Дьокуускай куорат төрөөбүт күнүнэн — 390 сааһынан кэнчээри ыччаппыт истиҥ эҕэрдэ тылларын аныыллар. Бүгүн «ГКОУ РС(К)ШИ для обучающихся с ТНР» мөлтөхтүк саҥарар оҕолор оскуолаларыттан эҕэрдэлэр кэллилэр.
Тупса, киэргэйэ тур, мин тапталлаах куоратым!
Мин тапталлаах куоратым – Дьокуускай. Куораппыт сотору 390 сааьын туолуоҕа. Кини Сибиир биир саамай кырдьаҕас куората. Урут Дьокуускай мас дьиэлэрдээх этэ, билигин элбэх таас тутуулаах, аныгы тутууларынан күннэтэ киэркэйэр.
Куораппытыгар фонтаннаах күөллэр, дьон сынньанарыгар аналлаах тупсаҕай сквердэр, пааркалар, оонньуур былаһааккалар элбээн эрэллэр. Сибэккинэн симэммит уулуссаларынан хаамар наһаа үчүгэй.
Мин куоракка саамай сөбүлээн сылдьар сирим – паарка. Пааркаҕа от-мас, сибэкки элбэх, араас аттракционнарга хатааһылыырбын, аһыырбын, дьиэ кэргэммин кытта дуоһуйа сынньанарбын сөбүлүүбүн. Тупса, киэргэйэ тур, мин тапталлаах куоратым, Дьокуускай!
Каролина РЕШЕТНИКОВА, 6 «б» кылаас үөрэнээччитэ.
Мин куораппын наһаа таптыыбын!
Хас биирдии киһиэхэ төрөөбүт дойдута чугас уонна күндү. Дьокуускайга мин чугас дьонум, аймахтарым уонна төрөппүттэрим олороллор.
Куоратым күһүнүн наһаа сөбүлүүбүн. Уулусса кытыытыгар үүнэн турар хатыҥ, үөт мастар саһаран, дьөлүһүөн отоно кытаран турара көрөргө наһаа кэрэ. Кыһынын эмиэ туспа кэрэ көстүү. Туманнаах мастар кырыанан бүрүллэн тураллара эриэккэс көстүү.
Араас аныгы тутуулар, дьиэлэр, сынньанар пааркалар тутуллаллар, куораппыт күнтэн күн уларыйан, тупсан иһэр.
Дьокуускайбыт өрүү ыраас, күөх буоларын туһугар бары кыһаллыахтаахпыт. Оччоҕо эрэ куораппыт үүнүө, сайдыа, тупсуо. Мин куораппын наһаа таптыыбын уонна саамай тымныы дойдуга олорорбуттан астынабын, киэн туттабын.
Артем СТРУЧКОВ, 6 «б» кылаас үөрэнээччитэ.
keskil14.ru