…Бэҕэһээ «прикосновения к истокам предков» оҥордум.
Сиэним, бастакы кылааска быйыл киириэхтээх оҕо, Суорун Омоллоон оҕолорго анаммыт кэпсээннэрин ааҕа сылдьан биир сарсыарда «музей баар эбит дии, онно хаһан барабыт, көрбүт киһи» диэн этии киллэрэн, аҕата ийэтэ сөбүлэһэн, биир сөрүүн күнү талан, миэхэ олохтоох киһиэхэ эппиттэрин ылынан, музей үлэһиттэригэр биир билэр киһибэр эрийэн, хастан хаска диэри үлэлиирин ыйытан, сарсын барыахпытын баҕарарбытын биллэрдим.
Сөп диэн сөбүлэһэн, «кэлээт да миэхэ эрийээриҥ, биллэрээриҥ» диэтэ. Сарсыныгар айаннаан 11 ч. 30 мүн. тиийэн, Изабелла Яковлевна Жерготова хайдах хантан саҕалаан көрөрбүтүн билиһиннэрэн бэйэтэ сылдьыста. Үрдүттэн таһынан таах көрөн кэбиһиэ эбиппит. Онтубут хас биирдии чороон оһуорун ис хоһоонуттан, өбүгэлэрбит олорбут кэмнэриттэн, тутууларын, туттар тэриллэриттэн саҕалаан кэпсээбитэ, бэйэбититтэн, сиэммиттэн ыйыта ыйыта, таайтаран кэпсээбитэ оһуобай да буолан таҕыста.
Туох барыта төрүттээх ис хоһоонноох диэн этэллэринэн көрдүбүт-иһиттибит, хаартыскаҕа түһэрбитин көҥүллээн, сиэн уолбутун төрүт омугун кытта ситимнээтибит.
Олох сайдыбыт буолан, сиэним бэйэтэ сотовайыгар хаартыскаҕа түһэрдэ, ыйыталаста, аал харысхал маска алаадьы ууран, баҕа санаатын этэн саха буоларын төрүттээҕин билиннэ.
Икки аҥаар чаас сырыттыбыт. Мин сылайдым, тохтоон өбүгэлэрбит түөлбэтигэр олорон сахалыы алаадьы, уу иһэн олорон эрэ кэпсэттибит. Элбэҕи да билбэт эбиппин өссө биирдэ итэҕэйдим. Сирдээччи, кэпсээччи Изабелла Яковлевнаҕа хайдах эрэ ымсыыра санаатым, кини билэрин төрүттэрин дьонун-сэргэтин кэлэр көлүөнэҕэ тиэрдээччи, утум салҕааччы буоларыттан. Өссө биирдэ биирдиилээн да буоллар оһуобай да өйдөөх-санаалаах дьон төрөөн-үөскээн ааспыттар эбит. Наһаа да инникигэ эрэллээх дьон буолан, 21-с үйэҕэ диэри тиийэ кэлбиттэр. Көрүөхтээхпин-истиэхтээхпин аҥаарын да эрэ буоллар көрбүппүттэн-истибиппиттэн олуһун үөрдүм, хайдах эрэ хайаан да оҥоһуллуохтааҕы, барытын да буолбатар, оҥорбуппуттан.
Төннөн айаннаан иһэн утуйа сытар сиэммэр махтана санаатым, олоҕор хаһан да умнуллубат түгэннэри бэйэтэ баҕа санаатынан ылыммытыттан, дьэ кэлэн өйдөөтүм музейбыт үлэһиттэрэ үлэлэрэ туохха сытарын, туһаайыллыбытын кэлэр көлүөнэ көрдө-иһиттэ. Улаатан истэҕин аайы билиитэ тэнҥэ кинилиин улаатыа, өссө эдэр көлүөнэҕэ тиэрдиэ.
Музей үлэһитигэр Изабелла Яковлевна Жерготоваҕа улахан улахан махтал! Оҕоҕо сатаан кэпсээбиккэр, таабырын гына таайтарбыккар. Оҕо ис иһигэр киирэн олохсуйбут урукку наадалаах тирэхпитин тиэрдибиккэр. Элбэҕи кэпсэттибит, элбэҕи иһиттим. Сылдьыбыт дьонтон өссө элбэҕи киһи ылар эбит диэбитин хайдах эрэ оннук буолуон сөп дии санаан, аҥардас бэйэм олохпор Суорун Омоллооннуун буолбут түгэннэри санаан ылаталаатым.
Бэҕэһээнҥи күнүм сиэним, эдэр көлүөнэ көмөтүнэн бэркэ да ааста диэн түмүккэ кэллим.
Гаврил Иванович КАПРИН, көҥүл тустууга ССРС спордун маастара,
ССРС Сэбилэниилээх Күүстэрин үс төгүллээх чемпиона,
ССРС Оборонаҕа министиэристибэтин Кубогын икки төгүллээх хаһаайына,
Таатта улууһун бочуоттаах гражданина
От ыйын 24 күнэ 2024 с.