Саха өрөспүүбүлүкэтин Национальнай бибилэтиэкэтэ олунньу ый 12 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ оскуолаларын алын, орто оскуола сүһүөх 3 — 8 кылаастарын үөрэнээччилэригэр Төрөөбүт тыл уонна сурук–бичик күнүгэр аналлаах «ТАПТЫЫР САХАМ ТЫЛЫНАН…» өрөспүүбүлүкэтээҕи ааксыйаны ыытар.
“ТАПТЫЫР САХАМ ТЫЛЫНАН…”
өрөспүүбүлүкэтээҕи ааксыйа 2017 сыллаахтан ыытыллар.
2019 сылга диэри алын сүһүөх оскуола оҕолоругар ыыппыт буоллахпытына, былырыыҥҥыттан орто сүһүөх оҕолор, ол эбэтэр 5тэн 8 кылаас үөрэнээччилэригэр ыытыллар. Ол курдук, былырыын 7799 үөрэнээччи саха тылыгар, литературатыгар билиитин тургуппута.
Ааксыйа тэрээһинин туһунан сиһилии 89644238311 билсиҥ!