Нууччаларга “Мечтать не вредно, но бесполезно” диэн өс хоһооно баар. Төһө да туһата суох буоллар, ардыгар ыра санаа кынатыгар олорсон, ыраах-ыраах көтөр олус долгутуулаах, үөрүүлээх… Оннук иэйии сыалгын-соруккун ситиһэргэр күөртүүр күүс буолар.
Ол гынан баран, баҕа санаа байҕалыгар аһары элбэхтэ умсар сэрэхтээх. Букатын онно тимирэн, дьиҥнээх олохтон тэйэн, сиргэ үктэммэккэ, үөһэнэн, куйаарынан көтө-дайа сылдьар буолан хаалыаххын сөп.
Оттон эн төһө үгүстүк ыраланаҕын? Онтукаҥ абыраллаах дуу, алдьатыылаах дуу? Бу тургутугу оҥорон бэрэбиэркэлэн эрэ.
- Хайдах киинэлэри көрөҕүн?
А) Охсуһуулаах — 3.
Б) Мелодрама—1.
В) Фантастика – 2.
- Атын дьон туох дииригэр төһө кыһаллаҕын?
А) Кыһаллабын –1.
Б) Соччо аахайбаппын – 2.
В) Төрүт да наадыйбаппын – 3.
- Арай эйиэхэ “Бэйэҥ таптаабыт сиргэр олор” диэтиннэр. Оччоҕо:
А) тайҕа быыһыгар турар үүтээҥҥэ көһүөм этэ – 2.
Б) дьиктилээх-дьиибэлээх, аптаах замокка – 3.
В) сайдыылаах улахан куоракка – 1.
- Настарыанньаҥ суоҕун дьоҥҥо төһө биллэрэҕин?
А) Суох — 3.
Б) Ардыгар – 1.
В) Таспар таһаарбаппын – 2.
- Хаһан да туолбатын билэ-билэ, сымыйалаан туолбаты былааннааччыҥ дуо?
А) Оннук – 3.
Б) Сороҕор – 2.
В) Суох – 1.
- “Ойуур” диэн тылы иһиттэххинэ, өйгөр бастакынан туох өйдөбүл киирэрий?
А) Сибэккилээх толоон — 1.
Б) Мастар, тыа — 3.
В) Ыллык суол – 2.
6-9. Эн сиргэ олус кытаанахтык тирэнэн тураҕын. Нууччалыы эттэххэ, реалискын. Илэ өйгүнэн салайтараҕын. Ол иһин наар тугу эрэ толкуйдуу сылдьар курдук боччумнааххын, дьоһуннааххын. Соһууччу быһаарыылары ылыммаккын. Үчүгэйдик ырытан, илдьиритэн баран оҥороҕун. Күннээҕи түбүктэри үмүрэтэргэ өйгүн-санааҕын уураҕын. Ол иһин наһаа сылайаҕын. Кыратык тохтоон ылан, буолары-буолбаты санаан ыл, баҕа санааларгын хараххар, өйгөр оҥорон көр. Оччоҕо дууһаҥ сынньаныа, саҥа күүс-уох ылыаҥ.
10-14. Ардыгар эн бу сүпсүлгэннээх, дьалхааннаах олохтон тэйэн, бэйэҕэр бүгэн, баҕа санааҥ чуумпу эйгэтигэр сылаанньыйан ылар эбиккин. Онтон эмиэ дьиҥнээх олоххор төннөн, ол баҕа санааларыҥ туолалларын туһугар тэтимнээхтик үлэлээбитинэн, үөрэммитинэн, айбытынан-туппутунан бараҕын. Бэрт да бэрт. Баҕа санааларыҥ ыраахха ыҥыра, ситиһиигэ сирдии турдуннар!
15-18. Хайа, доҕоор, букатын да уруок ааҕаргын, үөрэнэргин умнубуккун буолбаат? Күнү быһа ону-маны, буолары-буолбаты “мечтайдыы-мечтайдыы” сытар эбиккин. Оннук сыттаххына туолбата чахчы. Туран үлэлээтэххинэ, сүүрдэххинэ-көттөххүнэ, хамсаннаххына эрэ баҕа санааҥ туолуо. Онон бастаан үөрэхтээх киһи буоларга дьулус. Сүрэҕэлдьээбэккэ уруоккун аах, билиигин хаҥат.