Быйыл Арассыыйа үрдүнэн Пионерия 100 сылын бэлиэтиир. Пионердар сүрүн атрибуттарынан барабаан, пионерскай Знамя, горн уонна кыhыл хаалтыс буолара.
Тандатааҕы Иван Павлович Готовцев аатынан историко-архитектурнай музей пуондатыгар баар бастакы пионерскай барабаан уонна пионерскай Знамя туһунан билиһиннэрэбит.
Гражданскай сэрии Дьоруойа, культармеец Гаврил Васильевич Егоров 1930 с. Москваҕа бара сылдьан ССРС Киин Ситэриилээх комитетын бэрэссэдээтэлин М.И. Калинины, үөрэх народнай комиссарын А.С. Бубнову сирэй көрсөн Танда оскуолатын тутуутун боппуруоһугар кэпсэппитэ. Ити түмүгэр эбии оскуола тутуутугар 200 тыһ. солкуобайы анатан ылбыт уонна оскуола оҕолоругар кэһиитин пионерскай барабаан, горн, Знамя аҕалбыт.
Бу туһунан оччотооҕу кэм пионера Прасковья Ивановна Посельская маннык ахтыбыт: «1931 сыллаахха пионерга киирэрбитигэр Москваттан аҕалбыт икки барабаанын, горнатын, пионерскай Знамятын үөрүүлээхтик Октябрь бырааһынньыгар туттарбыта. Саҥа киирэр пионердарга мэктиэ тылы этии кэнниттэн, эмиэ соҕурууттан аҕалбыт кыһыл хаалтыһы бэйэтинэн үөрэн-көтөн туран баайталаабыта. Кини аатынан этэрээт пионердара холкуос, оскуола араас үлэлэригэр актыыбынайдык кыттарбыт».
Бу историческай маллары Бээрийэ, Танда оскуолаларыгар дириэктэрдии сылдьыбыт Иннокентий Константинович Кривошапкин музейга бэлэхтээбит.
Бу туһунан Тандатааҕы историко-архитектурнай музей иһитиннэрэр.
Источник: keskil14.ru
Тандатааҕы музейга хантан бастакы пионерскай барабаан уонна Знамя кэлбитэй?