Таатта улууһугар «Сатабыл» Оҕо айымньытын дьиэтин иһинэн үлэлиир, барытыгар дэгиттэр талааннаах «Ситик» оҕо тэрилтэтин лидердара Саха КВН-ныын аргыстаспыппыт, доҕордоспуппут уонтан тахса сыл буолла. Ол тухары улууспутугар инники күөҥҥэ сылдьабыт, региоҥҥа, республикаҕа призердарбыт, араас анал аат хаһаайыннарынабыт.
Муус устар 13-14 күннэригэр хас да сыл тохтоон турбут тапталлаах, кэтэһиилээх XXII-с өрөспүүбүлүкэтээҕи оскуола оҕолоругар «Саха КВН» күрэҕэр Уус-Алдан улууһун Бороҕон сэлиэнньэтигэр кыттыыны ылан үөрэн-көтөн кэллибит. Биһигини ып-ыраас, сып-сырдык, сып-сылаас «Өркөн» эбии үөрэхтээһин киинигэр олус истиҥник көрсөн, анал кабинет биэрэн, итии аһылыгынан хааччыйан, хонор сирбитин булларан, икки күн устата үөрүү үктэллээх сырыттыбыт.
Күрэхпитигэр икки күн устата 10 хамаанда илин-кэлин түсүһэн оонньоото. Оонньуу үрдүк таһымҥа өрө күүрүүлээхтик ааста. Бастакы күн «Эҕэрдэлэһии» уонна «Биатлон» күрэхтэрэ буоллулар. Иккис күн «Музыкальнай дьиэҕэ сорудах» барыбытын да түмэн, “Саха КВН” баарын, барыбытын түмэр аналлааҕын бигэтик көрдөрдө.
Икки күннээх оонньуу түмүгүнэн биһиги ырыаһыппыт, хамаандабыт биир күүстээх оонньооччута Алик Григорьев «Бастыҥ куолас» анал аат хаһаайынынан буолла. Үөрүүбүтүн өссө үрдэтэн, инникибитигэр улахан олугу ууран дьаныардаах, күүстээх бэлэмнэнии түмүгүнэн, үһүс миэстэни өрөспүүбүлүкэҕэ ылары ситистибит.
Ханнык да саастаах оҕолору түмэр сахалыы тыыннаах “Саха КВН”ны төрүттээччигэ бары ытыктыыр киһибитигэр Геннадий Иванович Охлопковка улахан махталбытын тиэрдэбит. Биһиги “Саха КВН”ныын тэҥҥэ сайынныбыт, сахалыы тылы көргө – көрүдьүөскэ табатык туттарга бу сыллар тухары үөрэннибит, араас улуус оҕолорун кытта доҕордостубут.
Улахан ситиһиилээх айан буолбутунан бииргэ оонньообут табаарыстарбар, хамаандабар улахан махталбын биллэрэбин. Бу күрэххэ барарбытыгар күүс-көмө буолбут спонсордарбытыгар, сымнаҕас айаннаах суоппарбытыгар «баһыыба» мааны тылларын этэбит, инникитин даҕаны биһиги сайдарбытыгар күүс-көмө буолуоххут диэн эрэнэбит.
«Ситик»оҕо тэрилтэтин «Саха КВН» хамаандатан оонньооччута Ая Таппырова,
Тааттаҕы «Сатабыл» оҕо айымньытын дьиэтэ.