Сарсын, от ыйын 8 күнүгэр, дойдубут үрдүнэн Дьиэ кэргэн, таптал уонна бэриниилээх буолуу кэрэ-бэлиэ бырааһынньыга бэлиэтэнэр. Бу күнү дьон-аймах дьиэ кэргэнин кытары атаарар, куоракка олорооччулар оҕолорун кытта субуота күн пааркаҕа сылдьыахтара, ким эмит рестораҥҥа киирэн аһаан тахсыаҕа, тыа дьоно окко киирии сүпсүлгэнигэр дьиэ кэргэнинэн чээйдээн ылыахтара. Онтон ыраах хоту дойдуга бу бырааһынньык күнүн хайдах көрсөллөрүй?
Ол туһунан биһиэхэ удьуор табаһыт, Муома улууһун Улахан Чыыстай нэһилиэгин «Магир» тыа хаһаайыстыбатын приозводственнай дьиэ кэргэнинэн көһө сылдьар община ыстаадатын бэрэссэдээтэлэ Екатерина Егоровна Дьячкова кэпсээтэ.
Бастатан туран, ыстаада олохтоохторун остуолларыгар туох баарын туоһуластым. Наһаа минньигэстик уонна уратытык аһыылларын биһиги сырдатан турабыт (ол туһунан манна көр). Хаһаайка этэринэн, сарсын таба хаана уонна эттээх беляш буһуохтаах эбит. Ону тэҥэ оҕолор сөбүлүүр астара — хатарыллыбыт эт остуолга булгуччу баар буолуохтаах.
Дьиэ кэргэнин, төрүт дьарык, оҕону үлэнэн иитии туһунан Екатерина Егоровна кэпсиир:
— Мин кэргэмминээн Дмитрий Христофоровичтыын удьуор табаһыт төрүт олохтоох эбээннэр дьиэ кэргэттэригэр күн сирин көрбүппүт. Дьоммут кэннилэриттэн таба иитиитигэр күн бүгүҥҥэ диэри үлэлии сылдьабыт. Түөрт оҕолоохпут, уон биир сиэннээхпит. Оҕолорбутун эмиэ таба үлэтигэр иитэн улаатыннардыбыт.
Улахан уолбут Максим ыстаада биригэдьиирэ. Кыра уолбут Христофор община бэрэссэдээтэлэ. Кыргыттарбыт Диана, Алена чуум үлэһиттэр. Уолаттар суоппар идэлээхтэр. Техника сайдыбыт үйэтигэр ол ыстаада олоҕор эмиэ олус наадалаах уонна туһалаах. Инньэ гынан техниканан сылдьан, табаларын да маныыллар, бултууллар даҕаны, мэнээктээбит бөрөнү да бултаһаллар. Оҕолорбут табаһыт, тыа киһитэ үлэттэн толлубат, барытын билэр уонна сатыыр буолуохтаах диэн иитиилээхтэр.
Кыра эрдэхтэриттэн оҕолорбут, сиэннэрбит даҕаны сиэри-туому тутуһан, айылҕаны, тулалыыр эйгэни харыстаан улааталлар. Көһөн кэлбит сиргэр уоту аһатан, систэргэ бэлэх уурары хаһан даҕаны умнубаппыт, оччоҕо сирбит иччитэ араҥаччылыыр буолар.
Эбээн табаһыт хайаан даҕаны көлүнэр табалардаах буолуохтаах. Миинньэр табаны (уучах), сыарҕаҕа көлүйэр табаны (ньогуьут) үөрэтэллэр. Маннык табалары күһүн анаан талаллар, хаар түһүүтэ тутан, быаҕа үөрэтэллэр. Олох сайдан, техника элбээн, онно көһөн хаалар куттал үөскүө суохтаах.
Ыстаадабыт иһинэн «Оралчимна» диэн лааҕырбыт үлэлээбитэ 21 сыла буолар. Бэйэбит сиэннэрбитин, атын да оҕолору таба үлэтигэр иитэбит. Ол оҕолорбутуттан табаһыттар да бааллар, үөрэхтэрин быыһыгар, армия кэнниттэн кэлэн, ыстаадаларыгар көмөлөһөн бараллар. Онтон наһаа үөрэбит.
Оҕону бэйэҕин кытта бииргэ илдьэ сылдьан, үлэҕэ угуйарыҥ ордук, оҕо улахан киһини кытта үлэлиирин наһаа сөбүлүүр. Ол курдук, кэргэним Дмитрий Христофорович таба маныы бардаҕына, уучаҕынан, атынан, сатыы оҕолору батыһыннара сылдьан үөрэтэр, көрдөрөр. Оҕолор ону наһаа сөбүлээн батыһаллар, үлэҕэ үөрэнэллэр. Хас биирдии оҕо санаатын тобулан, туспа сыһыан булан, бэйэ-бэйэҕэ истиҥник уонна эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһыахха наада, мин санаабар, хас биирдии иитээччи ону табыахтаах.
Дьиэ кэргэҥҥэ сүрүнэ — истиҥ сыһыан, өйдөһүү баар буолуохтаах. Манна дьахтар, хаһаайка муударайа улахан оруоллаах. Биһиги кэргэмминээн элбэх оҕону, эдэр ыччаты кытта алтыһан, үлэҕэ угуйан, кинилэр убаастабыллара, тапталлара — ол биьиги дьолбут буолар дии саныыбын.
Түмүкпэр баҕарыам этэ, табаһыт-таба-тулалыыр эйгэбит ситимэ быстыбатыгар. Үүнэр Дьиэ кэргэн күнүнэн!
keskil14.ru