Кылгас кэм иһигэр учууталлар интэриниэт ситимин нөҥүө үөрэх араас көрүҥүн боруобалаан, устудьуоннарга сөптөөх тирэҕи буларга үлэлэстилэр. Онон устудьуоннар онлайн киирэн үөрэнэллэр. Уопсайынан, харантыын кэмигэр ХИФУ устудьуона тугунан дьарыктаммытын, саҥа үөрэх систиэмэтин туһунан санааларын билэр сыаллаах кэпсэтиини ыыттыбыт.
Ыйытыылар:
- Үөрэҕин туһунан кэпсээ. Туох специалист буоларгын.
- Дьиэҕэ үөрэнии билигин хайдаҕый? Үчүгэй уонна куһаҕан өрүттэрэ.
- Харантыын кэмигэр күннээҕи олоҕун режимытуругун сырдатыаҥ дуо?
- Иллэҥ кэмҥин хайдах атаараҕын? Тугунан эмит эбии дьарыктанарга бириэмэ көһүннэ дуо?
- Оҕолорго тугу сүбэлиэҥ этэй?
Валерия Михайлова, ФЛФ, “суруналыыстыка” салаата, II куурус:
- Үөрэҕим үчүгэй, кыайабын. Суруналыыс үөрэҕэр маҥнай киириэхпиттэн ыла сэргээбитим. Бүтэрдэхпинэ хаһыакка эбэтэр сайтка үлэлиэм. Мин бу идэни кырабыттан бэлиэтии көрбүтүм. Суруналыыс араас аатырбыт дьону кытта алтыһар, аан дойду сонуннарын билэн-көрөн, дьоҥҥо анаан хаһыакка, тэлэбиисэргэ, араадьыйаҕа сырдатар.
- Күн аайы көтүтүүтэ суох пааралабыт буолаллар. “Zoom” диэн сыһыарыы үөрэххэ олус туһалаата. Паараларбыт ол көмөтүнэн бараллар. Күн устата “срс” оҥоробун, ол иһин үөрэх тиэмпэтиттэн ыраах тэйбэтэх курдукпун.
- Уруккутунааҕар хойутуу утуйар буолбуппун. Уопсайга олорор буоламмын, доҕотторбун кытта ас астыыбыт, киинэ көрөбүт.
- Наһаа хомойумаҥ, санаарҕаамаҥ. Барыта үчүгэй буолуо. Бириэмэҕитин таах бараабакка эксээмэҥҥитигэр бэлэмнэниҥ.
Мария Иванова, ХИНТуоКИ, “социальнай культура, сервис уонна туризм” салаата, IV куурус:
- Мин үөрэхпэр туйгуннук үөрэнэбин. Идэм – гостиница, ресторан бизнеһын салайааччыта. Араас өҥөлөргө салайааччыннан үлэлиэхпин сөп.
- Дистанционно үөрэнии этэҥҥэ ааста диэхпин сөп. Мин бүтэһик куурус устудьуона буоларым быһыытынан сессиябын бу ыйга саппытым. Эксээмэннэри “Zoom” сыһыарыы нөҥүө туттарбыппыт. Маннык үөрэнии, бэйэм саныырбынан, соччо учугэйэ суох. Тоҕо диэтэххэ, устудьуоҥҥа тыыннаах кэпсэтии, быһаарыы ордук эбит. Оннук үчүгэйдик өйдүүгүн, үөрэнэ кэлэргэр бэлэмнэнэн кэлэҕин. Онтон тастан үөрэнэргэ умнан да кэбиһэххэ сөп, сибээс мөлтөөн учуутал саҥата харар, иһиллибэккэ хаалыан сөп. Ол эрээри технология эбии сайыннаҕына, киһиэхэ ханнык баҕарар Аан дойду сириттэн сибээскэ түргэнник тахсар буоллаҕына, бэрт үөрэнии буолуон сөп эбит.
- Мин улууска дьиэбэр кэлбитим ый буолла. Чугастыы маҕаһыыҥҥа эрэ тахсабын. Күнү быһа дьиэҕэ олорон эрэн, онон-манан дьарыктана сатыыбын. Холобур, алмазнай мозаика таҥабын, иистэнэбин, киинэ көрөбүн, ас астыыбын, дьоммор көмөлөһөбүн.
- Харантыын иннинэ иллэҥ кэмим аҕыйах буолааччы. Билигин бириэмэ баһаам. Сүрүн дьарыгым – дипломнай үлэбин оноробун. Ону таһынан, уруһуйдуубун, онлайн куурустары көрөбүн уонна тыл үөрэтэр уруоктары кэрэхсиибин.
- Күндү оҕолор, дистанционно үөрэнэр эрэсиими тутуһуҥ. Уһун күнү быһа төлөпүөнү көрүмэҥ, туһалааҕынан дьарыктаныҥ, тереппуттэргитигэр көмөлөһүҥ, видеодневникта устуҥ. Бу маннык кэм хас күн аайы буолбат, олоххутугар саныыр түгэннэри хаалларыҥ, кинигэтэ ааҕыҥ, подкастта истиҥ уонна илиигитин мыылалаан суунаргытын умнумаҥ! Доруобай буолуҥ!
Семён Заболоцкий, Горнай институт, II куурус:
- Үөрэҕим хайысхата «Защита в ЧС» диэн. Ол аата МЧС үлэһитэ буолабын.
- Дистанционно үөрэнэр куһаҕан дии саныыбын. Учуутал оҕолору кытта алтыспакка онлайн үөрэтэрэ уустук. Биһиэхэ тыыннаах эйгэ наада. Сорохторго дэриэбинэлэригэр Интэриниэт мөлтөх, уоттара барар, ол иһин үөрэнэргэ ыарахаттардаах буолар.
- Сарсыарда үөрэх, күнүс спордунан дьарык, дьиэ таһын үлэтэ, киэһэ киинэ көрөбүн, сынньанабын.
- Биллэн турар, үөрэхпэр, сөбүлүүр дьарыкпар, чугас дьоммор барытыгар бириэмэбин сөпкө аттарарга дьулуһабын. Ол эрээри, билигин миэхэ саамай сүрүнүм – үөрэҕим. Үөрэхпиттэн ордор бириэмэбин бүүс-бүтүннүүтүн сөбүлүүр дьарыктарбар аныыбын. Баҕа наада дии саныыбын. Дьиҥнээхтии тугу эрэ оҥоруоххун баҕарар буоллаххына, тугу баҕарар кыайыаххын сөп.
- Күүстээх санаалаах, бэйэ күүһүгэр эрэллээх буолуохха наада. Киһи сатаабатаҕа диэн суох. Онон бэйэҕитин бары өттүттэн тургутан, саҥаны боруобалаан, сөбүлүүр дьарыккытын, бэйэҕитин буларгытыгар баҕарабын.
Алеся Егорова, ФЭИ, “мировая экономика” салаата, III куурус:
- Инникитин бизнес, экономика эйгэтигэр үлэлиир былааннаахпын.
- Миигин билигин дистанционно үөрэнэрбит олус хомотор. Тоҕо диэтэххэ, лиэксийэни аудиторияҕа олорон истэр ордук өйдөнөр. Киһи дьиэҕэ сынньана үөрэммит буолан, үөрэххэ адьас барсыбат. Биир бөлөххө үөрэнэр оҕолорбун, учууталбын, устудьуон олоҕун, араас тэрээһиннэри, түмсүүлэри аҕынным. Арай туһатын аахтахха, биһиги төрөппүттэрбитин кытта бииргэ сылдьабыт. Иллэҥ кэммитин бэйэбитин сайыннарыыга аныыбыт. Саҥа араас дьоҕурга холонон көрүү, ас астыыбыт, үлэлиибит.
- Дьиэҕэ үлэ аахтабын. Элбэҕи ыыталлар. Ону барытын кэмигэр оҥоруохха наада. Zoom сыһыарыыга лиэксийэлэри истэбин.
- Олус элбэх кинигэ аахтым. YouTube араас туһалаах видеолары көрбүтүм. Сарсыарда аайы соҕотох сүүрэбин, эрчиллэбин. Билигин экономика тиэмэтигэр научнай ыстатыйа суруйан саҕалаатым.
- Оҕолор үөрэх таһынан сөбүлүүр дьарыккытын быраҕан кэбиһимэҥ, спордунан үлүһүйүҥ, ырыа, үҥкүү дьарыккытын илдьэ сылдьыҥ, тыллары үөрэтиҥ диэн сүбэлиэм этэ. Элбэх саҥа доҕоттордонуҥ. Бириэмэҕитин туһалаахтык атаара сатааҥ. Былааннаабыккытын ситиһиҥ. Дьиэҕититтэн ханна да ыраатымаҥ, төрөппүттэргитин харыстааҥ!
Оксана Домотова, ИМИ, “машинное обучение и наука о данных” салаата, I куурус:
- Мин магистратураҕа машиннай үөрэтии специалиһын идэтигэр үөрэнэбин. Билиҥҥи сайдыылаах кэмҥэ олус туһалаах идэ.
- Харантыын кэмигэр дьиэҕэ олорон эрэн үөрэнэр тус бэйэбэр үчүгэйдик ааһан эрэр.
- Ыарыы эпидемията саҕаламмытын кэннэ дойдубар тахсан сынньанным. Дьиэбэр өр маннык олорботоҕум ырааппытын дьэ билигин өйдөөтүм. Дьоммор көмөлөһөн, бииргэ олорорум наһаа да үчүгэй.
- Элбэх таҥас тиктим, уруһуй бөҕө уруһуйдаатым. Уопсайынан, кыра эрдэхпиттэн ону маны оҥорорбун сөбүлүүбүн. Балтыбынаан араас видеолары уһулбуппут.
- Оҕолорго этиэм этэ: ханнык баҕарар түгэҥҥэ үчүгэй туһалаах дьарык куруук көстр. Онон онно-манна күүлэйдээбэппит диэн хомойбоккоҕут бэйэҕитин сайыннарын, сүрэҕэлдьээбэккэ үөрэниҥ.
Ааптар: Павел Ильин