Тайнань куоратыгар норуоттар икки ардыларынааҕы фольклорнай фестивальга Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Кыталык” ансаамбылын 19 бастыҥ үҥкүүһүтэ ситиһиилээхтик кыттан кэллибит.
Тайнань — наһаа кэрэ дойду. 1661 сыллаахха төрүттэммит. Нэһилиэнньэтэ 1885000 киһи. Тайвань арыы 5 кырдьаҕас куоратыгар киирсэр. Историческай уонна архитектурнай пааматынньыктардаах.
Олохтоохторо олус эйэҕэстэр, элэккэйдэр, үлэһиттэр, сүрэхтээхтэр эбит. Манна туристар сөбүлээн сынньана, күүлэйдии кэлэллэр.
Тайвань суруйааччыта Ши-Тао Е эппит: «Тайнань — саамай кэрэ миэстэ үлэлииргэ, олорорго уонна баҕа санааны олоххо киллэрэргэ», — диэн.
Фольклорнай фестивальга Новай Зеландияттан, Японияттан, Индонезияттан, Индияттан, Малайзияттан, Монголияттан, Кореяттан, Панаматтан, Гаититтан, Чехияттан, Словакияттан, Сербияттан, Италияттан, Маршалловы арыыттан, Тайвантан, Россия Архангельскай куоратыттан «Дружба» уонна Саха Сириттэн биһиги «Кыталык» ансаамбыллар кыттыыны ыллыбыт.
Саха алыптаах хомуһунан айылҕа уһуктуутун, кыыллар саҥаларын “Кыталык” оҕо-ыччат эстетическэй киинин фольклор салаатын салайааччыта Светлана Никитина дьүрүһүттэ, тойугу толордо.
«Сүр көтөҕүү», «Якутские игры», «Эҕэрдэ үҥкүүтэ», «Оһуор», «Якутяночка», «Кыталык» үнкүүлэрбитин омуктар биһирии көрдүлэр, ытыс тыаһынан доҕоһуоллаатылар. Бу курдук биһиги төрүт култуурабытын үнкүүнэн билиһиннэрдибит.
Фестиваль олус тэрээһиннээхтик ааста. Күн аайы биһигини гидтэрбит Ксюша уонна Эмилия экскурсияларга, араас тэрээһиннэргэ сырытыннардылар.Тайнань алын сүһүөх уонна муусука оскуолаларын оҕолорун кытта көрсүһүннэрдилэр. Сахалыы сувенирдары бэлэх ууннубут. «Храм Конфуция», «Chimei» история мусуойдарын интэриэһиргээн көрдүбүт.
Биһиги олохпутугар чаҕылхай түгэни бэлэхтээбиттэригэр «Кыталык» норуодунай ансаамбыл уус-уран салайааччыларыгар Василий Павлович, Александра Гаврильевна Винокуровтарга, иилээн-саҕалаан тэрийэн илдьэ сылдьыбыт учууталбытыгар, СӨ култууратын туйгуна Айталина Филипповна Григорьеваҕа, кэлии-барыы ороскуотун уйуммут төрүппүттэрбитигэр муҥура суох махталбытын тиэрдэбит.
Айна ОСИПОВА.
Майа В.П. Ларионов аатынан орто оскуолатын Х «Б» кылааһын үөрэнээччитэ.
Мэҥэ Хаҥалас улууһун Оҕону эбии үөрэхтээһин киинин
«Эдэр суруналыыс” куруһуогун эдэр кэрэспэдьиэнэ.
Салайааччы Зоя Герасимова.