Балаҕан ыйын 26 күнүгэр Ытык-Күөл нэһилиэгэр үөрүүлээх-кэтэһиилээх улуустааҕы «Көмүс күһүн» атыы-тутуу дьаарбаҥката буолан ааста.
Нэһилиэктэртэн, тэрилтэлэртэн, биирдиилээн дьон, оҕуруотаһын эгэлгэтин, быйаҥнаах сайыммыт устата хомуйбут сир аһын маанытын атыылаатылар.
Тааттатааҕы лиссиэй иһинэн тэриллибит биисинэскэ холонор үлэни технология учуутала Анисия Владимировна Кириллина иилээн-саҕалаан үлэлэппитэ иккис сылыгар барда. Бу үлэ чэрчитинэн биһиги, лиссиэй үөрэнээччилэрэ, тэрээһинтэн туора турбатыбыт, атыы-тутуу арааһын таһаардыбыт. Дьон-сэргэ ордук хото биһиги оҕолорбут самаан сайын устата үүннэрбит оҕуруот быйаҥын, эҥинэ бэйэлээх кунду астарын хамаҕатык атыыластылар. Мин маннык дьаарбаҥкаҕа бастакыбын кытынным. Бу күн биһиэхэ эмиэ олус долгутуулаах буолла, ол курдук, бүгүн биһиги – атыыһыттарбыт. Улахан эппиэтинэс. Оҕолор бары түмсэн, аныгы олох сиэринэн эбии дохуот киллэринэргэ дьоһун хардыыны оҥордубут дии саныыбын. Биһиги өйдөөн көрбүппут – дьон быдан бэйэ оҥоруу аджиканы, лечону уонна кабачок икратын сөбүлээн ылаллар эбит. Ас арааһыгар, үрдүк хаачыстыбалааҕар, ону таһынан киһи болҕомтотун тардар тас көрүҥэр болҕойбуппутун дьон сэргээн, хамаҕатык атыыласта диэн үөрэбит. Аныгыскы сырыыга тугу өссө атыылыахха сөбүн туһунан толкуйга түстүбүт. Бу тэрээһиҥҥэ кыттарбытыгар, биллэн турар, төрөппүттэрбит көмөлөрө улахан. Кинилэргэ, кылааспыт салайааччыларыгар махталбытын тиэрдэбит.
Эмилия Охотина, Х «а» кылаас, Таатта, А.Е.Мординов аатынан Таатта лиссиэйэ