Хоту дойду хонноҕор кыһынын буурҕаны-силлиэни, тыйыс тымныыны, сайынын өҥүрүк куйааһы, кумаары-бырдаҕы барытын тулуйан табаһыттар күнүстэри-түүннэри мөхсөллөр. Онтон сайынынын табаһыттарга илии-атах буола оҕолоро сайылыы кэлэн көмөлөһөллөр. Ол курдук, Муома улууһун Степан Григорьевич Слепцов аатынан көһө сылдьар таба ыстаадатын общинатыгар быйыл сайын хас да уол кэлэн табаһыт оскуолатын аастылар. Оҕолор оннооҕор табаһыт үлэтин байыаннай үлэтигэр холоотулар. Сиһилии уолаттар санааларын истиэҕиҥ.
Гриша Колесов, 8 кылаас: — Мин ыал улахан оҕотобун. Бииргэ төрөөбүттэр алтабыт. Былырыын дьоммун кытта атын ыстаадаҕа бастакыбын сылдьыбытым. Быйыл 14 сааспын туолан, бэйэм аймахтарбар көмөлөһө сылдьабын. Бу ыстаадаҕа хос эбээм, эһээм үлэлээбиттэрэ. Кинилэр кэннилэриттэн билигин сиэннэрэ Алексей Григорьевич Слепцов биригэдьииринэн үлэлии сылдьар.
Кэргэнэ Вероника Валерьевна биһигини аһатан, көрөн-харайан илдьэ сылдьар. Алексей Григорьевич таба үлэтигэр үөрэтэр. Ыстааданы күнүстэри-түүннэри маныыллар. Мин күнүскүгэ сылдьыбытым. Табаһыт күһүҥҥү үлэтин биллим. Атыыр таба муоһун атырдьах ыйыгар эрбииллэр. Муос бу ыйга муостуйар. Ыстаадаҕа сайылаабыппыттан наһаа үөрэбин. Манна сылдьан элбэҕи биллим.
Ярослав Соркомов, 9 кылаас: — Мин урут ыстаадаҕа кылгас кэмҥэ сайын тахса сылдьыбытым. Быйыл сайыны быһа сайылаатым, дьоммор көмөлөстүм. Атынан, сороҕор сатыы ыстааданы манааччыбын. Күнүскү да, түүҥҥү да манааһыҥҥа сылдьабын. Биирдэ мин уонна Алмаз Алексей Григорьевичтыын маныы сылдьан, «кырдьаҕас» табаны кыйдыы сылдьарын көрбүппүт. Бастаан куттаныах курдук буолбутум, онтон аттыбытыгар биригэдьиирбит баарыттан уоскуйбутум. Биһиги общинабыт саамай киэҥ маршруттаах. Сайылыктан күһүҥҥү сирбитигэр дылы 200 км атынан, табанан көһөбүт. Сарсыарда 6 ч. туран малбытын ат, таба бэрэмэдэйдэригэр хаалыыбыт. Бэрэмэдэйдэр икки өттүлэрэ тэҥ ыйааһыннах буолуохтаах. Табаны, аты аалбат гына угуллуохтаах. Бу ыраах көһүүгэ мин ыстааданы үүрсүбүтүм. Сайыҥҥы сынньалаҥмын туһалаахтык атаардым диэн астынабын.
Алмаз Садовников, 9 кылаас: — Мин Мииринэй куоракка кадетскай оскуолаҕа үөрэнэбин. Аҕабар хас сылын аайы ыстаадаҕа кэлэн сайылыыбын. Аҕам да, ийэм да дьонноро табаһыттар этэ. Оттон мин байыаннай буолуохпун баҕарабын. Мин санаабар, байыаннай да, табаһыт да үлэлэрэ биир курдук. Бу идэлэргэ тулуурдаах, хорсун эрэ дьон үлэлииллэр дии саныыбын. Табаһыт табатын манаан төгүрүк сылы таһырдьа үлэлиир. Куйаас, тымныы, ардах, буурҕа буоллун, ыстаадатын маныыр. Ардыгар көһөн истэхпитинэ, ардыыр, оччоҕо малбыт, бэйэбит илийэн, балаакка тардынан олохсуйабыт. Айылҕа араас дьайыытын тулуйабыт.
Эрчим Слепцов, 7 кылаас: — Мин быйыл дьоммор ыстаадаҕа сайылаатым. Манна сылдьан элбэҕи биллим уонна элбэххэ үөрэнним. Ыстааданы күнүскү өттүгэр оҕолору кытта маныыбын. Аттары тууска тутан айаҥҥа бэлэмниибин. Ындыылыылларыгар көмөлөһөбүн. Аты ындыылыырга мал түспэтин гына баайабыт. Туох алҕас салыбыраатаҕына, түстэҕинэ аттар мөхсүөхтэрин сөп. Биһиги ыстаадабыт сайылыга туундара курдук нэлэмэн тыата суох сир. Сайылыктан тыалаах сирбитигэр көһөбүт. Мин атынан көспүтүм. Табаһыт үлэтигэр Алексей Григорьевич үөрэтэр. Онон сайыҥҥы сынньалаҥмын интириэһинэйдик атаардым.
keskil14.ru