Үөһээ Бүлүү улууһун агро хайысхалаах Тамалакаан орто оскуолатыгар «Уус кыһата» диэн куруһуок 2018 сылтан үлэлиир. Салайааччы Терентьев Семен Георгиевич үрдүкү кылаас уолаттарын мунньан дьарыктыыр.
Пахомов Гоша, Иванов Слава, Терентьев Гоша, Баппагай Моруот былыргылыы сахалыы ньыманан тимир быһахтары, кыптыыйдары оҥороллор. Бу уһаарыы уратытынан өрүс тааһын уулларан, тимирин таһааран, оҥоруу буолар. Маны таһынан, тимиртэн араас ыскамыайкалары, сибэккилэри чочуйаллар. Үлэлэринэн араас таһымнаах кэмпириэнсийэлэргэ кытталлар, олоххо бэлэмнэнэллэр, инникигэ былаан элбэх.
Терентьев Семен Георгиевич, «Уус кыһата» куруһуок салайааччыта:
— Тимири уһаарыыны Чап уустара үөрэппиттэрэ. Бэйэм тиэргэммэр хабаан хастан, уһаарар кыһа туттан, билигин кыралаан уһаарабыт. Уолаттарга тугу бэйэм сатыырбынан көрдөрөбүн. Онтон бэйэлэрэ сатыылларынан боруобалаан оҥороллор. «Хайаан да маннык гыныахтааххын» диэн хаһан да эппэппин, тоҕо диэтэххэ, бэйэм билбэтим-сатаабатым элбэх буоллаҕа.
Бу видеону «По следам предков» фестивальга на анаан устубуппут.
keskil14.ru