- Эн веллер буолуоххун баҕарбыккын. Биллэн турар, бэлисипиэт наада буолбут. Ол туһунан дьоҥҥор хайдах этэҕин?
- А) Ээ, эппэтэм да буолуо. Син биир ылбаттарын билэбин.
Б) «Аҥаарын эрэ төлөөҥ. Сороҕун бэйэм ханна эмэ үлэлээн булуом «, — диэн көрдөһөн көрүөм.
В) Үчүгэйдик быһаардахха, атыылаһан биэриэхтэрэ.
2. Бүгүн оскуолаҥ биэчэригэр бараҕын. Былааныҥ элбэх. Төрөппүттэргин сэрэтэн: «Хойутуурум буолуо», — диэн эттэххинэ…
А) Ыыппаттара чуолкай эбэтэр эрдэ кэлэрбэр модьуйуохтара.
Б) «Аргыстаһар киһилээх буоллаххына бараар», — диэхтэрэ.
В) Төрүт да аахайыа суохтара, көннөрү истэн эрэ кэбиһиэхтэрэ.
- Арай сылы түмүктүүр хонтуруолунай үлэҕэр «2»-ни ылан кэбис. Оччоҕо ийэҥ, аҕаҥ хайыылларый?
А) Мөҕүөхтэрэ уонна хаһан сыанабын көннөрүөхпэр диэри онно-манна сылдьарбын кытаанахтык буойуохтара.
Б) Аһаҕастык кэпсэтиэхтэрэ, төрүөтүн быһаара, тугу ыарырҕатарбын ыйыталаһа сатыахтара, сүбэ-ама биэриэхтэрэ, көмөлөһүөхтэрэ.
В) Көннөрү сэмэлиэхтэрэ эрэ.
4. Бэйэҥ санааҕар, эйигин сөпкө иитэллэр дуо?
А) Наһаа бүөбэйдииллэр. Улааппыппын олох өйдөөбөттөр.
Б) «Сыыһа», — диэн этэр кыаҕым суох. Арай ардыгар соруйалларын сөбүлээбэппин, толорорбун сүрэҕэлдьиибин.
В) Миэхэ болҕомтолорун уураллара эбитэ буоллар, мин өссө элбэҕи ситиһиэм этэ.
5. Сайыҥҥы сынньалаҥҥар доҕотторгун кытта лааҕырга барыаххын баҕараҕын. Оттон төрөппүттэриҥ эйигин даачаҕа дуу, дэриэбинэҕэ дуу сайылата илдьэ барар былааннаахтар.
А) Хайыахпый, сөбүлэһэрбэр эрэ тиийэбин.
Б) Табыгастаах түгэни булан, лааҕырга барарым быдан туһалааҕын туһунан кэпсиэм, иннилэрин ыла сатыам.
В) «Оҕолор бары бараллар», — диэтэхпинэ, тута сөбүлэһиэхтэрэ.
- Бу этиилэртэн ханныгы дьонуҥ үгүстүк тутталларый?
А) «Эттибит да, онон бүтэр. Туох наадатын эйигиннээҕэр биһиги ордук билэбит».
Б) «Оттон эн бэйэҥ туох дии саныыгын?»
В)»Бэйэҥ сөбүлүүр буоллахына, баһаалыста, көҥүллүүбүт».
Аны билигин баалларгын аах: хас “А” аайы – 0, «Б”— 3, «В»— 5.
0-9. Эһиги дьиэ кэргэҥҥэ ийэ, аҕа тылыттан тахсар, кинилэри утары саҥарар, санааны аһаҕастык этэр кытаанахтык бобуллар эбит. Барытын кинилэр быһаараллар, былаанныыллар. Эйигиттэн тылларын истэргин уонна тугу соруйалларын толороргун ирдииллэр.
Итинник ирдииллэрэ биир өттүнэн үчүгэй, ол эрээри тугу этэргин истибэттэрэ, баҕа санааҕын учуоттаабаттара сыыһа. Тус санаата, быһаарыыта, бэйэтигэр эрэлэ суох, тыал ханна үрэринэн сылдьар киһи буолан хаалыаҥ дии.
Ол гынан баран, бэйэҕин кэтэбилгэ, буойууга-хаайыыга сылдьар уонна туох да бырааба суох курдук сананыма. Дьонуҥ эйигин итинник хонтуруоллаан, бүөбэйдээн, көрөн-истэн, бэрээдэктээх, улахан дьону ытыктыыр, эппиэтинэстээх буоларга үөрэтэр быһыылара. Кэлин бэйэҥ махтаныаҥ.
Эйигиттэн ирдэниллэри барытын этиттэриитэ суох оҥорон, дьаһаллаах, хомуллуулаах, эппиэтинэстээх буолбуккун көрдөр. Оччоҕо эрэнэр буолуохтара, улааппыккыҥ билиэхтэрэ. Уонна санааҕын аһаҕастык этэртэн толлума, тус санааҕын туруорсар буол.
10-20. Эн тус толкуйдаах, бэйэҕэр эрэллээх сытыы-хотуу оҕоҕун. Ити төрөппүтэриҥ үтүөлэрэ. Кыра эрдэххиттэн эйигин кытта тэҥнээхтэрин курдук кэпсэтэллэр, эн санааҕын мэлдьи болҕойон истэллэр. Дьиэҕитигэр баар кыһалҕалары, инники былааннарын — барытын эйигин кытта бииргэ быһаара сатыыллар.
Тэҥнээхтэрин курдук көрөллөрө хайҕаллаах. Кинилэр эрэллэрин түһэн биэримэ, аһара барыма.
21-30. Эн дьонуҥ эйигин улахан киһи курдук көрөр буолбуттара ырааппыт эбит. Ол иһин төрүт кыһаллыбаттар. Бэйэҥ иннигин көрүнэриҥ, барытын быһаарарыҥ, быһаарсарыҥ, дьаһанарыҥ үчүгэй. Ол эрээри, төрөппүт өттүттэн хонтуруол син биир баар буолуохтаах. Аһара көҥүл бардаххына, устунан улдьааран, онно-манна аралдьыйан хаалыаҥ дии. Оннук сылдьан, ол-бу арааска түбэһиэххин сөп. Онон бэйэ-бэйэҕититтэн тэйсимэҥ, чутас буола сатааҥ. Уруок ааҕаргар эҥин кинилэртэн сүбэлэттэрэр, ыйытар буол. Үөрэ-көтө көмөлөһүөхтэрэ. Өйдөө, дьонуҥ олох бары эйгэтигэр эйигиннээҕэр быдан ордук быһаарсаллар, билэллэр.