Таатта Харбалааҕар сынньалаҥ пааркатын эргэ күрүөтүн көтүрэн ыраастааһыҥҥа бүгүн субуотуннук тэрилиннэ. Субуотунньукка урукку Сэбиэскэй кэми санатар көхтөөх үлэ ньиргийдэ.
Нэһилиэк сүүһүнэн олохтоохторо тахсан Эйэ, Үлэ, Маай бырааһынньыгын таһаарыылаах үлэнэн бэлиэтээтилэр. Олохтоох дьаһалта үлэһиттэрэ миин буһаран, үрдүттэн сылаас аһы тэрийэн, силигин ситэрдилэр.
«Кэскил уһуйаан» үлэһиттэрэ 100% кытынныылар. Үгэс курдук «Төлөн» ААО үлэһиттэрэ, техниката күргүөмнээх үлэ төһүү күүһэ буолла. Бэтэрээннэр да туора турбатылар, сүбэ-ама буолан, тэбис-тэҥҥэ сырыттылар, үлэлээтилэр.
Бу субуотунньукка Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугун элбэх үлэһитэ актыыбынай кыттыыны ылбыта хайҕаллаах, ХОК камаһа, суоппар Степан Охотин бөх маһы таһыыга сүрүн күүс буолла!
Ити курдук ырыаҕа ылламмыт Харбалаах бөһүөлэгэ тутуллубута 60 сылын көрсө араас үрдүк таһымнаах тэрээһиннэр сомоҕолоһууну төрүттээн, тиһигин быспакка ыытылла турара олус кэрэхсэбиллээх!
Валентина Кривошапкина, Таатта Харбалаах.