А.Е.Мординов аатынан Тааттатааҕы лиссиэйгэ саха норуотуттан билим бастакы дуоктара, Саха университетын ректора, общественнай диэйэтэл Авксентий Егорович Мординов аатынан билим ааҕыылара тэрээһиннээхтик аастылар.
Ааҕыылар «Тыл, сахалыы өй-санаа», “Педагогика уонна уйулҕа”, “Култуура уонна искусство”, “История уонна кыраайы үөрэтии”, “Айылҕаны харыстааһын” сиэксийэлэринэн арахсан ыытылыннылар. Маны таһынан, “Эдэр бөлүһүөк” тыл этиитин күрэҕэ, “Ойуу тыла”, “Айыы тыла”, Анимация уонна графическай дизайн куонкурустара буоллулар.
Тэрээһин арыллыытыгар лиссиэй оҕолоро хорунан ыллаатылар, Мординовтар оҕо саастарын уус-ураннык дьүһүйэн кердердүлэр.
Тамылҕаннаах талахтаах, тапталлаах-хайҕаллаах Таатта эбэ хотуннуун аҕас-балыстыы, тырымныы кытыастар сардаана сибэккинэн долгуйа симэммит Кыыс Амма кытылыгар, үтүөкэн бэйэлээх Хоптолоох алааска сааскы сарыалы уруйдуу уол оҕо орто дойду ньууругар саадаҕын туппутунан күөх окко күөлэһис гыммыта. Бу курдук хотоойутук Дьөгүөрдээн уонна Сөдүөччүйэ Мундунуоптар орто уоллара үрүҥ күнү уруйдаан төрөөбүтэ.
Дьылҕа хаан ини-бии үс Мординовтарга саха норуотун сайдыытын аартыгын арыйсар үтүө аналы тосхойбута: Николай Егорович Мординов-Амма Аччыгыйа – норуот суруйааччыта, Авксентий Егорович Мординов – норуот учуонайа, Трофим Егорович Мординов – норуот учуутала.
Таатта лиссиэйин дириэктэрэ Сивцева Изабелла Александровна Авксентий Мординов аатынан ааҕыылар 12-с тегүлүн ыытылларынан эҕэрдэлээтэ. Историяттан сырдатан, ааҕыылар 1995 сылтан саҕаламмыттарын санатта: «Биһиги бастакы кыһалҕабыт тылбыт буолар. Авксентий Егорович эппитэ: «Тыл диэн олук. Тыла суох омук суох. Онон бу ааҕыыларбыт тылбыт туох, хайдах кыһалҕаланан иһэрин кердерер диэххэ сеп. Бүгүн кыттааччы оҕолор уонна салайааччылар иккис улахан эргииргэ киирэбит. 12 кэнниттэн саҥа эргиир саҕаланар. Биһиги сорукпут — бу Авксентий Мординов эппитин олоххо киллэрэр, хас биирдии саха төрөөбүт тылынан саҥарар, тереебүт тылынан толкуйдуур уонна сиэрдээх олоххо сирдиир киһи буоларыгар сирдиир барыбыт кыһалҕата буолар. Биһиги лиссиэйбит оҕолоро сахалыы сийиэс тэрийдилэр. Бу сийиэскэ хайдах гынан тылбытын тыыннаах хаалларар туһунан толкуйдаан. бырайыактары оҥордулар. Онтон тыл күнүгэр улуус оҕолорун мунньан бырайыактары өссө дьүүллэстилэр. Аны 3-с көрсүһүүлэрэ Өксөкүлээх Өлөксөй күнүгэр буолуохтаах. Онон оҕолор бу кыһалҕаҕа киирэн, тэбис-тэҥҥэ үлэлэһэ сылдьаллара наһаа үөрүүлээх. Биһиги оҕолорбут «Күн» өрөспүүбүлүкэтээҕи түмсүүгэ киирэллэр.«
Авксентий Егорович Мординов аатынан Өрөспүүлүкэтээҕи билим-практическай ааҕыыларга дьүүллүүр сүбэ чилиэннэринэн буоллулар: Саввинов Андрей Саввич, философия билимин доктора, Хотугулуу Илиҥҥи Федеральнай университет философияҕа кафедратын сэбиэдиссэйэ, профессор, Винокуров Василий Васильевич, философия билимин кандидата, Илиҥҥи Федеральнай университет философияҕа кафедратын доцена, Захарова Акулина Егоровна, социология билимин кандидата, доцент, Гуманитарнай чинчийии институтун этносоциологияҕа салаатын старшай научнай сотруднига, Аргунов Константин Ильич, СӨ Хотугу омуктар генеалогияларын уонна этнологияларын билим-чинчийэр институт дириэктэрэ.
Философия билимин доктора Андрей Саввич Саввинов бэйэтин эҕэрдэ тылыгар чахчы да философтуу анаарар санааны эттэ: «Туох барыта кыһалҕаттан саҕаланар. Кыһалҕа суох буоллаҕына, олох интэриэһинэйэ суох буолар. Инники өттүгэр Мординов ааҕыыларын кыһалҕата уларыйарыгар баҕарыам этэ. Хомойуох иһин, билиҥҥи саамай улахан кыһалҕабыт — төрөөбүт тылы билии уонна эдэр ыччаты үөрэтии-такайыы. Хомойуох иһин билигин, нууччалыы эттэххэ, «Быть или не быть?» диэн боппуруос турар. Ити эрэ кыһалҕаны быһаардахпытына, саха аймах инникилээх буолуоҕа.»
Тааттатааҕы үөрэх управлениетыттан Луковцева Мира Николаевна: «Биһиги бары киэн туттар Авксентий Мординовпыт аатынан ааҕыылар саҕаламмыттарынан эҕэрдэлиибин. Бары истэ-билэ сылдьан, бу ааҕыылар өссө киэҥ араҥаҕа тахсан, кэҥээн, өссө байытыллан иһиэхтэрин баҕарабыт. Ааҕыылар киэҥ ис хоһоонноох буолан, кэтэхтэн кытыннаран, атын хайысхалары киллэрдэххэ, өссө ураты буолуо этэ. Фолософскай ааҕыылар диэн киһи ылбычча санаммат ааҕыылара. Онон бу ааҕыылар кэҥээн, киэҥ далааһыннаах, киэҥ хардыылаах, олохпутугар туһалаах буолуо диэн, бары өттүн тутаммыт, өссө даҕаны үүнэ-сайда туруохпут. Уонна өссө даҕаны таптыыр Тааттабытыттан, иннибитигэр туттар киэн туттар дьоммут курдук, наукаҕа сыһыаннаах ыччаттар тахсыахтара диэн биһиги эрэнэбит»,— диэн баҕа санаатын тиэртэ.
Таатта лиссиэйин үтүө үгэһинэн сылын ахсын үөрэх үлэтин сайдыытыгар уһулуччу кылааттаах учууталга уонна үөрэххэ үрдүкү көрдөрүүнү ситиспит үөрэнээччигэ Авксентий Егорович Мординов аатынан стипендиялары туттарыы буолла.
Бу улахан наҕарааданы ылар чиэскэ РФ үөрэҕин ситимин бочуоттаах үлэһитэ, СӨ үөрэҕитиитин туйгуна, Таатта лиссиэйин өр кэмҥэ ситиһиилээхтик салайан үлэлээбит Алексей Александрович Неустроев уонна үөрэнээччилэртэн россиятааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи предметнэй олимпиадалар кыайыылаахтара, үөрэх туйгуна, 11А кылаас үөрэнээччитэ Валерия Тарасенко тигистилэр.
Профессор Авксентий Егорович Мординов олоҕун кэпсээнин дьүһүйүүнү оҕолор, учууталлар туруоран көрдөрдүлэр.
Тэрээһин сүрүн чааһынан «Тыл, сахалыы өй-санаа», “Педагогика уонна уйулҕа”, “Култуура уонна искусство”, “История уонна кыраайы үөрэтии”, “Айылҕаны харыстааһын” сиэксийэлэринэн оҕолор үлэлэрин истии буолла. «Тыл, сахалыы өй-санаа» сиэксийэҕэ аҕыйах да буоллар, бэрт интэриэһинэй үлэлэри иһиттибит. Суруналыыстыка үлэһитэ буоларым быһыытынан, ордук Кузьмина Сахаяна Interakty сайт нөҥүө саха тылын үөрэтэр мобильнай сыһыарыы оҥорбутун сэҥээрдим.
Үлэтин аата — «Аныгылыы сахалыы сыһыарыы көмөтүнэн, оҕо сахалыы саҥатын сайыннарыы». Манна Сахаяна «Сомоҕо домохтор», «Сүтэн эрэр тыллар» диэн о.д.а. разделлары киллэрбитэ кэрэхсэбиллээх. Эдэр чинчийээччи өссө атын да аныгы технология көмөтүн туһанан, саха тылын эдэр ыччат ортотугар тарҕатарга үлэлиир.
Авксентий Егорович Мординов аатынан билим ааҕыылара биир сүрүн уратыларынан оҕолор бэйэлэрин үлэлэрин төрөөбүт тылларынан сахалыы көмүскээбиттэрэ, кэпсээбиттэрэ буолар. Таатта улууһа былыр- былыргыттан саха төрүт үгэстэрин, култууратын биһигинэн биллэр. Манна саха литературатын төрүттээччилэр, политика уһулуччулаах диэйэтэллэрэ, норуот маастардара төрөөбүттэрэ-үөскээбиттэрэ. Саха саарына, чулуу учуонай А.Е.Мординов аатын сүгэр лиссиэй кэллэктиибэ төрөөбүт сахабыт тыла сайдарын, сүппэтин-симэлийбэтин туһугар элбэх араас таһымнаах үлэни ыытара — хайҕаллаах уонна кэскиллээх суол.
Авксентий Егорович Мординов миэхэ холобур буолар
Филиппова Регина, 6 «б» кылаас :
— Мин оскуолам сахалартан бастакы философ-учуонай Авксентий Егорович Мординов аатын сүгэриттэн киэн туттабын. Авксентий Егорович урукку кэмҥэ уөрэххэ талаһыыта үрдүк буолан, Москватааҕы государственнай университет тыл уонна литература салаатын ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрбитэ. Бу — боростуой тыа ыалын оҕотугар улахан ситиһии буолар. Урут элбэх киһи үөрэҕэ суоҕа. Кини төрөөбүт дойдутун сайдарыгар элбэх сыратын, сүҥкэн кылаатын уурбута.
Эрсан Сидоров, 6 “б” кылаас:
— А. Е Мординов Саха государственнай университетын төрүттэһэн, саха норуота үөрэхтээх буоларыгар кыһамньыта, төрөөбүт тылы таптыырга холобур буолар.
Айхан Дьяконов, 6 кылаас:
— Биир дойдулаахпыт Авсентий Егорович Мординов киэн туттар дьоммутуттан биирдэстэрэ буолар. Тоҕо? Бастатан туран, мин үөрэнэр оскуолам кини аатын сүгэрэ элбэҕи этэр. ИккиҺинэн, кини үөрэхтээҺиҥҥэ сүҥкэн кылааттаах киҺи буолар. Онон мин Авсентий Егорович аатын киэн тутта ааттыыбын.
Саина Софронова, 6 “б” кылаас:
— Миэхэ Авксентий Егорович холобур буолар. Тоҕо диэтэххэ, кини барытын бэйэтин бэйэтэ иитиммит, сайыннарбыт киьи уонна сайдыыны тулалыыр эйгэтигэр тарҕаппыт киһи буолар.
________________________________________________________________________________________________________
А.Е.Мординов аатынан билим ааҕыыларын түмүгэ
«Педагогика уонна уйулҕа» сиэксийэ кыайыылаахтара:
Оконешников Эрик | 2 миэстэ |
Мохначевская Наташа | Лауреат |
Татаринова Анна | 3 миэстэ |
Табунанова Айталина | 1 миэстэ |
«Тыл, сахалыы өй-санаа» сиэксийэ
Пономарев Айсен | Лауреат |
Кузьмина Сахаяна | 1 миэстэ |
Хоютанова Нария | 2 миэстэ |
Дягилев Никита | 3 миэстэ |
“Култуура уонна искусство”
Матаннанов Дима | Лауреат |
Бережнов Айсен | 1 миэстэ |
Тарбахова Александра | 2 миэстэ |
Алексеев Тимур | 3 миэстэ |
“История уонна кыраайы үөрэтии”
Дорофеев Алеша | лауреат |
Семенова Айаана | 1 миэстэ юниор |
Плотников Сергей | 1 миэстэ |
Дьяконова Куннэй | 2 миэстэ юниор |
Самсонов Алеша | 2 миэстэ |
Анисимова Владилена | 3 миэстэ |
Пестрякова Сайаана | 3 миэстэ юниор |
“Айыл5аны туһаныы, харыстааһын”
Наумов Андрей | Лауреат |
Шулепова Июлия | 1 миэстэ |
Гаврильева Аэлита | 1 миэстэ |
Андросова Арина, Дедюкина Анна | 2 миэстэ |
Колодезников Эрэл | 3 миэстэ |
“Эдэр бөлүһүөк” тыл этиитин күрэҕэ
Кузьмина Сахаяна | лауреат |
Үрдүкү сүһүөххэ
Чашкин Фома | 1 миэстэ | |
Охотина Эмилия | 2 миэстэ | |
Габышев Айсен | 3 миэстэ | |
Яковлев Анатолий | 1 миэстэ | |
Сысолятина Айталыына | 2 миэстэ | |
Тимофеева Аэлита | 3 миэстэ | |
Афанасьев Ярослав | Анал аат |
«Мординов ааҕыыларын” иһинэн «Ойуу тыла – Айыы тыла» кэтэхтэн уруһуй күрэҕэр Бүлүү, Хаңалас, Уус-Алдан, Горнай, Ньурба, Мэңэ-Хаңалас улуустарыттан, Таатта улууһун Чымынаайы, Баайаа, Хара- Алдан, Уолба, Дьохсоҕон уһуйааннарыттан уонна орто оскуолаларыттан, уопсайа, 82 үлэ киирдэ. Дьүүллүүр сүбэҕэ Ф. С. Аргунов аатынан Тааттатааҕы оҕо искусствотын художественнай кылааһын преподавателя Аввакумова Марина Иннокентьевна, декоративно- прикладной кылааһын преподавателя Захарова Людмила Александровна Тааттатааҕы оҕону эбии үѳрэхтээһин киин «Уруһуй» куруһуогун преподавателя Павлова Людмила Прокопьевна үлэлээтилэр.
“Ойуу тыла”
5-7 кылаастар
1-4 кылаастар
Бурцева Кира | Тит-Арыы ОО | 1 миэстэ |
Павлов Савелий | Таатта лицейа | 1 миэстэ |
Данилова Диана | Уолба ОО | 1 миэстэ |
Сабарайкин Саян | Таатта лицейа | 1 миэстэ |
Иннокентьева Айгылаана | Таатта лицейа | 1 миэстэ |
Кузьмина Аника | Таатта лицейа | 1 миэстэ |
Прокопьева Амелия | Таатта лицейа | 1 миэстэ |
Никифорова Анита | Тит-Арыы ОО | 2 миэстэ |
Бабанова Уйгууна | Таатта лицейа | 2 миэстэ |
Иванова Алиса | Таатта лицейа | 2 миэстэ |
Михайлов Витя | Таатта лицейа | 2 миэстэ |
Устинов Витя | Таатта лицейа | 2 миэстэ |
Парфенов Андрей | Таатта лицейа | 2 миэстэ |
Габышев Артем | Таатта лицейа | 2 миэстэ |
Егорова Каролина | Таатта лицейа | 2 миэстэ |
Ширяев Бэргэн | Таатта лицейа | 2 миэстэ |
Рахлеева Аяна | Таатта лицейа | 3 миэстэ |
Софронов Айтал | Уолба ОО | 3 миэстэ |
Пинигина Айсаана | Таатта лицейа | 3 миэстэ |
Саввина Нария | Кировскай ОО | 3 миэстэ |
Уһуйаан иитиллээччилэрэ
Блазиров Мичил | МБДОУ Чымнаайы | 1 миэстэ |
Николаева Нарияна | Кустук оҕо уһуйаана | 2 миэстэ |
8-11 кылаастар
Охотина Эмилия | Таатта лицея | Лауреат |
Харитонов Алгыс | Хатын ОО | 1 миэстэ |
Толстякова Алена | Төҥүлү ОО | 1 миэстэ |
Варламова Вика | Хара-Алдан ОО | 2 миэстэ |
Данилова Ангелина | Уолба ОО | 2 миэстэ |
Платонов Святослав | Таатта лицейа | 2 миэстэ |
Ширяев Афоня | Таатта лицейа | 2 миэстэ |
Иванова Саина | Таатта лицейа | 2 миэстэ |
Афанасьева Амура | Таатта лицейа | 2 миэстэ |
Трофимов Айхал | Баайа5а ОО | 3 миэстэ |
Антоева Эвелина | Таатта лицейа | 3 миэстэ |
Варламов Вячеслав | Таатта лицейа | 3 миэстэ |
“Айыы тыла”
Сандаара-Андросова Оксана | Лицей | Айыы тылын түһүлгэтэ | 2 миэстэ |
Миронова Саргылана Константиновна | Лицей | 1 миэстэ | |
Дьяконова Ольга Спартаковна | ЫК №1 ОО | Айыы киһитэ | 3 миэстэ |
Шарин Кеша | Таатта лицейа | Мин Тааттам | Анал аат |
Апросимова Аделия | Таатта лицейа | Мин дьиэ кэргэним | |
Адросов Дьулусхан | Таатта лицейа | Эрэлбин сүтэрбэппин | 3 миэстэ |
Большаков Антон | Таатта лицейа | Мин дьиэ кэргэним | Анал аат |
Вырдылин Саша | Таатта лицейа | Таптал | 2 миэстэ |
Потапова Наташа | Игидэй ОО | Ийэ, аҕа таптала | Анал аат |
Анисимова Владилена | Таатта лицейа | Ийэ, аҕа таптала | Анал аат |
Герасимов Саша | Таатта лицейа | Эйгэ | 1 миэстэ |
Матаннанова Аина | Таатта лицейа | Ийэ, аҕа таптала | Анал аат |
Андросова Регина | Таатта лицейа | Сирдээҕи таптал | Анал аат |
Оконешникова Сандаара | Таатта лицейа | Ийэҕэ таптал | Кылаан Чыпчаал |
Попов Алекс | Дьохсоҕон ОО | Ытык аат | Анал аат |
Матвеев Арсен | Дьохсоҕон ОО | Удьуор ситимэ | 3 миэстэ |
Григорьева Маша | Бүлүү улууһун И.Н.Ханды аатынан Тылгыны орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ. | Ыал холумтана | 1 миэстэ |
Бурмистров Амир | Таатта лицейа | Таптал | 2 миэстэ |
Анимация уонна графическай дизайн күрэҕэ
Аммосова Снежана Юрьевна, Бурнашева Валентина Николаевна | МБОУ «Окоемовская ООШ им И.В. Пухова» | лауреат |
Данилов Степан Лукич | ИТ центр | 1 |
Данилов Василий Лукич | ИТ центр | 2 |
Осипова Алена Егоровна,Калачикова Ирина Яковлевна | Бүлүү куората, «Биһикчээн» оҕо уһуйаан | 3 |
Графическай дизайн
Неустроева Осипова | МБОУ “ЫКСОШ No2 им Д,А.Петрова” | лауреат |
Доргуев Сандаар | Таатта лицейа | 1 |
Мосоркина Сайнара | Таатта лицейа | 2 |
Баснаева Милена | Таатта лицейа | 3 |
Мосоркин Кэскил | Таатта лицейа | анал аат |
Лебедева Наташа | Таатта лицейа | анал аат |