Ытык Күөл «Сатабыл» оҕо айымньытын дьиэтин уһуйааччыллара оҕо толкуйун, сатабылын сайыннарар сыаллаах остуол оонньууларын хомуурун таһаардылар. Ол туһунан кылгастык бэйэлэрин санааларын үллэһиннилэр.
Өбүгэлэрбит оҕону иитиигэ үтүмэн үйэлэр түгэхтэриттэн илдьэ кэлбит муударастарын дьүөрэлиир оонньуур хомуура «Өркөн Өй» диэн ааттаатыбыт. Бэйэбит айар холбоһуктарбытыгар улэбит үксүн көмпүүтэр үлэтэ буоларын быһыытынан иитиллээччилэрбит доруобуйаларыгар, биллэн турар, олус охсуулаах. Ол охсуулары аччатар, гаджет оонньууларын кэбэҕэстик солбуйар сыалтан биһиги «Өркөн Өй» хомууру оҥорорго санаммыппыт. Хомуурга Таатта улууһун «монополията», мастан уһаныллыбыт дуобат, хабылык, хаамыска, тыксаан уонна өйү сытыылыыр икки оонньуур киирэллэр.
“Өркөн өй” оонньуур хомуурун сүрүн сыала-соруга педагог иитэр-үөрэтэр үлэтигэр ооньууну туһанан оҕону сахалыы култуураҕа сыһыарыы, төрөөбүт дойдутун остуоруйатын билии, дойдутунан киэҥ туттуу буолар. «Өркөн өй» хомууру арыйдыгыт эрэ тутатына оонньоон, сайдан, саҥаны үөрэтэн бараҕыт. Хомуур өбүгэлэрбит айбыт остуол оонньууларын нөҥүө оҕо сахалыы мындыр толкуйун, дьоҕурун, тутар-хабар сатабылын сайыннарар.
Хомуур өссө биир соругунан буолар – дьиэ кэргэни түмүү. Ол курдук, төрүт өбүгэлэрбит курдук киэһээ бары түмсэн, атах тэпсэн олорон хабылыкка, хаамыскаҕа күрэхтэһэн, күлэн-оонньоон, кэпсэтэн-ипсэтэн, бэйэ-бэйэни сатаан истиһэр, убаастыыр, бары өттүнэн бириэмэни туһалаахтык аттарыахтарын сөп.
Степан Соркомов, Федот Ермолаев
Тааттатааҕы “Сатабыл” оҕо айымньытын
дьиэтин уһуйааччылара