Балаҕан ыйын 12 күнүгэр, Таатта улууһун үөрэх эйгэтин үлэһиттэрэ Балаҕан ыйынааҕы «Биир кэлим үөрэхтээһин: 2023-2024 үөрэх дьылыгар сүрүн соруктар» сүбэ мунньахха түмүстүлэр. Пленарнай мунньах Платон Алексеевич Слепцов – Ойуунускай аатынан Тааттатааҕы народнай театрга саҕаланна. Үрдүк ситиһиилээх учууталларга наҕараада туттардылар. Байыаннай Дьайыы, Арассыыйа дьоруойа, Тааттаттан төрүттээх Родимир Максимов оскуола оҕолорун, бары үөрэх үлэһиттэрин видео нөҥүө истиҥ эҕэрдэтин тиэртэ. Оскуола үөрэнээччилэрэ ырыаларын бэлэх ууннулар.
Оскуолалар кэлэн оҕолор сайыҥҥы сынньалаҥнарын атаарар лааҕырдарын быыстапка туроран билиһиннэрдилэр.
Онтон биирдэстэриттэн алын сүһүөх саастаах оҕолоругар «Дьоҕур» сайыҥҥы лааҕыр туһунан иһиттибит.
Ол курдук «Оҕо саас сирдьиттэрэ» региональнай киин салайааччытын Нюргуяна Владимировнаны көрсөммүн маннык ыйытыыны биэрдим:
— Үтүө күнүнэн, Нюргуяна Владимировна.
Эн санааҕар тэрээһин хайдах таһымнаах ааһан эрэрий? Оҕолорго баҕа санааҕыт.
— Биһиги бүгүн иккис күммүтүн Таатта улууһугар сылдьабыт. Бэҕэһээ Өксөкүлээх ыллыгынан сылдьыбыппыт, оскуолаҕа оҕолорун, кытта көрсүбүппүт. Оҕолор оскуолаларын туһунан сүрдээх үчүгэйдик киэҥ туттан кэпсииллэр. Дойдуларын бэркэ билэллэр, дойдуларынан киэн тутталлар диэн үөрэ санаатыбыт. Бүгүн биһиги үөрүүлээх быһыыга майгыга «Өксөкү сиэннэрин» кэккэтигэр Алын сүһүөх үөрэнээччилэрин ыллыбыт. Ону тэҥэ, «Өксөкү сиэннэрэ» диэн саҥа буруолуу сылдьар методическай хомуурунньугу кытта билиһиннэрдибит. Бу тэрээһин үрдүк таһымнаах ааһан эрэр диэн саныыбын.
Тэрээһин салҕыы Ытык Күөллээҕи бастакы нүөмэрдээх оскуолатыгар буолла. Онно араас былаһааккалар үлэлии тураллар. Онтон биирдэстэрэ «Биир үөрэх эйгэтигэр личноһы иитии» диэн былаһааккаҕа Бүтүн Арассыыйатааҕы «Орлята России» бырагыраамма «Өксөкү сиэннэрэ» диэн региональнай компоненын учууталларга, үөрэнээччилэргэ сүрэхтээтилэр, ис хоһоонун кэпсээтилэр, төрдүс кылаас үөрэнээччилэрин сыанаҕа таһааран Василий Николаевич, Ефросинья Жарафовна уонна Мария Михайловна кылгас дьарыктары ыыттылар.
Дьарыктарын саҕалыахтарын иннинэ алгыстаах тыллары оҕолору кытта эппиттэрэ. Онтон Тыараһа оскуолатын учууталлара «Саха сирин көтөрдөрө» диэн маастар кылаас ыыттылар. Түмүккэ Николай Андреев «Чуораанчык» сурунаал эрэдээктэрэ «Чуораанчык алта дьарыга-5» методическэй сүбэлэрин туһунан билиһиннэрдэ.
Маннык дириҥ ис хоһоонноох сүбэ мунньах өссө да үрдүк ситиһиилээх, инники кэлэр кэнчээри ыччаты иитиигэ саҥа саҕахтары арыйа турдун диэн үөрэх үлэһиттэригэр баҕа санаабын этэбин.
Нария ХОЮТАНОВА, 10 кылаас үөрэнээччитэ,
Г.Д.Бястинов-Бэс Дьарааһын аатынан Чымынаайы орто оскуолатын эдэр кэрэспэдьиэнэ