Эн бэйэҕин эҥкилэ суох үчүгэй киһи гына сананаҕын. Ол гынан баран, тоҕо эрэ, сорохтор эйигин кытта кыайан өйдөспөттөр, тапсыбаттар. Онтон сылтаан кыыһырсыаххын, этиһиэххин сөп.
Биллэн турар, оннук түгэннэргэ эн бэйэҕин хаһан даҕаны сыыһалаах курдук санаммаккын. Мэлдьи атыттары буруйдуугун. Дьиҥэр, бэйэҕин туораттан көрөн сыаналыырыҥ эбитэ буоллар, бука, атын түмүккэ кэлиэҥ этэ…
Бэйэҥ хайдах майгылааххын билиэххин баҕараҕын? Оччоҕо бу ыйытыыларга хоруйдаан, төһө холкугун дуу, кыыһырымтаҕайгын дуу быһаар.
«Төрүт сөбүлээбэппин» диэн эппиэт аайы — 3 очукуо, «наһаа буолбатах» — 1, «кыһаммаппын» — 0.
Эн төһө кыынньанаҕый, кыыһыраҕыный, өскөтүн…
- Аттыгар кэккэлэһэ турар киһиҥ табахтаан бурҕаттаҕына.
- Саастаах дьахтар эдэр кыыс курдук таҥныбытын көрдөххүнэ.
- Сөтөлүн да сөтөлүн буоллахтарына.
- Солуута суох күлэн алларастаатахтарына.
- Эйиэхэ өйдөөҕүмсүйбүтэ буоллахтарына.
- Доҕоруҥ хойутаан кэллэҕинэ, өр күүттэрдэҕинэ.
- Ким эрэ кылааска наһаа аһары духууламмыт буоллаҕына.
- Айаххар киириэх курдук, чуп-чугастан туран кэпсэттэхтэринэ.
- Киинэҕэ иннигэр олорор киһиҥ эргичиҥнээ да эргичиҥнээ, тыаһаа да тыаһаа буоллаҕына.
- Көрүөхтээх киинэҕин эрдэ кэпсээн кэбистэхтэринэ.
- Оптуобуһу биир гына улаханнык кэпсэттэхтэринэ.
- Илиилэрин дэлби хамсата-хамсата саҥардахтарына.
- Туохха да туһата суох бэлэҕи биэрдэхтэринэ.
- Ким эрэ тыҥыраҕын кирэ олорорун көрдөххүнэ.
- Тимир, таас аалыллар кычыгырыыр, кыыкыныыр тыаһын иһит тэххинэ.
- Сахалыы ыйыттаххына, нууччалыы хоруйдаатахтарына.
- Кинигэҕин уларсан баран, илдьириппит, ньаҕайдаабыт буоллахтарына.
- Ватсабынан суруйсаргын кэннигиттэи уоран ааҕа туралларын биллэххинэ.
***
48 очукуоттан үөһэ. Бырастыы гын эрээри, эн кыраттан да кыйаханар ньиэрбинэй киһи эбиккин. Ол иһин барыларын кытта кыыһырсаҕын.
Бу олоххо барыта санаа хоту буолбат ээ. Сөбүлээбэккин, табыллыбаты элбэхтэ көрсүөҥ. Ону тулуйуоххун, уйуоххун, сороҕун аахайбакка аһарынан иһиэххин наада. Барытыгар кутаа буолан умайан истэххинэ, ханна ыраатыаххыный? Онон арыый холку буола сатаа, бэйэҕин туттуна, хонтуруоллана үөрэн.
14-48. Үксүбүт да эн курдук буолуохпут. Күннээҕи олох бытархайдарыгар улаханнык кыһаллыбаппыт эрээри, биирдэ эмэ кыыһыран, кыйаханан ылыахпытын сөп.
Киһи үйэтин тухары уопсастыба ортотугар олорор. Онон дьону кытта биир тылы булан, бу курдук эйэлээхтик олороруҥ ордук.
13-тэн аллара. Эн киэҥ көҕүстээх, кыра аайы кыһаллыбат бэрт холку киһигин. Соруйан да кыынньыы сатаатахтарына, улаханнык уордуйбаккын. Ити иһин дьон бары эйигин сөбүлүүр. Ол эрээри ардыгар наһаа нэскин, тоҥуйгун. Сорох долгутар боппуруостарга, тыҥааһыннаах түгэннэргэ көхтөөх соҕус буоларыҥ табыгастаах.