Оскуолабытыгар кылаастар икки ардыларыгар «Сахам мааны таҥаһа, баай сандалыта» диэн сахалыы таҥаһы уонна сандалыны киэргэтиини көрүү буолла. Маны таһынан ССРС уонна РФ норуодунай артыыската А.Е. Ильина 80 сыллаах үбүлүөйүгэр аналлаах «Таптыыр-ахтар Сахам сирэ» төрөөбүт дойду туһунан ырыа күрэҕэ буолан ааста.
Кылаастар олус үчүгэй мааны остуоллаах, ылбаҕай ырыалаах, хомус аптаах тыаһынан көрүстүлэр. Бары даҕаны наһаа үчүгэй бэлэмнээхтэр, сахалыы таҥастаахтар. Мин бу күрэхтэри көрө, хаартыскаҕа түһэрэ сылдьаммын, элбэх араас сахалыы бүлүүдэ баарын биллим. Өбүгэлэрбит урут-уруккуттан айылҕаттан сибиэһэй аһынан аһаан олорбуттарын бүгүн сандалыга хоточчу тардыллыбыт ас арааһа көрдөрдө. 7-с кылаас оҕолоро 65 араас ас арааһын аҕалан киэргэтэ ууран кэбиспиттэрин сөҕө көрдүм. Туох суоҕуй манна? Собо тылыттан тыа мааны кыыла тайах этин миинигэр тиийэ тардыллыбыт!
Ырыа тэрээһин биир туспа ураты кэрэтэ буолла. Сахабыт сирин туһунан ырыа буолбут хоһооннор элбэхтэр. Олортон бүгүн И.М. Гоголев, С.П. Данилов, П.Н. Тобуруокап, В.М. Новиков-Күннүк Уурастырап тылларыгар истиҥ ырыалар толорулуннулар.
Тэрээһиммит олус көхтөөхтүк, уратытык ааста. Түмүккэ кылаастар сандалы тула олорон кэпсэтэ-кэпсэтэ чэй иһэн тарҕастылар.
Алина Санникова, «Эрчим» эдкорпост, Дүллүкү, Үөһээ Бүлүү.