрэх сүрүн сыала-соруга: былыргы Саха тимир уустарын уһанар дьоҕурдарын, сатабылларын, кистэлэҥнэрин сөргүтүү, сайыннарыы уонна эдэр көлүөнэҕэ тиэрдии, саха тимирин уһаарыытын уонна охсуутун төрүт ньыманан көрдөрүү уонна уус уустук идэтин дьоҥҥо-сэргэҕэ сырдатыы. Мин санаабар, тэрийээччилэр даҕаны, кыттааччылар даҕаны, дьүүллүүр сүбэ даҕаны туруоруммут сыалларын ситистилэр.
“Саха омуга былыр тымныы дойдуга сатаан тимири уһаарар эрэ буолан, тыыннаах хаалбыта,” – диэн Мандар Уус сөпкө да этэр. Быйылгы Олоҥхо ыһыаҕар тимири уһаарыыга күрэхтэһии буоларын истэн, 11 хамаанда ох курдук оҥостон кэллэ: Хаҥаластан – “Хаҥыл”, Үөһээ Бүлүүттэн – “Чап уустара”, Чурапчыттан, Ньурбаттан, Бүлүүттэн – “Ахталдьыйаан”, “Бүлүү 2”, Намтан – “Атамайдар”, “Төрүт тимир”, “Нам педколледжа” уонна 2 хомуур хамаанда — “Сомоҕо” (Хаҥалас, Ньурба, Таатта уустара), “Ситим” (Нам, Уус-Алдан, Чурапчы). Уопсайа 37 киһи кыттыыны ылла.
Хамаандалар бары ирдэбил быһыытынан биир таҥастаахпыт, баннердаахпыт уонна былаахтаахпыт. Бэс ыйын 18 күнүгэр, ол эбэтэр күрэх иннинээҕи күн, аҕыс хамаанда кэлэн хойукка диэри оһохпутун оҥордубут. Уустар оһохторун бэйэ-бэйэлэриттэн олус уратытык оҥороллор эбит диэн сэҥээрэ, бэлиэтии көрдүм.
Бэс ыйын 19-с сарсыардатыттан үлэ оргуйан олордо: руда, көмөр бэлэмнээһинэ, сорох хамаандаларга оһох оҥоруута, түһүлгэ киэргэтиитэ. Киэһээ 5 чааска күрэҕи үөрүүлээхтик арыйдылар. Судьуйалар хас биирдии хамаанда 25 кг руда аҕалбыт дуо диэн ыйаан көрдүлэр. Бастакы руда кутулунна… 5 чаас 12 мүнүүтэлэригэр бастакынан “Сомоҕо”-лор 7,73 киилэ болгуо хостоотулар, онтон ыраас тимирэ 53%, ол эбэтэр 4,16 киилэ. Саамай уһун уһаарыыны (8 чаас 15 мүнүүтэ) “Чап уустара” уонна Чурапчы улууһа көрдөрдүлэр.
Мин бэйэм 6-с сылбын тимир уһаарыытыгар сылдьар буоламмын, уустар бэйэлэрин табаарыстарыгар курдук сыһыаннастылар. Кэпсэтэн-ипсэтэн, сүбэлэһэн-амалаһан, үөрэ-көтө үлэлээтибит.
Василий Герасимов, Самсон Сидоров, Иван Павлов — Утум Уус, Николай Гоголев –Бычаа Уус, Бааха Уус – тарбахха баттанар ааттаах уустар, тимир уһаарааччылар. Биһиги хамаандабытын Нам улууһун Таастаах нэһилиэгин Уус Куота Любовь Гаврильевна Атласова иилээн-саҕалаан, кыайа-хото тутан, салайан үлэлэттэ. Хамаандабыт аата – “Ситим” (Саха Итии Тимирэ). Күрэҕи үс киһилээх дьүүллүүр сүбэ сыаналаата. Олор истэригэр бааллар: мин биир дойдулааҕым, Уус-Алдантан төрүттээх Бурцев Николай Николаевич уонна аатырбыт тимир ууһа Данилов Александр Дмитриевич.
Мин маннык улахан тэрээһиҥҥэ кыттыбыппыттан олус үөрдүм. 4-с кылааска үөрэнэ сылдьан бастакы уһаарыыбын мээнэ көрбүт эрэ буоллахпына, быйыл биэс сыл устата туохха үөрэммиппин барытын бу күрэхтэһиигэ көрдөрдүм: оһох оҥордубут, отуннубут, руданы бытарыттыбыт, көмөр кутуу, күөртээһин, бириэмэни көрүү, шлак тахсарын бэрэбиэркэлээһин. Киэһээ 6 чаастан саҕалаан оһохтор тастарыгар уһаарааччылар түүннэри күргүөмнээхтик күрэхтэстибит.
Түүн ортото уһаарыы буола турдаҕына бырдаҕы билиммэккэ, итииттэн куттаммакка оҕолор, ыччат дьон, кырдьаҕастар, элбэх киһи кэлэн тимир болгуону хостуурбутун кэтэһэн тураллар этэ. Арыт ардыгар көрөөччүлэр кэлэн күөртээн көрөллөр, көмөлөһө сатыыллар.
Онтон сарсыҥҥы күнүгэр саамай күүтүүлээх түгэн үүннэ — түмүк таҕыста. Бэҕэһээҥҥи кирдээх сирэйдээх, хоруолаах таҥастаах-саптаах уустар, сылайбыт күрэхтэһээччилэр бары сынньанан сэргэхсийбит, үлэбитин бүтэрэн астыммыт, дуоһуйбут дьүһүннээхпит. Бу күн биһиэхэ Ил Түмэн вице-спикера Александр Николаевич Жирков уонна Саха өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев кэргэнин кытта ыалдьыттаан аастылар.
Дьүүллүүр сүбэ түөрт анал ааты уонна үс бириистээх миэстэни быһаарбыт: “Биһирэбиллэх Уус” — Константинов Павел Антонович, Үөһээ Бүлүү, “Инникилээх Уус” — Пухова Айталана, Уус – Алдан, “Аҕа Уус” – Гоголев Николай Ильич, Бүлүү улууһа, “Уус Куо” – Атласова Любовь Гаврильевна, Нам Таастааҕа. Бочуоттаах III-с миэстэни Нам улууһун “Төрүт тимир”, II-с- Үөһээ Бүлүү “Чап Уустара” уонна I-ы миэстэни Бүлүү улууһун “Ахталдьыйаан” хамаандалара ылары ситистилэр. Бу хамаандалар тимирдэрэ кырдьык да улахан ыйааһыннаах уонна үчүгэй хаачыстыбалаах көрдөрүүлээхтэр.
Тимир уһаарыытын күрэхтэрэ бүттүлэр. Батыйа, быһах, хомус, ох саа оноҕоһун оҥоруу күрэстэрэ түмүктэннилэр. Биһиги бириэмэбитин атаара таарыйа уһаарбыт тимирбит кыырпахтарын уокка ууллардыбыт, эллээтибит уонна ыһыах ыалдьыттарыгар — көрөөччүлэргэ, омук киһитигэр сувенир курдук бэлэхтээтибит. Таптайа сырыттахпытына кыра тимир кыырпахтара таҥас нөҥүө киирэн илиибин сиэбиттэр этэ. Ону “бастакы сүрэхтэнииҥ,” — диэн Утум Ууһу, Бааха Ууһу кытта күлсүбүппүт.
Күрүө таһыгар турар араас массыыналар собуоттаннылар. Түүннэри уһаарарбытыгар сынньаммыт балааккаларбыт хомулуннулар. Уустар түһүлгэлэригэр бу ыһыаҕы санатар оһохтор эрэ туран хааллылар. “Эһиилги сылга диэри…” – диэн уустар тарҕаһыахтарын иннинэ эппит тыллара сүргэбитин көтөхтө…
Ааптар: Айталана Пухова, Майаҕас орто оскуолатын 9-с кылааһын үөрэнээччитэ.