(«Оннук», «суох», «билбэтим» диэн хоруйдаа)
- Майгы-сигили аҥаардас иитииттэн эрэ буолбакка, хантан хааннааххыттан, кимтэн кииннээххиттэн эмиэ тутулуктаах.
- Төһө да кыыһыра эбэтэр хомойо сылдьар буоллахпына, ону таспар биллэрбэппин.
- Дьон туһунан тугу саныыргын барытын бэйэлэригэр аһаҕастык этэр сыыһа.
- Мин саҥарарбар сирэйбин-харахпын хамсатабын, араастаан туттабын.
- Бэйэм санаабар, кыра эрдэхпиттэн төрүт уларыйбат курдукпун.
- Кимниин да атааннаспат, айдаарсыбат туһуттан сымыйалаан сөпсөспүтэ буолабын.
- Ардыгар санаабытым курдук гыммаппын, толкуйдаабыппыттан букатын атыны оҥорон, саҥаран кэбиһэбин.
- Наада буоллаҕына, иннибин биэрэбин, бэринэбин.
- Сэттэ сирэй буолуу — кыыс аймахха баар көстүү.
- Доҕотторум миигин тус толкуйа суох киһинэн ааҕаллар.
- Мин кимиэхэ да баттаппаппын. Төттөрүтүн, барыларын баһыйа сатыыбын.
- Хайдах баҕарар балаһыанньаттан сөптөөх суолу булан тахсар кыахтаахпын.
- Мин этэрим барыта сөп дии саныыбын.
- Кэлиҥҥи кэмҥэ өйүм-санаам, олоҕу көрүүм уларыйда. Ону төрөппүттэрим бэлиэтии көрбөттөр курдук.
- Быһаарыыта суох дьону сэргээбэппин.
2-кэ, 4-кэ, 6-ка, 8-ка, 10-ка, 12-кэ, 14-кэ —»оннук», 1-га, 3-кэ, 5-кэ, 7-кэ, 9-ка, 11-кэ, 13-кэ, 15-кэ «суох» диэн хоруйдаабыт буоллаххына, итиннэ барытыгар 1 -дии баалы сурун. «Билбэтим» диэн аайы — 5 очукуо.
150-100. Эн бэҕэһээ рэпер этиҥ, бүгүн — брейкергин. Уобараскын күн ахсын уларыта сылдьаҕын. Ол аата, бэйэҕин көрдүүгүн. Онно киһи баалыыра, дьиҥэр, суох. Улаатар сааска оҕо эрэ барыта итинник идэлэнэр. Ол эрээри, ардыгар аһара элбэхтэ уларыйаҕын. Этэргэ дылы, бириэмэтээҕэр түргэнник.
Уопсайынан, биир сиргэ тэһийэн сатаан олорбот киһигин. Наар сүүрэ-көтө, бара-кэлэ, бииртэн бииргэ ыстаҥалыы сылдьаҕын. Эйиэхэ мэлдьи саҥаттан саҥа, сонунтан сонун наада. Мүччүргэннээх сырыыларга түбэһэ сатыыгын, элбэх доҕордоох буоларга дьулуһаҕын. Ол үчүгэй гынан баран, наһаа ойуоккалас, көтүмэх буолар соччото суох. Дьон-сэргэ олохтоох толкуйдаах, бэриниилээх, түптээх дьарыктаах киһини биһирииллэр.
99-50. Эн балаһыанньаттан көрөн уларыйар, сөптөөх суолу тобулар дьоҕурдааххын. Онтукаҥ олоххор наһаа туһалыыр. Кыыһырбыты мичээрдээҥҥин, көрүдьүөстээҕи кэпсээҥҥин, сонно тута настарыанньатын көннөрөҕүн. Дуоспуруннааҕы кытта дьоһуннана түһэҕин, солуута суохтуун тэҥҥэ дьэргэйэҕин. Быһата, айылҕаттан артыыскын, киһи уйулҕатын бэркэ билэр психологкын, барыларын кытта тапсар дипломаккын. Ол эрээри, барыларыгар бэрт буола сылдьан, бэйэҥ дьиҥнээх сирэйгин сүтэрэн кэбиһиэххи сөп.
49-0. Бу аата кыра аайы ымыттыбат кытаанах майгы, сиргэ бигэ турар «реалист» диэн буолбатах. Маны «акаары өсөһүү» диир ордук. Барытыгар саарбахтыыргын, туох да быһаарыыны сатаан ылыммаккын кистээн, утары тура сатыыгын, ньоҕойдоспута буолаҕын. Оннук гынан, «мин» диэҥҥин бигэргэтэр курдук сананаҕын. Ону баара, эн ити быһыыгар ким да булгуруйбат модун санаа күүһүн көрбөт ээ. Арай сайда сатаабат түҥкэлэйи эрэ бэлиэтииллэр. Ол иһин арыый уларыйыаххын, саҥаны сэргиир, сонуну кэрэхсиир, бириэмэни, дьону кытта тэҥҥэ хардылыырга үөрэниэххин наада.