Ыам ыйын 20 күнүгэр Тааттаҕа оскуола үөрэнээччилэригэр Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо сыла уонна Саха сиригэр Пионерия төрүттэммитэ 100 сылыгар аналлаах улуустааҕы «Зарница» күрэҕэ ыытылынна.
Улуус 8 оскуолаларыттан Бастыҥнар хамсааһыннарын оҕо тэрилтэлэрэ көхтөөх кыттыыны ыллылар, ол курдук Туора-Күөлтэн «Тик-Так», Уолбаттан «Ил Ситим» Харбалаахтан «Орто Амма кэскилэ», Дьохсоҕонтон «Кэскил», Чычымахтан «Кыым», Тыараһаттан «Сайдыс», Чөркөөхтөн «Былатыан сиэннэрэ», Игидэйтэн «Сайдам им. Нажима Нестерова» хамаандалара күрэхтэстилэр.
Хамаандалар 12 араас күрэх хайысхаларын аастылар: хамаанданы билиһиннэрии, комбинированнай эстафета, строевой хаамыы, строевой ырыа, автоматы ыһыы, хомуйуу, баһаартан сэрэхтээх буолуу эстафета, «Экология окружающей среды», «Меткий стрелок», «Безопасная дорога», «Первая помощь при поражении электрическим током», спасатель – баһаарынайдар эстафеталара, «Конкурс плакатов, посвященный к 90-летию Пожарной службы в Таттинском улусе» күрэхтэри партнердарбыт ыыттылар.
Уопсай түһүмэхтэр түмүктэринэн бастакы миэстэ Туора-Күөл орто оскуолатын «Тик-Так» первичнай отделенията буолла, иккис миэстэ Харбалаахтаҕы үөрэх комплекса «Орто Амма кэскилэ» первичнай отделенията буолла, үһүс миэстэ Игидэй орто оскуолатын «Сайдам им. Нажима Нестерова» первичнай отделенията буолла.
«Зарница» олус тэтимнээхтик, интириэһинэйдик, түмсүүлээхтик ааста. Бары кыттыбыт оҕолорго, салайааччыларга махталбытын этэбит. Ветеран пионердарбытыгар оҕолорго кэс тылларын этэн, көмө буолан кыттыыыны ылбыттарыгар махталбыт улахан. Сылын ахсын көмө буолар партнердарбытыгар: Тааттатааҕы үөрэҕирии салалтата, ОГПС РС (Я) №32 по МР «Таттинский улус», РЭС, ГАУ РС (Я) «Якутлесресурс», Таттинский филиал «Лесничество», полиция, ГИБДД Таттинской полиции ММО МВД России, айылҕа харыстабылын улуустааҕы инспекцията, “Движение Первых” местнай отделениятыгар улахан махталбытын этэбит, кэскилбит, кэнчээри ыччаппыт – оҕолорбут сайдалларыгар күүс-көмө буолан таһаарыылаах үлэбит үтүө түмүктээх буоллун, үгүс оҕону тарда турдун.
Тааттатааҕы «Сатабыл» оҕо айымньытын дьиэтэ.