Саха норуодунай суруйааччыта Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатын дьоһуннук сүгэр «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын аатыттан Дьокуускай куорат 390 сааһынан бука барыгытын ис сүрэхпититтэн эҕэрдэлиибит! Маны сэргэ, биһиги таһаарыыларбытын: «Чуораанчыгы», «Колокольчигы+», «Кэскилбитин», «Бэлэм буолу», Юность Севера» сурунаалларбытын ааҕар оҕолорбутугар, ыччаттарбытыгар эҕэрдэ бастыҥа!
Саханы саха дэтэр, нуучча, омук тылын толору баһылаан иитиллэн тахсар инники интеллигенция киинэ түспүт сирин — төрөөбүт куоратын ытыктыыр, харыстыыр, улаатан баран сайдарын туһугар санаатын ууран туран үлэлиир ыччаты иитэн таһаарарбытынан биһиги киэн туттабыт.
Биһиги таһаарыыларбытыгар уонна саха сайдар саҕаҕар, ол эбэтэр иитэр эйгэбитигэр «Сүдү суолталаах кэпсэтиилэри» ( «Разговоры о важном») сэргэ, «Этнопедагогика лабораторията» диэн ураты уонна сүрдээх киэҥ, кэрэхсэбиллээх хайысханы тутабыт. Бу тэрээһиннэрбитигэр, салайар, иитэр, үөрэтэр эйгэбитигэр сыста түһэн биир ситимнээх үлэни ыытыахпыт диэн бүк эрэнэбит.
Тапталлаах куораппыт төрөөбүт күҥҥүнэн!
Үүнэ-сайда, туругура тур өрүүтүн, Дьокуускайым!
Эҕэрдэни кытары Татьяна ЖИРКОВА,
Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын сүрүн эрэдээктэрэ.