Оҕоҕун кытта сыһыаныҥ хайдаҕын, туохха болҕомтоҕун ууруоххун наадатын, тугу уларытыахха сөбүн билиэххин баҕараҕын?
Оччоҕо бу этиилэргэ сөпсөһөр буоллаххына “1” баалы, утарар буоллаххына “0” туруортаан ис. Бүтэһигэр барытын суумалаан баран, түмүгүн ааҕаар.
***
- “Оҕом улаатан, мин көрүүбүттэн тахсан, туспа дьылҕалаах, кыһалҕалаах, олохтоох-дьаһахтаах киһи буоларын санаатахпына, ардыгар уйадыйан, мунчааран ылабын”.
- “Оҕо сымыйалаабат, кини баҕа санаатын, фантазиятын кэпсиир”.
- “Үөрэх билиҥҥи программата олус ыарахан”.
- “Ийэ – дьиэ кэргэҥҥэ аҕа уонна оҕо эйэргэһэр эйгэлэрин олохтуур киһи. Аҕалар оҕолоругар тоҥуй соҕустар уонна кытаанахтар”.
- “Оҕо туһалааҕы оҥоро сатаабыта табыллыбатаҕына, кинини мөҕүө суохтаахпыт, төттөрүтүн санаатын көтөҕө хайҕыахтаахпыт”.
- “Оҕо аһара кэнэнэ, барытыгар олус итэҕэйимтиэтэ – кини майгытын итэҕэһэ буолбатах. Ити сааһын уратыта, сотору кэминэн онтуката ааһыаҕа”.
- “Өскөтүн оҕо утуйарыгар хараҥаттан куттанар буоллаҕына, киниэхэ түүҥҥү лаампа наада”.
- “Оҕом мэник буолбатах, ити бэрээдэгэ суох оҕолору үтүктэр, кинилэр кучуйаннар, ол-бу куһаҕаны оҥорор”.
- “Ханнык баҕарар оҕо үчүгэйэ куһаҕан өрүтүнээҕэр элбэх”.
- “Учууталлар дьаныһан туран дьарыктыыллара, үчүгэйдик сыһыаннаһаллара эбитэ буоллар, мин оҕом үөрэҕэр чаҕылхай буолуо этэ”.
- “Ийэ уонна аҕа оҕолорун бэрээдэгин тула мөккүстэхтэринэ, бүтэһик тылы ийэ этиэхтээх. Тоҕо диэтэххэ, дьахтар диэн айылҕаттан мындыр педагог, ол иһин мэлдьи сөптөөх быһаарыныыны ылынар”.
- “Оҕо барыта спордунан дьарыктаныахтаах. Ас үчүгэйэ кинилэргэ бэриллиэхтээх».
- «Наһаа буойар буоллаххына, оҕо төттөрүтүн тылгын истибэт буолар”.
- “Оҕо кыһалҕаны билиэ суохтаах. Улааттаҕына, онто да суох түбүк-садьык, түһүү-тахсыы элбэх”.
9-14 бааллаах буоллаххына:
Аҕа: эн оҕо иитиитигэр бэйэҥ оруолгун уонна иитии суолтатын ситэ өйдөөбөт эбиккин. Барытын кэргэҥҥэр сэлээнниигин, дьиэҕэр туора киһи курдук сылдьаҕын. Оҕо майгытыттан-сигилититтэн, бэрээдэгиттэн, интэриэһиттэн көрөн буолбакка, бэйэҥ хайдах настарыанньалаах сылдьаргыттан салайтаран ииппитэ-үөрэппитэ буолаҕын. Холобур, оонньуу сылдьар оҕоҕо эмискэ бардьыгыныаххын, биитэр үөрэҕэр эмискэ мөлтөөбүтүн иһиттэххинэ, тоҕо куһаҕаннык үөрэнэр буолбут төрүөтүн быһаара, кэпсэтэ, көмөлөһө сатаабакка: “Чэ, “3” диэн судаарыстыбыннай сыана”, — диэн күлүү-элэк оҥостуоххун сөп. Итинник солуута суох көтүмэх, итиэннэ тоҥуй иитии оҕо майгытын алдьатар.
Ийэ: эн оҕоҕун наһаа таптыыгын. Ол иһин барытын оҥорон, бэлэмнээн биэрэҕин, наар көрө-истэ, бүөбэйдии, барытыттан харыстыы, араҥаччылыы сылдьаҕын. Ол олус үчүгэй эрээри, эн биири өйдөө: кини улаатыа, туспа олохтоох буолуо. Онуоха оҕоҥ олоххо төһө бэлэмнээҕий? Бэйэтигэр эрэллээх дуо? Кыһалҕатын соҕотоҕун быһаарыа дуо? Толкуйдаа эрэ… Аны мантан ыла бэйэтин иннин бэйэтэ көрүнэригэр, быһаарсан сылдьарыгар, быһаарыныыны ылынарыгар кыахта биэрэ сатаа.
4-8 бааллаах буоллаххына:
Аҕа: эн иитии боппуруоһугар төрүт кыһаллыбат, наадыйбат киһигин. Наар бэйэҥ дьыалаҕын, үлэҕин-хамнаскын өрө тутаҕын. Биирдэ өйдөөбүтүҥ — оҕоҥ улаатан хаалбыт. Оттон эн биирдэ даҕаны Саҥа дьылга маскараат оҥорботоххун, кэмигэр сөптөөх сүбэни биэрбэтэххин… Кэлин кэлэн кэмсиммэт туһуттан оҕоҕор болҕомтоҕун уур, аһаҕастык кэпсэт, бэйэҥ холобургунан иит.
Ийэ: эн арыый да оҕоҕор тоҥуй соҕускун. Дьиҕэр, оҕоҕо эмоциональнай эйгэни ийэ олохтуохтаах ээ… Мантан инньэ кини ситиһиититтэн үөрэргин, куһаҕаныттан хомойоргун, кини туһугар долгуйаргын биллэр, кистэлэҥин тэҥҥэ үллэстэр, эйиэхэ туох баарын барытын эрэнэр киһитэ буоларга кыһан.
4 баалтан намыһах буоллаҕына:
Аҕа: оҕоҕор наһаа кытаанах сыһыаннааххын. Дьиҥэр, кини эйигиттэн сылаас сыһыаны, тапталы, болҕомтону, истиҥ тыллары эрэйэр. Биирдэ эмэ төбөтүттэн имэрийэн, сыллаан ылан, үтүө тылларынан хайҕаа ээ. Төһө эрэ үөрүө этэ. Аҥаардас кыыһыран, мөҕөн-этэн, үчүгэй киһини ииппэккин. Кыынньаан-кыынньаан, кыылы иитэн таһаарааччылар.
Ийэ: эн – ийэҕин. Эйигин кытта “сылаас” “сырдык”, “сымнаҕас” диэн тыллар, өйдөбүллэр дьүөрэлэһиэхтээхтэр. Онон оҕоҕор сылаастык, сымнаҕастык сыһыаннас, үтүө тыллары этэ, хайгыы сырыт. Ол киниэхэ күүс эбиэ, бэйэтигэр эрэллээх буоларыгар көмөлөһүө.