Биһиги нэһилиэкпитигэр «Чуораанчык» оҕо саадыгар 2019 сылтан «Сыарҕалаах атынан айан» бырайыагы үлэлэтэр. Оҕолор быйылгы айаннара муус устар 9 күнүгэр «Үүтээн олоҥхото» диэн буолан ааста. Россияҕа Дьиэ кэргэн, Саха өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас сылыгар уонна быйыл Аммаҕа ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕар ананна.
Бу туһунан мин «Чуораанчык» оҕо саадын үлэһитэ Нонна Николаевна Ноговицынаттан ыйыталастым.
– «Чуораанчык» оҕо саада сылгыны өрө туппут Владимир Петрович, Наталья Николаевна Константиновтары Кутаҕа баар сылгы базаларыгар сыарҕалаах атынан айаннаабыппыт. Уолаттар аҕаларын, эһээлэрин кытта сыарҕалаах аттарынан айаннаан тиийбиттэрэ. Хаһаайка Наталья Николаевна уолаттарбытын арчылаан, быырпаҕынан, арыылаах алаадьынан күндүлээтэ. Бу күн оҕоллрбут Кутаҕа сылгы туһунан хоһооннору ааҕан, биир дойдулаахпыт, олоҥхоһут Юрий Борисов олоҥхотун толордулар. Онтон хаһаайын Владимир Петрович аҕаларга, уолаттарга анаан кэс тылын эттэ. Сыарҕалаах атынан айаммыт Аҕа күнүгэр сөп түбэһэн ыытыллар буолан, сыл аайы «Аҕа уолунаан» күрэҕи ыытабыт. Уолаттарга оҕунан ытыы күрэҕэ буолла. Ону тэҥэ быйыл кулууппут үлэһиттэрэ өйөөн, Олоҥхо театрыгар таҥас тиктэрдибит. Онон күүс-көмө буолбут дьоннорбутугар, уонна кулууптарга «Чуораанчык» оҕо саадын аатыттан барҕа махталбытын тиэрдэбит, – диэн Нонна Николаевна кэпсээтэ.
Ити курдук биһиги нэһилиэкпит кырачаан олохтоохторо сылгыны билэ, олоҥхону өрө тута үөрэнэллэр, саха төрүт үгэстэрин эттэригэр-хааннарыгар иҥэринэ улааталлар.
Эрчим НИКОЛАЕВ, VIII кылаас,
В.М. Новиков-Күннүк Уурастыырап аатынан Эмис орто оскуолата, Амма