Аграфена Гаврильевна Колодезникова тыыл, үлэ бэтэрээнэ, 91 саастаах Таатта улууһун ытык кырдьаҕаһа, Орто-Амма нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Улуу Кыайыы 80 сылын олус долгуйа көрсөр.
Кини дьоллоох оҕо сааһы, ийэ тапталын, кыһамньытын билбэтэҕэ, баара-суоҕа үс саастааҕар ийэтэ олохтон туораабыта, онон сэрии ыар сылларын нарын санныгар сүкпүтэ, аччыктааһыны, сэрии сылларын кыһалҕатын этинэн хаанынан билбитэ. 9 сааһыгар Сиэллээх начаалынай оскуолатыгар үөрэнэ киирбитэ. Сайынын улахан дьону кытта колхоз үлэтигэр окко, ыһыыга үлэлиирэ. Оҕо киһиэхэ оҕус мунна кытаанаҕа, онтон ордук ыарахан үлэ суоҕа, от үлэтигэр ыллыы-туойа сылдьарым уонна сиилэс дьааматын ыраастыыр эмиэ ыарахан да этэ диэн ахтар. Сороҕор аччыктаан өлөөрү гынан биир ньуоска хааһы сиэтээйэллэр диэн ыалы кэрийэрим, «оҕоҕутун көрдөрөҕүт дуо?» диэн ааннарын тоҥсуйарым диэн билигин да ол ыарахан кэмнэри уйадыйа саныыр.

Сэрии бүппүтүн үһүс кылааска үөрэнэ сырыттаҕына оскуолаҕа учууталлара биллэрбит, үөрүү бөҕө буолбуттар. Ол күн үтэһэлээх эт, саламаат түҥэппиттэр. Саламаатын дьонугар илдьэн иһэн ойбон мууһуттан халтарыйан тоҕу түһэн кэбиһэн ытаан тиийбитин бу баардыы өйдүүр.



Аграфена Гаврильевна кэргэнинээн тыыл, үлэ бэтэрээнэ, Орто-Амма нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, Саха өрөспүүбүлүкэтин Ытык кырдьаҕаһа Николай Петрович Колодезниковтыын 67 сыл бииргэ олорбуттара. Тулаайах оҕо соҕотох бэйэтэ ыал буолан 6 оҕону төрөтөн 9 сиэннээх, 27 хос сиэннээх Кыайыы 80 сылын дьоллоохтук көрсөр.


Ытык киһибитигэр уһун үйэни, кытаанах доруобуйаны, этэҥҥэ буолууну баҕарабыт!
Светлана Винокурова, Харбалаах, Таатта.
keskil14.ru
