Алтынньы 8 күнүгэр «Движение Первых» ол эбэтэр «Бастыҥнар хамсааһыннара» оҕо уонна ыччат хамсааһынын Координационнай сэбиэтин сүбэ мунньаҕа ыытылынна. Таатта улууһугар бу хамсааһын 2023 сылтан үлэлиир. Биһиги улууспутугар 19 первичнай отделение, ол иһигэр 2 оҕо уһуйаанын тэрилтэтэ киирэн иккис сылын 12 хайысханан үлэлии олороллор.
Сүбэ мунньахха улуус баһылыгын солбуйааччыта уонна бу хамсааһын муниципальнай Координационнай сэбиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта С.В. Сунхалыров, «Движение Первых» региональнай отделения координатора И.И. Петров, улуустааҕы үөрэх управлениятын начальнига И.И. Дягилев, Таатта улууһун «Бастыҥнар хамсааһыннарын» исписэлииһэ Р.С. Унарова, Таатта улууһун «Бастыҥнар хамсааһыннарын» Сэбиэтин чилиэнэ, ЕДД “Үрдэл” оҕо түмсүүтүн салайааччыта М.Д. Алексеева, Таатта улууһун “Дирекция сельских инициатив” исписэлииһэ В.И. Колодезникова, В.И. Ленин аатынан Уолба орто оскуолатын директорын иитэр үлэҕэ солбуйааччыта, сүбэһитэ, наставник учуутал Боппосова А.П.; директоры иитэр үлэҕэ солбуйааччылара, сүбэһиттэрэ, оҕо тэрилтэтин сүрүннээчилэрэ, Таатта улууһун оҕо уопсастыбаннай хамсааһынын «Бастыҥнар хамсааһыннарын» чилиэттэрэ, бэрэссэдээтэллэрэ уонна Таатта улууһун «Бастыҥнар хамсааһыннарын» Сэбиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта А.Н. Канаев кыттыыны ыллылар.
Бу ыытыллыбыт сүбэ мунньахха биһиги оскуолабытыттан «Орто Амма Кэскилэ» оҕо уопсастыбаннай хамсааһынын лидердара, 10 кылаас үөрэнээччилэрэ Миша Спиридонов уонна Яна Гузаирова кыттыыны ыллылар.
Үөрэх управлениятын начальнига И.И. Дягилев сүрүн болҕомтону үөрэххэ уурууну уонна общественнай, гражданскай үлэҕэ ситиһиилээх буолууну оҕолорго тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Ону таһынан быйыл 2025 сылга Таатта улууһугар 22-с төгүлүн ыытыллар «Манчаары» оонньуутугар оҕо-ыччат волонтерстваҕа көхтөөх кыттыыны ылалларын ситиһэри, улахан күүстээх үлэ күүтэрин иһитиннэрдэ.
Таатта улууһун оҕо уопсастыбаннай хамсааһынын оҕо тэрилтэлэрин бэрэссэдээтэллэригэр Бүтүн Россиятааҕы оҕолор уонна ыччаттар уопсастыбаннай -судаарыстыбаннай хамсааһыннарын “Движение Первых”, “Совет Первых” чилиэнэ буолбутуттарын туоһулуур удостоверениелары туттардылар. Биһиги оскуолаттан бу удостоверенияны оҕо уопсастыбаннай хамсааһынын бэрэссэдээтэлэ Миша Спиридонов ылла.
Бу сүбэ мунньаҕар Таатта улууһун «Бастыҥнар хамсааһыннарын» отчуота уонна инники үлэтин былааннара ылыныллылар. Хамсааһын гражданскай-патриотическай иитиигэ, ол аата оҕо дойдутугар бэриниилээх буола улаатарыгар олук уурулунна. Оҕо-ыччат бу хамсааһыҥҥа араас социальнай бырайыактарга, акцияларга, форумнарга уо. д. а. тэрээһиннэргэ кыттыыны ылалларын бары учууталлар, төрөппүттэр көмөлөрүнэн ситиһиллиэхтээҕин өссө төгүл бигэргэттэ. Оҕо билиҥҥи үйэҕэ «потребитель» буолбакка, тугу эрэ оҥорон таһааран үп-харчы киллэриэхтээҕин, уопсустубаҕа туһалаах киһи буола улаатарыгар араас бырайыактарга кыттан, бэйэтин кыаҕын булунан, олоххо бэлэм буолуохтааҕын туһунан кэпсэтии барда. Оскуола актыбыыс оҕолоро бэйэлэрин «инициативаларынан» ити бырайыактарга «инициатор» буолалларын ситиһиэхтээхтэр.
Күн иккис аҥарыгар актыбыыс оҕолорго «Старт Первых» семинар-практикум уонна «Созидания Первых» диэн школа актива ыытылынна. Оҕолор манна бэйэлэрэ хамаандаҕа арахсан араас социальнай таһымнаах бырайыактары оҥорон көмүскээтилэр, санааларын атастастылар. Инники былааҥҥа сыал-сорук туруоруннулар.
Улуус баһылыгын солбуйааччыта уонна бу хамсааһын муниципальнай Координационнай сэбиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта С.В Сунхалыров бу хамсааһынтан элбэҕи күүтэрин, кумааҕыга эрэ буолбакка, оҕону, ыччаты иитиигэ түмсэн, бары күүспүтүн, билиибитин холбоон үлэлээн, үлэ бары өттүнэн көдьүүстээх, түмүктээх буоларыгар баҕа санаатын эттэ.
Лидер оҕолор бу түмсүү кэннэ оскуолаларыгар тиийэннэр, саҥа хардыылары, саҥа сүүрээннэри, былааннаах үлэлэри ыытыахтара диэн эрэнэбин. Кинилэргэ ситиһиилэри баҕарабын!
Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугун
директоры иитэр үлэҕэ солбуйааччыта В.В. Макарова.