Норуот педагогикатын лабораторията
Ааттыын да үчүгэйин, күндү ааҕааччы — «Арылы Кустук», «Талыы-талба Таатта».
Бу күннэргэ «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата ытык сиргэ – Тааттаҕа тиийэн ыалдьыттаата. Үөрэнээччилэрдиин, бииргэ үлэлиир, эйгэни тэрийсэр дьоммутун, иитээччилэрбитин, учууталларбытын кытта көрсөн, сэһэргэһэн, үчүгэй биэриилэри оҥорон таһаарар сыаллаах видеоҕа төһө кыайарбытынан устан кэллибит. Ити биирэ.
Үчүгэй сонунтан сэһэргээн аастахха маннык. «Бэлэм буол»-«Кэскил» хаһыаттарбыт солбуллубат эрэдээктэрэ, ытык киһибит Нина Иннокентьевна Протопопова салайар кэмигэр «Учуутал аргыһа» уонна нууччалыы таһаарыыта «Учительский вестник» диэн учууталларга аналлаах олус үчүгэй хаһыаттар бааллара.
Ол хаһыаттар, хомойуох иһин, «Кэскил» иһинэн тахсыбат буолбуттара ыраатта. Ону сөргүтэн, саҥа кэмҥэ саҥаттан уонна саҥа санааны олордон, бастаан утаа ВКонтакте социальнай ситимҥэ «Учуутал аргыһа» сирэйбитин арыйдыбыт. Бу мээнэ санаа буолбатаҕа чахчы, инникитин бүтүн саха норуотун киинниир, саха санаатын сөптөөхтүк олордор, сүбэ-соргу буолан сайдыыга сирдиир тус эйгэбитинэн буолуохтаах.
Манна ««КЭСКИЛ» норуот педагогикатын лабораториятын» тэрийэн, арыйан иитээччигэ, учууталга, төрөппүккэ үлэтигэр туһанарыгар сөптөөх тирэх буолар видеонан лекциялары киллэрэн саҕалаатыбыт. Соһуйуохпут уонна үөрүөхпүт иһин олус сонун буолла!
Онон, күндү ааҕааччы, эн эмиэ кытаатан бэйэҥ тускар туһан уонна биһигини кытта биир санаалаах үлэлииргэ ыҥырабыт.
«Чуораанчык» уонна «Колокольчик» оҕо уус-уран сурунааллара чугас доҕотторбут бу «Арылы Кустук» ситимэ Ытык Күөлгэ оҕо уһуйааннарын иитээччилэригэр икки күннээх семинар түһүлгэтин тэрийдэ. Мин ыксаан бу бүтүн балаһыанньаны олордон кэбиспит буолбатахпын, саас-сааһынан сиһилии көрдүннэр диэн киллэрдим.
«Айдарык» диэн бу туох тылай, эһиги санааҕытыгар…?
Мин саныахпар, бу иитээччи саха буолан туран айдарыллан кэлэр уонна кэлбит уратытынан сатабыллаахтык оҕону кытта алтыһыыта, дьүөрэлэһиитэ.
“КӨМҮС КҮҺҮН АБЫЛАҤА”. ИИТЭЭЧЧИ АЙДАРЫГЫН АРЫЙЫЫ
«Арылы Кустук» үөрэхтээһин общественнай ситимин кыһатын
БАЛАҺЫАННЬАТА
Буолар сирэ: Таатта улууһа, Ытык-Күөл сэлиэнньэтэ;
Буолар күнэ-дьыла: 2022 сыл балаҕан ыйын 20-21 күннэрэ;
Кытталлар: айар айылгыларын уһугуннарыан, сайыннарыан баҕалаах дьыссаат иитээччилэрэ, исписэлиистэрэ, уо.д.а.
Сыала-соруга: айдарык туһунан өйдөбүлү биэрии;
- иитээччи айылҕаттан айдарыытын арыйарыгар, сайыннарарыгар табыгастаах усулуобуйаны тэрийии;
Ураты ирдэбиллэр: эрдэттэн сайаапка түһэриитэ (1-кы сыһыарыыны көр)
— “Хадаайы” түмэлгэ киириигэ төлөбүр киһиттэн 100 солк.;
— күһүҥҥү айылҕаҕа күн аҥаара сылдьарга аналлаах ичигэс халыҥ таҥас;
— маастар кылаастарга туттар тэрил, эбэтэр харчынан төлөбүр (аллараа көр);
Программаҕа:
Бириэмэ-тэ | ААА, дуоһунаһа | Тиэмэтэ, соруга | ||||
Балаҕан ыйын 20 күнэ, оптуорунньук, «Алгыс» балаҕан | ||||||
14:00-14:10 | “Арылы кустук” кыһатын арыллыытын сиэрэ-туома | Үлэҕэ туһаайыллыы | ||||
14:00-14:30 | Жиркова Татьяна Ильинична, Н.Е.Мординова-Амма Аччыгыйа аатынан “Кэскил” оҕо бэчээтин кыһатын сүрүн эрэдээктэрэ, Россия суруналыыстарын сойууһун, Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, төрөппүт. | Дьиэ кэргэҥҥэ сахалыы ааҕар эйгэни сөптөөхтүк тэрийии | ||||
14:30-15:30 | Жиркова Татьяна Ильинична консультацията (педагогтар бэчээттэнэргэ бэлэмнээбит матырыйаалларгытын илдьэ кэлэҕит, суруттарыы бэрээдэгинэн биирдиилээн көрсөҕүт) | Үлэлэри, ыстатыйалары араас матырыйааллары бэчээккэ бэлэмнээһин | ||||
14:40-15:40 | Чехордуна Екатерина Петровна, түмсүү научнай салайааччыта | Айдарыгы арыйыы суола-ииһэ, ньымалара | ||||
15:40-16:20 | Степанова Марианна Вячеславовна, «Сделано в Татте» бырайыак салайааччыта, Taatta pattern бренд төрүттээччитэ, “Оһуордаах Таатта” айар мастырскыай салайааччыта, Россия декоративно-прикладной ходуоһунньуктарын союһун чилиэнэ | |||||
16:20-17:00 | Сивцева Изабелла Александровна, А.Е. Мординов аатынан Таатта лицейин дириэктэрэ, улуус олоҥхоҕо ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ | Айыы суолунан айан – Ытык анал | ||||
Балаҕан ыйын 21 күнэ, сэрэдэ, «Алгыс» балаҕан | ||||||
9:00-11:00 | Сыдьаайа, Байдам Филипповтар, бэйэни салайыныыга туһуланар «ТИРЭХ» үөрэҕи ыытааччылар, саха итэҕэлин, өбүгэ үгэһин, сиэри-туому тиэрдээччилэр | Хойутааһына суох болдьоммут бириэмэҕэ кэлэҕит. | ||||
11:00-12:00 | эбиэт | 250 солк. комплекснай эбиэт тэриллэр | ||||
«Хадаайы» литературнай-художественнай түмэл. Түмэлгэ киирии төлөбүрэ киһиттэн — 100 солк. | ||||||
Бириэ-мэтэ | Тэрээһинэ | Ыытааччыта | Туттар мал-сал | Буолар сирэ | ||
12:00-15:00 | Пленэр | Павлова В.Н.-“Сулусчаан” ОСК оҕо саадын иитээччитэ, Ытык Күөл 8924 595 46 87 | Таҥара дьиэтин аттыгар мустуу, уруһуйдааһын түмэл территория-тынан | |||
Попова А.К. – “Кэнчээри” ОСК оҕо садын иитээччитэ, Ытык – Күөл 8984 102 99 75 | 12 дьүһүннээх акварель кырааска, 1, 3, 5 №-дээх киистэлэр, боростуой харандаас | |||||
12:00-12:40 | Оһуохай матыыбынан распевка | Туманов В.В. –“Кэскил” оҕо саадын музыкаҕа уһуйааччыта, Харбалаах | + Баян доҕуһуолунан ырыа-тойук | УРАҺА | ||
12:40-13:20 | Хомуска холонуу | Огонерова Г.С. – Тыараһа ОО музыкаҕа уһуйааччыта, Кыйы | ||||
13:20-14:00 | Кылыһах таһаарыы | Яковлева П.В. -“Аленушка” ОСК оҕо саадын иитээччитэ, Чөркөөх | ||||
14:00-15:00 | Оһуохайга холонуу | Попова Л.А. –Дьохсоҕон ОО оҕо хамсааһынын тэрийээччитэ, Боробул | “Оҕо саас оһуохайа” авторскай пособие атыыланыаҕа | |||
12:00-15:00 | Хоһоонунан хоһуйуу | Павлова Г.С. -“Чуораанчык” ОСК оҕо саадын иитээччитэ, Ытык Күөл | Суруйар кумааҕы, харандаас, уруучука, иитиилээх ватсаптаах телефон | Сцена аттыгар мустуу, түмэл территория-тынан | ||
12:00-15:00 | Аныгы моһуоннаах харысхал. | Рожина С.А. -Дьохсоҕон ОО дириэктэрин солбуйааччы, Юмшанова А.М. — тьютор, Боробул 8914 297 51 64 | 270 солкуобайга харысхал оҥоһуллар, матырыйаала бэриллэр | Түмэл хонтуората | ||
12:00-15:00 | Салама быаны хатыы | Дьяконова Т.С. – “Сулусчаан” ОСК оҕо саадын иитээччитэ, Ытык Күөл 8914 222 01 32 | 200 солкуобайга бэлэмнэниллибит сиэл | Балаҕан | ||
“Аар хатыҥ” хоһооҥҥо «Pop-up» технология-нан кинигэ оҥоруу | Колодезникова А.И. — Тыараһа ОО иитээччитэ, Кыйы 8924 769 39 33 | Кыптыый, силимниир харандаас, фломастер, хара перманентнай маркер, боростуой харандаас, сотоойу, линейка; Маҥан, араас өҥнөөх картон, икки өттө араас өҥнөөх кумааҕы, эбэтэр өҥнөөх А4 кумааҕы, маҕан кумааҕы (альбом илииһэ эбэтэр А4); | ||||
Туостан (харысхал) киэргэл | Гуринова А.И.–Сулусчаан” ОСК оҕо саада, Ытык Күөл 8984 118 02 16 | 250 солкуобай матырыйаалыгар | ||||
“Хороҕор муостаах, сыспай сиэллээх” сизарьтан оҥоһук | Никонова Н.И. –“Кэскил” оҕо саадын сүрүннүүр иитээччитэ, Харбалаах 8914 102 68 85 | 250 солкуобай матырыйаалыгар, ким булар кыахтаах маҕаһыынтан сизарь матырыйаалы ылыныаххытын син | ||||
15:00-16:00 | Түмүктүүр тэрээһиннэр, УРАҺА эбэтэр СЦЕНА | |||||
Тэрээһин саха балаҕаныгар олус холку тыыннаах-эйгэлээх сиргэ алгыһынан аал уоту күндүлээһининэн саҕаланна.
Таатталар ытык киһилэрэ, ”Арылы Кустук” диэн ситими, эбэтэр Олоҥхо педагогикатынан дьарыктанар уһуйааннар ситимнэригэр олук уурбут киһилэрэ, педагогическай наука кандидата, социальнай уонна педагогическай наукалар Академияларын чилиэн-кэрэспэдьиэнэ, СӨ үтүөлээх учуутала, “Эркээйи эргиирэ” бырагырама ааптардарыттан биирдэстэрэ Чехордуна Екатерина Петровна баар. Кини уһуйааннарыгар анаан суруйбут алгыстаах гимнин бука бары төгүрүйэн туран ыллаатылар, толордулар.
Екатерина Петровна “Айдарыгы арыйыы ньымалара” диэн биир туспа ураты көрүүтүн элбэх холобурдарга олоҕуран иитээччилэргэ кэпсээтэ-тириэртэ. Оттон биһиги кыһабыт инникитин ыччаттарбытыгар харгыс буолуон сөптөөх кыһалҕаҕа тохтоон суотабай сибээс содулун туһунан “Дьиэ кэргэҥҥэ сахалыы ааҕар эйгэни сөптөөхтүк тэрийии” туһунан сэһэргэстибит. Дьон сэргээтэ, ылынна, санаатын аһаҕастык этиннэ.
Күндү төрөппүт, эн биир күҥҥэ оҕоҕун кытта ийэ тылынан хас мүнүүтэ олорон эбэтэр бииргэ алтыһа сылдьан кэпсэтэҕиний?
Иитээччилэр бары да бииртэн-биир ордук үчүгэй, бастыҥ үлэлэрдээхтэр, бырайыак оҥостон онно сирдэтинэн үлэлииллэр. Олус баҕалаахтара харахтарыгар дьэҥкэтик көстөр, ол онтон киһи эрэ үөрэр. Биир үлэни ордук тутан диэххэ дуу, бэлиэтиэм этэ: “Чээкэ” – оҕо тылынан оҕону үөрэтии” диэн баар эбит Чурапчы улууһуна Хатылы “Ньургуһун” уһуйааныгар (иитээччи Наталья Кэнчээрична Прокопьева). Л.А. Афанасьев-Тэрис “Һоп-паа! ” кинигэтигэр олоҕурбут анал дьарыктар, тылы быһаарыы.
Таатта Дэбдиргэтиттэн оҕо хоһоонньута Тамара Николаевна Иванова кыттыыны ылла. “Чуораанчыкпытыгар” анаан “Эбээ үөрэҕиттэн”, “Эһээ үөрэҕиттэн” диэн хоһоон-серияны суруйарыгар көрдөстүбүт.
Бу үтүө тэрээһини барыта салайа тутан, санааны-санааҕа олордон иилээн ыыппыт дьоммутугар , “Сулусчаан” уһуйаан сэбиэдиссэйигэр Елена Титовна Алексееваҕа, “Чуораанчык” уһуйаан педагог-психологар Ирина Михайловна Тихоноваҕа махтанабыт.
Бу икки күҥҥэ уһуктуу курдук буолла, айылҕабыт барахсан кыһыҥҥы суорҕанын үллүнүөн иннигэр, биһиги иитээччилэрбит саҥа уонна сонун билиилэриттэн кырачааннарыгар бэрсиһиннэрэн үүнүөхтэрэ-сайдыахтара.
Татьяна Жиркова,
Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан “Кэскил” оҕо бэчээтин кыһатын сүрүн эрэдээктэрэ.
Таатта улууһа.