Бүгүн, олунньу 13 күнүгэр, үөрэх үлэһиттэрин Олунньутааҕы мунньаҕын иитинэн П.А. Ойуунускай аатынан НАДь-гэр Арассыыйаҕа Педагог уонна уһуйааччы сыла аһыллыытын дьоро тэрээһинэ Ийэ тыл уонна сурук-бичик күнүгэр аналлаах үөрэх эйгэтин тэрилтэлэрин салайааччылара Саха литературатын төрүттээччи Былатыан Ойуунускай 130 сылыгар анаан «Мин ырыам ылланыа. Мин аатым ааттаныа» кэхтибэт кэрэкэ тылларын күргүөмүнэн ааҕыыларыттан саҕалаатылар.
Уһуйааччы үөрэнээччилэрин махталын кэрэ хоһоон тылларынан Харбалаах үөрэҕин холбоһугун уолаттара (сал. В.С. Кривошапкина) доргуччу аахпыттарын кэлбит эрэ барыта кэрэхсээтэ.
2022 сыл түмүгүнэн ТОП-10 киирбит А.Е. Мординов аатынан лиссиэй кэлэктиибигэр Туоһу суругу аҕа баһылык М.М. Соров туттарда.
Уһуйааччы сылынан хас биирдии тэрилтэттэн баай уопуттаах, убаастыыр учууталларбыт, уһуйааччыларбыт кэлэн эҕэрдэ маанытын, сибэкки дьөрбөтүн кытары чугдаарар чуорааны тутаннар үөрүүлэрэ үксээтэ.
Мунньах пленарнай чааһыгар аҕа баһылык М.М. Соров, үөрэх салаатын начальнига В.В. Кривошапкин, филологическай наука кандидита А.Е. Захарова, НАДь директора Г.Г. Вырдылин, идэлээх сойуустар председателлэрэ П.В. Борисов этиилэрин, эҕэрдэлэрин иһиттилэр.
Үөрүүлээх чаас түмүгэр Оҕо уонна ыччат «Бастыҥнар хамсааһыннара» Россиятааҕы хамсааһыннарыгар кыттыһалларын уонна сөбүлэһэллэрин биллэрэн андаҕар эттилэр. Улуус баһылыга, УУО начальнига сөбүлэһэллэрин биллэрдилэр, сотору кэминэн хас биирдии оскуолаҕа оҕолорго уонна ыччаттарга бу хамсааһын баар буолуо, сөбүлэҥ түһэрсиллиэҕэ.
Онон Бүтүн Россияҕа Педагог уонна уһуйааччы, республикаҕа, улууспутугар Үлэ сыла барыбытыгар үрдүк ситиһиилэри, саҥа саҕахтары арыйдын!
Салгыы үгэскэ кубулуйбут методическай турнирга 14 оскуолаттан учууталлар хамаандалара икки түһүмэҕинэн күөн көрсүөхтэрэ.
Ону сэргэ, «100 саастаах эмээхсин ырыата» моно-спектаклы көрөн баран ырытыһыахтара.
Күндү киһим — учуутал.
Учуутал эн өрүү
Уот сулус буолаҥҥын,
Кэрэҕэ-сырдыкка
Угуйа тураар!
М. Луковцева, үөрэх эйгэтэ.