Бу 9 ойууттан биири тал:
- Эн тугу да кыһалҕа оҥостубат, олоххо чэпчэкитик сыһыаннаһар, үөрэ-көтө сылдьар киһигин.
Хас биирдии түгэнтэн дуоһуйуоххун, ону умнуллубаттык атаарыаххын баҕараҕын. Ким эмэ кэлэн: “Хаҥкылыы бардыбыт”, — диэтэҕинэ, сээбэҥнээбэккэ, сонно тута хомунан барсыаҥ этэ.
Олоҕу уустугурдубатыҥ үчүгэй. Ол эрээри күннээҕинэн олорор кэскиллээх дьаһаныы буолбатах. Ырааҕы-киэҥи, инникигин толкуйдуур эмиэ наада.
- Эн кимтэн эмэ тутулларгын, быраабыланы тутуһаргын төрүт сөбүлээбэккин.
Бэйэҥ баҕарбыккынан сылдьаргын ордороҕун. Ол иһин төрөппүттэргин уонна учууталларгын кытта өйдөспөт тугэниҥ элбэх. Кинилэр этэллэрин ылыммаккаҕын утарылаһаҕын, тылларын истибэккэҕин, мэлдьи сэмэлэнэҕин.
Көҥүл салгынынан тыынарга дьулуһарыҥ үчүгэй эрээри, олоххо бэрээдэк, сиэр-майгы, суруллубут уонна суруллубатах сокуоннар диэн баалларын умнума.
3. Эн мэлдьи төбөҕөр тугу эрэ «буһара» сылдьаҕын, наар толкуйдаан тахсаҕын.
Ону-маны ырытаҕын, тулалыыр эйгэҕин анаараҕын. Солуута суох сэлэһииттэн сылайаҕын, куотунаҕын. Тоҕо диэтэххэ, эн кураанах куолуну, суолтата суох кэпсэтиини сэҥээрбэккин. Ол гынан баран, хаһан да соҕотохсуйбаккын.
Дьоһуннааҕыҥ бэрт буоллаҕа. Ол эрээри биирдэ эмэ, оҕо оҕо курдук, мэниктээн, дьээбэлэнэн ылар туохтаах үһү?
4. Эн сиргэ бигэтик тураҕын.
Ону-маны сымыйалаан айбаккын, оҥорон көрөн кэпсээбэккин. Кырдьыксыккын уонна бэйэҕэр эрэллээххин. Ол иһин табаарыстарыҥ эн таскар бэйэлэрин көмүскэллээх курдук сананаллар. Көнө, холку майгылааххын, судургугун. Баары баарынан сылдьаҕын. Ол эрээри наһаа боростуой буола сатаама. Үрдүгэр ыттыахтара, “мин” диэҥҥин арыт көрдөрөр куолу.
5. Эн саҕалаабыккын бүтэрэн баран тэйэр, суохтан баары оҥорор, үлэни, үөрэҕи, сынньалаҥы тэҥҥэ тутар киһигин.
Биир да мүнүүтэни халтайга ыыппаккын. Барытын туһалаахтык атаара сатыыгын. Оҕо эрээри, улахан киһилии мындырыҥ, сатабыллааҕыҥ хайҕаллаах. Ол гынан баран, дьиҥэр, эн билигин доҕотторгун кытта оонньуу-көрүлүү, сүүрэ-көтө сылдьар сааһыҥ ээ.
- Эн элэккэй, эйэҕэс, кэпсэтинньэҥ киһигин.
Элбэх доҕордооххун. Олору бэйэҕэр наһаа чугаһаппаккын, ис эйгэҕэр киллэрбэккин. Тоҕо диэтэххэ, кимтэн да тутулуга суох буолуоххун баҕараҕын.
Наһаа бэйэҕэр эрэ эрэнимэ. Санааҕын үллэстэр, өйүүр, өйдүүр, сүбэлиир-амалыыр истиҥ доҕор хас биирдии киһиэхэ баар буолуохтаах.
7. Эн бэйэҕэр наһаа эрэллээх, тобуллаҕас толкуйдаах, олоххо ураты көрүүлээх киһигин.
Туспа стиллээххин, хатыламмат уобарастааххын. Барыларыттан атыннык таҥнаҕын, тус санаалааххын. Эйигин үтүктэ сатыыр оҕо элбэх, сүгүрүйээччиҥ да үгүс. Ол иһин бэйэҕин билинэр буолан эрэҕин. Ити куһаҕан. Улаатымсык буолума.
8. Эн, уобарастаан эттэххэ, үөһэ халлаанынан дайа, куйаарынан көтө сылдьар киһигин.
Кими эрэ сөбүлээтэххинэ, хоһоон бөҕөтүн айаҕын, остуоруйаҕа курдук омуннаах тапталы кэтэһэҕин. Сүрэҕиҥ тугу этэринэн сылдьаҕын, сотору-сотору иэйиигэ куустараҕын.
Романтик дууһалааҕыҥ бэрт. Ити эрээри өйүнэн салайтарар олорорго табыгастаах дииллэр.
- Эн олус аһаҕас киһигин.
Искэр тугу да туппаккын. Үөрбүккүн-хомойбуккун, сонуҥҥун-сэһэҥҥин – барытын таскар тэбиигин, дьоҥҥо тиэрдэҕин. Көхтөөххүн, сайаҕаскын, түргэн-тарҕан туттунуулааххын.
Сорох бүччүм санааларгын, кистэлэҥҥин бэйэҕэр тутарга үөрэн. Уонна арыый холку буол.