Остуол тиэнниһэ спорт биир түргэн уонна интэриэһинэй көрүҥэ буолар. Мин биир саастыылааҕым, 6 «А» кылаас үөрэнээччитэ Харитонов Андрей кыра сааһыттан остуол тиэнниһинэн бэрт ситиһиилээхтик дьарыктанар. Ол иһин кинилиин тиэннис туһунан кэпсэттим.
-Хаһыс кылаастан тиэнниһинэн дьарыктанаҕыный?
-Мин тиэннис куруһуогар 4 кылааска сылдьан бииргэ үөрэнэр оҕобуттан истэн тиийбитим. Олус сөбүлээбитим. Тренерим Еремей Михайлович Куприянов. Бастаан биир сылы быһа үчүгэйдик тиэнннистииргэ үөрэммитим. Ол кэнниттэн 5 кылааска тахсан баран, күрэхтэһиилэргэ кыттар буолан барбытым.
—Дьарыгын туһунан кэпсээ.
-Дьарыкпыт 15ч-17чааска диэри буолар. Нэдиэлэҕэ 5 күн ньиргиччи дьарыктанабыт. Биир күрэхтэһиигэ 10 тахса оҕону кытта күрэхтэһэҕин. Киһи илиитэ, атаҕа сылайар. Ол иһин, эрдэттэн бэлэмнээх, дьарыктаах буолуохтааххын.
—Тиэннискэ саамай улахан ситиһииҥ?
-Саамай улахан күрэхтэһиим быйыл өрөспүүбүлүкэ Первенствотыгар 3 миэстэ буолбутум. Өрөспүүбүлүкэ сборнайыгар киирэммин бу соторутааҕыта Хабаровскайга күрэхтэһиигэ кыттан кэлбитим
—Киһиэхэ тиэннис тугу сайынннарар?
-Тиэннис киһи өйүн, реакциятын сайыннарар. Киһини сымса, түргэн оҥорор.
—Күрэхтэһии иннигэр эн төһө долгуйаҕын?
-Күрэхтэһии иннинэ хайаан да турукка киирэбин. Утаралаһааччыларым мөлтөх өрүттэрин кэтээн көрөбүн. Күрэхтэһэрбэр кинилэр мөлтөх өрүттэрин таба сатыыбын.
—Баҕа санааҥ?
-Мин улаатахпына тиэннис тренерэ буолуохпун баҕарабын.
Афоня ТИМОФЕЕВ, VI «В» кылаас,
В.П. Ларионов аатынан Майа орто оскуолата, «Мэҥэбил» пресс-киин