Ырааһыйа, тула мастар. Биир өттүттэн тайах, нөҥүө өттүттэн кутуйах тахсаллар. Тайах кутуйаҕы көрөн бөлтөтөн турар. Кутуйах кутана-куттана тайахха чугаһаан кэлэр.
Кутуйах: тайҕа талыы кыылыгар аарыма тайахха нөрүөн нөргүй! Отуҥ-маһыҥ, аһыҥ-үөлүҥ үксүү-үүнэ турдун! Туох кэпсээннээххин?
Тайах: соһо сылдьар сонун, кэһэ сылдьар кэпсээн кэмчи. Тайҕа иһэ уу-чуумпу, үөн-көйүүр көбүөхтээбэт, бары күн тахсарын көһүтэн ылы-чып сыталлар.
Кутуйах: Ээ, оттон оннук. Арай биһиги кутуйахтар, куттас-хоргус муҥнаахтар түүнүн хараҥаны харахтанан, тыҥырахтаах-аһыылаах кыыллар утуйар кэмнэригэр аһыы тахсабыт, күнүс хорооммутугар хорҕойобут.
Тайах: Дьэ буолуо. Оттон мин, кумаар-күлүмэн аҕыйах кэмигэр хааман, сылдьар ыырбын уларытабын.
Кутуйах (тула көрүнэр): Күн тахсара чугаһаата.
Тайах: Эйиэхэ, аллара сылдьар харамайга, күн тахсара көстүбэт да ини (улахамсыйар).
Кутуйах: Дьэ, ким билэр. Күн тахсарын кимнээҕэр да мин бастаан көрүөхпүн сөп.
Тайах: Хайа, доҕор! Мин иннибинэ эн хайаан күн тахсарын көрүөҥүй? Мин үрдүкпүн, эн кып-кыраҕын, мин хараҕым улахан, эйиэнэ кып-кыра.
Кутуйах: Харамай үрдүгэ-намыһаҕа күн тахсарын көрөргө туох суолталаах үһүө.
Тайах: Бэркэ да кыһыттын, доҕор. Чэ, мөккүһүөх. Ким урут күн тахсарын көрбүт кыылы, миигин эбэтэр эйигин, кыайтарбыт кыыл тыла тиийэринэн хайгыыр.
Кутуйах: Хата, дьэ бэрт. Саатар биирдэ тайах хайҕабылын истэр инибин.
Тайах: Дьэ, киһиргэһиҥ да кыайда дии. Наһаа эрдэттэн күөскүн өрүнүмэ.
Кутуйах: Чэ, күн тахсара субу кэллэ. Кэтиэх (күн тахсыахтаах сириттэн утары атын сири көрөн чолойор).
Тайах: (күн тахсар сирин диэки олоччу туттан туран, бэйэтигэр) күн хайа диэкиттэн тахсарын да билбэт буоллаҕа дуу?..
Чочумча тура түһэн баран кутуйах чубугуруу түһэр.
Кутуйах: Көрүүй, ол тыа баһын, мастар төбөлөрүн күн көрдө. Күн таҕыста.
Тайах (дьэ өйдөөн көрөр): Бай, даа, бу кутуйах өйүн, кырдьык күн тыкпыт дии. Буолар да эбит!
Кутуйах: Хайа, доҕоор, били мөккүөрбүт сүүйүүтэ?
Тайах: Хайҕаан бөҕө буоллаҕа. Миигин дагдайбытын тухары дар акаары диэтэҕиҥ буолуо.
Кутуйах: Эс, тоҕо инньэ диэтэмий. Биһигини, кутуйахатары, күүһэ-кыаҕа суохтары кыһалҕа кыһайан, эстэн хаалбат быаҕа айылҕабыт өй уктаҕа.
Тайах: Бэйи, чэ, сатаан хайгыыбын дуу суох дуу. Көстөр дьүһүҥҥэр хайҕаныахха айылаах суох да курдук. Өҥүҥ-түүҥ өлбөөдүйэн, сири кытта сир буолан. Ол да иһин көтөр-сүүрэр барыгытын ылҕаан сиэбэт эбит. Куһаҕан эмиэ үчүгэйдээх. Тиистэриҥ ордьоһон оччото суохтук көстөллөр да кэбийэргэ олус бэртэр быһыылаах. Атахтарыҥ бээгэйдэр, кып-кыра сытыы тыҥырахтаахтар. Дьэ, бээгэй да буоллаллар түргэннэрин сөҕөбүн, хороон бөҕө хаһаллар, оннооҕор саһыл мунар. Чэ, доҕор, мин эн өйгүн, хаһаасчыккын уонна үлэһиккин сөҕөбүн. Эчи даҕаны, өссө кыыл эрэ баҕарыах, төрүөҕүҥ элбэҕин. Ол иһин да сиргэ-дойдуга барытыгар тарҕаннаххыт. Чэ, син хайҕыы сатаатым. Кыайтарбыппын боруостаатым ини.
Кутуйах: Дьэ, махтал. Аарыма буур тайах хайҕабылын ылбыппын урууларбар-аймахтарбар тиэрдиэм. Миигин хайҕаан кинилэри эмиэ хайҕаатаҕыҥ дии. Иккиэн да от-мас аһылыктаах бырааттыы кэриэтэ буоллахпыт. Чэ, этэҥҥэ сырыт. (Иккиэн эйэлээхтик икки аҥы бараллар).
Ааптар Мария Тебенова,
Үөһээ Бүлүү улууһа