Муус устар 18 күнүгэр Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугар Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас, Таатта улууһугар Эрэл, итэҕэл, таптал сылыгар аналлаах сылын аайы ыытыллар дьиэ кэргэн спартакиадата ыытылынна.
Сыала-соруга:
— Эти-хааны эрчийии, чөл олоҕу көҕүлээһин.
— Өбүгэлэрбит оонньууларын сөргүтүү.
— Оскуола ыытар үлэтигэр төрөппүтү тардыы.
Күрэх көрүҥнэрэ:
— Хаамыска, хабылык.
— Салгын саатынан сыал ытыы.
— Миэстэттэн ыстаныы.
— Хомуур күрэҕэ.
— Көрдөөх стартар.
Кыайыылаахтар мэтээлинэн, грамотанан, сыаналаах бирииһинэн наҕараадаланнылар.
Муҥутуур кыайыылаах дьиэ кэргэн аатын Бродниковтар ыллылар.
Бу күрэххэ дьиэ кэргэттэр сөбүлээн кытталлар. Сыллата ыытыллар спартакиаданы педагогическай үлэ бэтэрээнэ РФ үөрэҕириитин бочуоттаах бэтэрээнэ, РФ үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна Галина Григорьевна Сорова физкультура учууталларын кытта иилээн-саҕалаан тэрийэр.
Диана Слепцова, Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин 7 кылааһын үөрэнээччитэ.