Таатта Харбалааҕар улуу Кыайыы 80 сыллаах үбүлүөйүн көрсө бэлэмнэнии үлэтэ саҕаланна.
«Дьоһуннааҕы кэпсэтии» чаастарыгар улуу Кыайыы, дойдуга бэриниилээх буолуу туһунан кэпсэтиилэр, иһитиннэрэр-биллэрэр дьарыктар тиһигин быспакка ыытыллар былааннара оҥоһулунна.
Нэһилиэккэ Кыайыы болуоссатын күрүөтүн кырааскалааһыҥҥа субуотунньук биллэриллибитэ. Онно кылаас салайааччылара Татьяна Прокопьевна Слепцова, Кэрэчээнэ Егоровна Терентьева, иитэр үлэни тэрийээччи Варианна Васильевна Макарова салалталарынан 9,10 кылаас үөрэнээччилэрэ ис сүрэхтэн кыһаллан туран үлэлээтилэр. Бу болуоссакка «Ытык сирдэр» бырайыак сүнньүнэн 9 кылаастар сылын аайы сыһыарыллан, көрөллөр-истэллэр, ыраастыыллар.
Нэһилиэк ППМИ бырайыагар кыайан, бу болуоссаты саҥардыыга үлэ бара турар. Онон ытык дьоммутугар сүгүрүйэр болуоссаппыт Кыайыы 80 сылын көрсө сэргэхсийиэ, баай ис хоһооннонуо диэн эрэнэ күүтэбит!
Лейла Никонова, 8 кылаас үөрэнээччитэ, В.С. Кривошапкина, учуутал.
Таатта, Харбалаах