Оҕом тас көстүүтүгэр итэҕэстээх. Дэриэбинэбитигэр бары кинини билэр буоланнар, онно болҕомтолорун уурбаттар. Оскуола да үөрэнээччилэрэ көрө үөрэнэн кыһамматтар.
Долгуйарым диэн, атын сиргэ үөрэнэ бардаҕына, дьон хайдах ылыныай, сыһыаннаһыай ? Киһи эрэ барыта үчүгэй иитиилээх буолбатах. Биир эмэ куһаҕан санаалаах атаҕастаан үөхтүн, күлүү гыннын ? Оччоҕо оҕом эрэйдээх хайдах буолаахтыыр? Уйан дууһата уйуо дуо? Онто да суох билигин: «Тоҕо мин манныкпыный?»— диэн ыйытан, киһини мух-мах ыытар…
Төрөппүт.
Психолог Раиса Лебедева:
— Суруккуттан сылыктаатахха, эн оҕоҕуттан кыбыстар эбиккин. Оҕоҥ ону бүтэйдии сэрэйэр. Ыарыһахха курдук, киниэхэ аһары болҕомтолоохтук, сэрэхтээхтик сыһыаннаһарыҥ, төттөрүтүн, кини эт саастыылаахтарыттан уратылааҕын, итэҕэстээҕин бэлиэтээн, өйдөтөн биэрэр. Ол иһин барыларын кытта тэҥҥэ тутаргар сүбэлиибин. Өрүү ачаалата, аһына сырыттаххына, най баран хаалыа. Бэйэтин иннин бэйэтэ көрүнэргэ билиҥҥиттэн үөрэниэн наада. Олоххо бэлэмнээх, дьулуурдаах, тулуурдаах, кытаанах буоллаҕына, олороругар чэпчэки буолуо. Дьиэҕэ саһыаран сытыарбакка, куруһуоктарга, түмсүүлэргэ сырытыннара сатаа. Сайдыаҕа, сэргэхсийиэҕэ, уопсастыбаҕа сылдьарга, дьоннуун алтыһарга үөрэниэҕэ, бэйэтигэр эрэллээх буолуоҕа.