1. Биэчэр кэнниттэн эйигин дьонуҥ массыынанан кэлэн ылыахтаахтар. Оттон доҕоруҥ тугунан барара билбэт.
A) Бастаан ханна олорорун ыйыталаһыам. Чугас буоллаҕына, быраҕан ааһыахпытын сөп.
Б) Кэтэһэ түһүөм. Баҕар, биир эмэ аргыс көстүө.
B) Хайдах соҕотох хаалларыахпыный? Дъиэтигэр илдьэн биэрэр буоллахпыт дии.
2. Дьүөгэҥ (табаарыһыҥ) эйиэхэ доҕордоһор уола (кыыһа) кинини хайдах хомоппутун, албыннаабытын туһунан мэлдьи кэпсиир.
A) Сырыы ахсын сүбэ-ама биэрэбин.
Б) Саҥата суох барытын истэбин.
B) Үҥсэргиирин ньиэрбэм тулуйбатын аһаҕастык этэбин.
3. Дьону өйдүүр уонна өйүүр, төһө кыалларынан көмөлөһө сатыыр, бигэ тирэх буоларга кыһаллар киһини туох дии саныыгын?
A) Үчүгэй буола сатаан сордоноохтуур ини.
Б) Маладьыас. Ол эрээри, наар атын дьон туһугар кыһаллар сылаалаах буолуо ээ…
B) Бэрт дии! Үтүө дьон баарыттан үөрэбин.
4. Уулуссаҕа эйигин тохтотоннор, аадырыс ыйыталлар. Эн быһаара сатыыгын да, барар суоллара эриллэҕэһэ бэрт буолан, тылгынан кыайан өйдөппөккүн.
A) Бэйэм сирдиэм.
Б) Кумааҕыга карта уруһуйдаан биэриэм.
B) Атын дьонтон ыйдарарыгар сүбэлиэм.
Аны билигин баалгын бу табылыысса көмөтүнэн аах:
1 2 3 4 5
А 2 2 3 1 3
Б 3 1 2 2 1
В 1 3 1 3 2
5-8: Эн аһыныгаскын, амараххын. Көрдөстөхтөрүнэ, хаһан да аккаастаммаккын, кыаҕын баарынан көмөлөһө сатыыгын. Ол эрээри, ардыгар бэйэҥ тускунан эмиэ саныыр буол.
9-12: Эн дьоҥҥо «мин-эйиэхэ, «эн-миэхэ» диэн бириинсибинэн салайтаран көмөлөһөҕүн. Холобур, уулуссаҕа олорор умнаһыттарга харчы хаһан да биэрбэккин, аһымал ааксыйаҕа кыттыбаккын. Тоҕо диэтэххэ, ол эйиэхэ туох да туһаны аҕалбатын билэҕин. Хата, ол оннугар учууталыҥ көрдөһүүтүн начаас толороҕун. Баҕар, үөрэххэр өрө тардыа дии…
13-15: Эн бэйэмсэххин. Атын киһи кыһалҕатын билэ да, өйдүү да сатаабаккын. Кимиэхэ да көмөлөһөр уонна көмө көрдүүр санааҥ суох. Ол эрээри, олох диэн уустук устуука ээ. «Ойуурдаах куобах охтубат» диэн өс хоһоонугар этиллэринии, бэйэ-бэйэбитин өйөстөхпүтүнэ эрэ өлөн-охтон биэриэхпит суоҕа Ону өйдөө.