«Хомус» түһүлгэҕэ «Тах курдук таҥнан, ох курдук оҥостон, сир симэҕинии симэнэн» саха төрүт таҥаһын күрэҕэ үгүс дьон биһирэбилин, сэҥээритин тарта. Үс түһүмэхтэнэн ыытылынна. Бастакы түһүмэх «Үгэс буолбут өбүгэ таҥаһа» диэн ааттаах.
Иккис «Аныгылыы тупсарыллыбыт таҥас» түһүмэх олус интэриэһинэйдик ааста. Манна Дьокуускайтан түү салонун үлэһиттэрэ ырыаһыт Сайыына аргыстаах , Кэбээйиттэн «Дьэрэли» иис түмсүүтэ, Бүлүүтээҕи гимназия «Эстель» муода тыйаатырын кыргыттара дефиле көрдөрөн хаамтылар.
Эльдар САДОВНИКОВ