Убаастыыр киһибит, тапталлаах суруйааччыбыт Иван Васильевич Мигалкин күн сириттэн күрэммитин олус курутуйа иһиттим…
Оҕо сааспар суруйааччыны кытта көрсөн ааспыт кэммин олоҕум биир үтүө түгэнинэн ааҕабын. Кини төһө да суох буоллар оҕолорго анаабыт айымньылара кинини ааттата туруохтара.
Быдан дьылларга быраһаай, таптыыр суруйааччым Иван Мигалкин…
Үтүө аатын ааттаныа
Ытыктыыр, сүгүрүйэр киһибэр Иван Васильевич Мигалкиҥҥа аныыбын
Көрбүтүм эйигин
Кыра оҕо сааспар –
Ааҕан, билэн улааппытым
Аптаах остуоруйаларгын, хоһоонноргун.
Оҕолорго кэпсиирин
Кэрэ мичээр аргыстаах,
Уустаан-ураннаан ааҕарыҥ
Көрдөөх-нардаах хоһоонноргун.
Уруучука, значок арааһын
Умсугуйан муспуккун
Уратытык кэпсииргин
Убаастааммыт истэрбит.
Үйэлэргэ умнуллубат
Үтүө холобур буолаҥҥын,
Үүнэр-сайдар ыччаккар
Үтүө ааккын хааллардыҥ.
Эрчим НИКОЛАЕВ, VIII кылаас,
В.М. Новиков-Күннүк Уурастыырап аатынан Эмис орто оскуолата, Амма