Ийэ диэн олус дириҥ, киэҥ суолталаах тыл дии саныыбын. Тоҕо? Туох баар тыынар тыыннааҕы бу орто дойдуга ийэ төрөтөр.Ол иһин биһиги төрөппүт ийэбитигэр бэлэхтээбит олоҕун иһин махтаныах тустаахпыт.
Арай ийэбит биһигини төрөппөтөх буоллун, оччоҕо бу күн сирин күндүтүн билбэппит. Ийэ баар буолан биһиги дьоллоохпут диэн мин бигэтик билинэбин. Биһиги дьиэ кэргэҥҥэ ийэбит тутаах киһибит буолар. Минньигэс аһыттан саҕалаан, таҥаспытын-саппытын барытын бэрийэр.
Ийэбит күндүттэн күндү киһибит. Кини мичээрэ дьиэбитин сырдатар. Кини үтүө сыһыана күүспүтүгэр күүс эбэр, санаабытын күүһүрдэр. Ийэм аттыбар баар буоллаҕына, мин тугу барытын кыайабын.
Биһиги күндү киһибит аата Александра Ильинична Захарова. Кини эдэр, элбэх оҕолоох. Идэтинэн алын сүһүөх учуутала. Биһиги ийэбит олус көхтөөх, нэһилиэк олоҕор актыыбынайдык кыттар. Куруук үөрэ-көтө сылдьар, түргэн-тарҕан туттуулаах, тугу барытын сатыыр. Оҕолорун туһугар олус кыһаллар-мүһэллэр. Хаһан да атын түбүгүн биһиэхэ биллэрбэт. Мин ийэбин олус таптыыбын, убаастыыбын, кининэн киэн туттабын. Маннык кэрэ, нарын ийэлээх буолан, олус дьоллоох аҕалаахпыт.
Олоххо сорох ийэтэ суох тулаайах оҕолор бааллар. Кинилэр ийэ истиҥ сыһыана диэни билбэттэр, ийэ нарын мичээрэ диэни көрбөттөр, ийэ минньигэс аһа диэни аһаабаттар. Оччоҕо кинилэр олохторун курус санаа кууһара буолуо дии саныыбын. Биһиги ийэбититтэн элбэх сүбэни , тирэҕи ылар буоллахпытына, кинилэргэ ким да сүбэлээбэт, тирэх буолбат. Саныахха ыарахан…
Мин ийэм баарыттан олус үөрэбин. Киниэхэ махталым муҥура суох. Куруук ийэбэр күүс-көмө буола сылдьыам. Кини уһуннук, дьоллоохтук олорорун туһугар кыһаллыам.
Айгылан Захаров, VII кылаас.
Ийэ диэн, мин санаабар, күүстээх санаалаах, үтүө майгылаах, тугу барытын сатыыр, оҕолорун олус таптыыр киһи.
Ийэ олус тулуурдаах уонна хорсун. Тоҕо диэтэр, кини биһигини төрөтүөн иннинэ тоҕус ыйы быһа сүрэҕин анныгар, бэйэтин иһигэр илдьэ сылдьар. Аны күн сирин көрдөрөн баран, биһигини бүөбэйдээн, көрөн-харайан киһи гынар, тапталыгар бигээн улаатыннарар.
Бу хамсык кэмигэр бары ийэлэр оҕолорун үөрэхтээх-сайдыылаах дьон буоллуннар диэн учуутал оруолун толорбуттара.
Мин ийэбин олус күүскэ таптыыбын. Кини биһиэхэ ийэ буолбутугар дьылҕабар махтанабын. Биһиги дьиэ кэргэҥҥэ түөрт бииргэ төрөөбүт кыргыттарбыт. Ийэбитин сибэкки курдук симиибит. Киниэхэ өрүү күүс-көмө буолабыт.
Галя Бурмистрова, VII кылаас.