Бугун, ол эбэтэр ыам ыйын 5 кунугэр Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйын аатынан
Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугар Харбалаах төрүттэммитэ 60 сылынан «Тапталлаах Харбалаахпынан киэн туттабын!» үөрүүлээх, дириҥ ис хоһоонноох тэрээһин буолла.
Бу тэрээһиҥҥэ тапталлаах төрөөбүт дойдубут туһунан ырыа, хоһоон, уруһуй, дакылаат көмүскээһинигэр, өйтөн суруйууга күөн күрэс арааһа буолла. Маны таһынан, «Уруккуга эргиллэн көрдөххө» диэн быыстапка арааһа тэниччи тардылынна. Харбалаах маҥнайгы тутааччыларын үйэтитэр презентация, киинэ көрүүтэ буолла. Харбалаах «Дьоһун дьарык» коллекционердарын түмсүүтэ Харбалаах бастакы сылларын кэрэһэлиир быыстапканы тэрийэн, тэрээһин ис хоһоонун ситэрэн биэрдилэр. Манна туох суоҕуй диэх курдук: и лиинэн эриллэр миксер, тимэх арааһыгар тиийэ баай коллекциялара киһи сурэҕин долгутта. Олус үчүгэй урукку маллар-саллар, илии суунар мыылаттан саҕалаан, баттах туттарар эрэ һиинэҕэ, от күөх дьүһүннээх эмээллээх тимир иһит нобуоругар тиийэ бааллар. Ону таһынан, урукку хаһыаттар, хаартыскалар эдэр ыччат романтиката-Харбалаах тутуутун устуоруйатын барытын сэһэргииллэр.
Олус истиҥ интэриэһинэй тэрээһин буолан ааста. Аҕам саастаах дьоҥҥо, ыҥырыылаах ыалдьыттарга барҕа махталбытын тиэрдэбит. Бүгүҥҥү тэрээһинтэн тапталлаах төрөөбүт дойдубут туһунан наһаа элбэҕи билэн, дуоһуйан тарҕастыбыт.
Наташа Никифорова, Таатта, Харбалаах.