Оҕо кыра эрдэҕиттэн этин-сиинин билэ улаатара уопсай сайдыытыгар, тулалыыр эйгэни, мин кимминий, туохпунуй диэн бэйэтин арыйарыгар туһалаах, көмөлөөх.
Оҕо этин-сиинин билэр, ыйан көрдөрөр, ааттыыр буолуохтаах. Оҕолорго төрөппүттэргэ, ииттээччилэргэ туһалаах буоллун диэн ойуулаах тылдьыты ааптар Елена Ионовна Дмитриева оҥорбута. Кини Дьокуускайдааҕы 21 №-дээх “Кэнчээри” оҕону сайыннарар киин иитээччитинэн үлэлиир.
Елена Ионовна бу ойуулаах тылдьыты элбэх литератураҕа олоҕуран, кырдьаҕастары кытта кэпсэтэн, санаа атастаһан, чуолкайдаһан, уһун кэм устата оҥорон таһаарбыта.
2020 сыллаахха ”Чуораанчык” оҕо сурунаалын 9-с нүөмэригэр (2020 сыл, балаҕан ыйа) ойуулаах тылдьыты бэчээттээн таһаарбыппыт. Ааҕааччыларбыт ытыс үрдүгэр түһэрэн, наһаа сэргээн, кэрэхсээн ылыммыттара. Сурунаалга сурутуулаах саха ыалын дьиэтигэр, оҕо саадыгар, оскуолаларга ”Киһи этэ-сиинэ” ойуулаах тылдьыт хоп курдук киирэн, бэйэтин миэстэтин булунан кэбиспитэ. Оҕо бэйэтин этин-сиинин үөрэтэригэр күннэтэ үлэлиир былакаат буолбута.
2020 сыл түмүгүнэн Елена Ионовна Дмитриева «Чуораанчык» оҕо сурунаалын эрэдээксийэтэ олохтообут «Сыл бастын бырайыага» диэн номинациятынан наҕараадаламмыта.
Аны икки сыл ааспытын кэнниттэн, ааҕааччыларбыт көрдөһүүлэринэн, ойуулаах тылдьыты ”хамсатан, саҥардан, тилиннэрэн” биэрдибит. Төрөппүт, иитээччи, учуутал оҕону кытта үлэлэһэригэр ордук табыгастаах буоллун диэн. Оҕону кытта үлэҕитигэр туһаныҥ. «Тиллибит» тылдьыт кэпсээнин ”Чуораанчык” ютуб ханаалыгар киирэн истиҥ.
Сурунаалга тахсыбыт тылдьыты keskil14.ru саайт маҕаһыыныттан 100 эрэ солк. атыылаһыаххытын сөп.
Интэриэһинэй, сонун бырайыактаах иитээччилэри, учууталлары ”Чуораанчык” эрэдээксийэтигэр күүтэбит.
#кэскиллээхолоххобэлэмбуол
#чуораанчыктыындо5ордос
Сардаана МАТВЕЕВА.