Ньурба оройуонун биир кырдьаҕас нэһилиэгэ Марха – «Хатыҥ Сыһыы» эбэтэр «Таркаайы» диэн ааттардаах. Бу кини урукку, дьиҥнээх ааттара эбит. Аатырбыт, киэҥ сиргэ тайаан сыппыт Марха уокуругун үөскээһинэ бу нэһилиэги кытта ыкса сыһыаннаах.
Мин дьүөгэбинээн Эвелиналыын куонкуруска кытта бара сылдьан, түгэнинэн туһанан, мусуойу көрдүбүт. Бу кыраайы үөрэтэр мусуой оскуола иһинэн үлэлиир. Кини Николай Ильич Степанов аатын сүгэр, 1962 сыллаахха төрүттэммит. Бу түмэл 57 сыллаах уһун-киэҥ историялаах эбит. Манна 10 араас хайысханан экспонаттар көрдөрүллүбүттэр. Мусуой дьиэтэ 100-чэкэ сыл турбут, онон олус эргэ, былыргы. Ис өттө киэҥ-куоҥ, үрдүк, ааннара олус улаханнар. Ититиитэ кэмчи, онон тымныы эбит.
Экспонаттартан саамай күндүлэрэ былыргы иконалар, таҥара дьиэтин маллара эбит. Өссө таас үйэ саҕанааҕы таас сүгэ. Маны олохтоох дьон билбэккэлэр атын сыалга өр сылларга тутта сылдьыбыттар. Хас да сыллааҕыта французтар экспедициялара мусуойу көрөн сөҕөн-махтайан барбыттар. Үгүс экспонаттарга ымсыырбыттар. Мин былыргы ыал туттар малларын, оҕо биһигин сөҕө көрдүм.
Мусуойга өссө хартыыналар бааллар. Худуоһунньук Чикачёв манна олорон ааспыт буолан хартыыналарын бэлэх биэрбит. Уолаттар Судаарыстыбаннас уонна Үлэ килбиэнэ саалаларын сэҥээрэн көрдүлэр. Мамонтовай фауна хоһугар көрдөххө, Марха да өрүскэ мамонт уонна былыр үйэтээҕи бизон олоро сылдьыбыттар эбит.
Марха нэһилиэгин кыраайы үөрэтэр мусуойун олус сөбүлээтибит. Бу маннык киэҥ историялаах түмэлгэ саҥа эбии дьиэ, үлэһиттэр наадалар эбит.
Лияна ФЕДОРОВА, «Ыллык» эдкорпост,
Ньурба, Хаҥалас.