Бу соторутааҕыта ыытыллыбыт «Пресса на национальных языках в глобальном медипространстве» норуоттар икки ардыларынааҕы научнай-практическай кэнпириэнсийэ иһинэн Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата тэрийиитинэн оҕо суруналыыстыкатын тула санаа атастаһыылаах эмиэ бэрт сэргэх кэпсэтии буолан ааста.
Кэнпириэнсийэҕэ көхтөөх кыттыыны ылбыт Чурапчы улууһун Данил Григорьевич Барашков аатынан Бахсы орто оскуолатын иһинэн үлэлиир «Бахсы кыымнара» юнкорпост салайааччыта Татьяна Яковлевна Попова оҕолору кытары айымньылаах үлэтин туһунан бу курдук кэпсиир:
— Биһиги оскуолабытыгар 2016 сыллаахха «Бахсы кыымнара» эдэр кэрэспэдьиэннэр постара тэриллибитэ. Айар дьоҕурга үөрэтии куруһуок быһыытынан, сылдьыан баҕалаах оҕолору саастарынан арааран, бииргэ түмпүтэ. Куруһуокка биһиги дьоҕус оскуолабытыттан элбэх оҕо сөбүлээн сылдьыбыта. Оҕолор араас тиэмэлэргэ суруйбут үлэлэрин бары түмсэн, ырытыһан, сыыһатын-халтытын көннөрөн, тупсаран «Юность Севера» оҕо хаһыатыгар ыытарбыт. Оҕо-аймах сөбүлүүр хаһыата, эдэр кэрэспэдьиэннэр үлэлэрин бэчээккэ таһааран испитэ. Оҕолор хаһыаты илиилэригэр тутан үөрүү-көтүү буолааччылар.
Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын кытта ыкса үлэлээбит 5 сылбыт биллибэккэ, өрө көтөҕүүлээхтик ааһан эрэр. Сахалыы тыллаах оҕолор нууччалыы суруйалларыгар, мин санаабар, ийэ тыллара тирэх буолар. Биһиги дьарыктарбытыгар бастаан тиэмэ тула кэпсэтэн, оҕолор айар-тутар дьоҕурдара тахсарын туһугар эбии быһыыны-майгыны үөскэтэр усулуобуйалары тэрийэн, сахалыы толкуйдуулларын ситиһэбин. Ол түмүгэр, бастаан оҕолор үлэлэрин төрөөбүт тылларынан суруйаллар. Онтон үлэ атын көрүҥэр тылбааска үлэлээннэр, нууччалыы бэлэм заметкалар тахсаллар. Биһиги үлэлэрбит 3 хайысханан сурулуннулар: 1) Аптаах остуоруйалар, 2) Көрдөөх кэпсээннэр, 3) Нэһилиэк, оскуола олоҕуттан оҕолор суруйуулара. Барыта 50 үлэ суруллан «Юность Севера» хаһыакка бэчээттэммитэ.
Ити курдук, юнкорпост үлэтэ 2 тылынан баран, оҕолор ийэ тылларын байытарга сөптөөх үлэ ыытылынна. Манна нууччалыы тылынан тахсар «Юность Севера» оҕо хаһыата саха оҕото төрөөбүт тылын баайын сомсоругар төһүү күүһүнэн буолбута.
Татьяна Яковлевна этэринэн, саха оҕото икки тылы тэҥҥэ дьүөрэлии туттаҕына, дьиҥнээх тыл маастара буоларын, онтон оҕо, сүрүннээн суруналыыстыка салаатыгар туттарсыан баҕалаах үөрэнээччи, оскуолаҕа юнкорпостан саҕалаабыт айар үлэтэ инникигэ олоҕор төһүү күүс, тирэх буоларын өссө биирдэ тоһоҕолоон этэбит.
Бэлэмнээтэ Анна СЛЕПЦОВА.