- Төрөппүттэриҥ төрөөбүт күҥҥэр кими баҕарар ыҥыраргар көҥүллээбиттэр. Онуоха эн…
А) Билэр дьоҥҥор барыларыгар этэҕин. Ким кэлэр кэлиэ, суох да суох – 10.
Б) Кыраҕыттан билсэр эрэ доҕотторгун ыҥыраҕын. Кинилэри кытта ону-маны саныы-саныы күлээри, уруккуну ахтыһаары –5.
В) Сыаналаах бэлэҕи биэрэр кыахтаах ыал оҕолорун – 1.
- 2. Өскөтүн эйиэхэ: “Атын оскуолаҕа көһүөххүн сөп”, — диэтэхтэринэ, эн…
А) Көннөрү орто оскуоланы талыаҥ этэ. Онно эн курдук сүүһүнэн оҕо үөрэнэр –10.
Б) Гимназияҕа эбэтэр лицейгэ барыаҥ этэ. Онно өйдөөхтөр уонна үөрэххэ баҕалаахтар – 5.
В) Чааһынай оскуолаҕа. Онно аҕыйахтар уонна баайдар оҕолоро – 1.
- Саҥа учуутал үлэлии кэлбит. Кини туһунан бастакы уочарат тугу билиэҥ этэй?
А) Төһө кытаанаҕын уонна ирдэбиллээҕин – 10.
Б) Хас сыл учууталлаабытын, уопутун, урут ханна үлэлээбитин, тоҕо кэлбитин – 5.
В) Үчүгэй сыананы ылар туһуттан кини тугу сөбүлүүрүн, сэҥээрэрин –1.
- Саҥа бүрүчүөскэ муодата кэлбит. Доҕотторуҥ үксэ оннук кырыйтарбыттар. Эн…
А) Доҕотторбуттан ыйытыам. Баҕар, утарыахтара – 10.
Б) Миэхэ барсарын дуу, суоҕун дуу толкуйдаан баран, биирдэ быһаарыныам – 5.
В) Онтон хаалсыаҥ дуо, дьоҥҥуттан харчы көрдөөт, парикмахерскайга сүүрэҕин-1.
- Доҕоруҥ көмпүүтэрэ алдьаммыт. Онтон сылтаан көрсөргүт аччыан сөп дуо?
А) Ээ, хата, ирэ-хоро кэпсэтиэхпит, таһырдьа оонньуохпут. –10.
Б) Эс, онтон туох уларыйыай? Син биир көрсөр буоллахпыт. Кини көмпүүтэргэ бэркэ быһаарсар. Хата, иллэҥсийбиччэ, мин көмпүүтэрбин көрүө, оҥоруо-5.
В) Тиэхиньикэтэ “тобук” киһилиин тугу кэпсэтээри, көрсүбэппин – 1.
0-13. Эн дьону төһө кыахтаахтарынан уонна тас көстүүлэринэн көрөҕүн. Элбэх харчылаах уонна кыраһыабай дьүһүннээх буоллахтарына, доҕордоһо сатыыгын. Кинилэргэ үчүгэй буола сатаан, бэйэҥ элбэҕи тулуйаҕын. Олор хайдах саҥаралларын, таҥналларын кытта үтүктэҕин. Бэйэҥ да кинилэртэн балачча туһанаҕын. Албыннаһарга маастаргын. Ити иһин эйигин аттыттар соччо сэҥээрбэттэр, бодоруһарга сорумматтар, сирэй көрбөх дии саныыллар. Оҕо эрээригин билиҥҥиттэн итинник кэмэлдьилээҕин куһаҕан. Уларыйыаххын наада. Киһини киһи быһыытынан сыаналыырга, судургу уонна көнө, бэйэҕинэн буоларга үөрэн.
14-26. Эн бэйэҥ саастыылаахтаргыттан быдан боччумнааххын, дьоһуннааххын. Билиини-көрүүнү, өйү-санааны инники күөҥҥэ тутаҕын. Ол иһин бэйэҕиттэн аҕа дьону кытта алтыһаргын сөбүлүүгүн. Кинилэртэн элбэх сонуну истэҕин, информацияны иҥэринэҕин. Маладьыас! Ол эрээри, киһини мындыр толкуйа эрэ тупсарбат, майгыта эмиэ сүҥкэн оруоллааҕын умнума.
27-50. Эн билиҥҥэ диэри дьоҥҥо туох өрүттэрин, ханнык хаачыстыбаларын ордук биһирииргин билбэккин. Сырыы аайы уларыйа сылдьаҕын. Ким эрэ: “Уой, кини сытыыта-хотуута наһаа үчүгэй!” — диэтэҕинэ, сонно тута эппит-тыыммыт, киирбит-тахсыбыт, хорсун-хоодуот дьону сэргии түһэҕин. Быһата, сабыдыалга улаханнык бэринэҕин, устугас соҕускун. Ол иһин эйигин доҕор, аргыс оҥостооччу элбэх. Тылларын быһа гыммакка толоро охсор киһини сөбүлүүллэр бөҕө буоллаҕа дии. Ол гынан баран, итнник сылдьан, сыыһа өйдөбүллэринэн салайтарыаҥ, атын сыаннастары өрө тутуоҥ. Ол иһин тус толкуйдаах, туспа көрүүлээх, бигэ тирэхтээх, булгуруйбат санаалаах буоларга кыһалын.