Таатта нэһилиэгин «Сатабыл» оҕо айымньытын дьиэтигэр «Түөлбэ баһаатайа» сайыҥҥы оскуола үлэтин түмүктээтэ. Оҕолор хайдах бу күннэри туһалаахтык атаарбыттарын туһунан «Сатабыл» медиа студията сиһилии кэпсиир.
Айылҕаны кытта алтыһыы
Сайыҥҥы оскуола Ытык Күөллээҕи «Таатта» литературнай-художественнай заповедник-музей түөлбэтигэр Хадаайы сиригэр үлэтин ыытар. Хадаайы сирин айылҕата олус кэрэ, баай, тупсаҕай. Араас үүнээйи, от – мас, сибэкки эгэлгэтэ элбэх. “…Бу орто дойдуга кэлбит киһи, төһө кыалларынан, айылҕаттан кыаҕын-күүһүн толору туһанан олоруохтаах, үлэлиэхтээх. Орто дойдуга бэйэҥ кэннигиттэн олох чэлгийэ хааларын туһугар олоруу – бу дьол”диэн Мандар Уус эппитинии Тааттатааҕы «Сатабыл» оҕо айымньытын дьиэтин педагогтара «Түөлбэ баһаатайа» сайыҥҥы оскуола сэттис үлэтин күнүн оҕолор айылҕаны кытта ыкса алтыһыыларыгар анаатылар. Оҕолор төрөөбүт түөлбэлэрин үүнээйититтэн күүс-уох иҥэринэллэригэр, туох ханнык үүнээйи үүнэн сири-уоту киэргэтэллэрин, хас биирдии үүнээйи туох туһалааҕын көрөн, истэн, билэн бэйэлэрин байытыналларыгар усулуобуйаны тэрийдилэр.
Ону таһынан педагогтар оҕолорго айылҕа матыраайалларыттан панно, аппликация, оригами оҥорорго үөрэттилэр. Үүнээйи арааһын ааттарын, дьүһүннэрин оҕолорго сиһилии кэпсээтилэр, дьүһүн дьүөрэлииргэ үөрэттилэр. Ону таһынан оҕолорго айылҕаҕа харыстабыллаах буолуу тоҕоостооҕун кэпсээтилэр. Маннык үөрэх оҕо кыра эрдэҕиттэн иҥэриллиэхтээх, оччотугар үүнэр көлүөнэ айылҕаҕа харыстабыллаах буолуу улахан суолталааҕын таба өйдөөн олохторугар туһаналлар.
Квест оонньуу
Квест оонньуу оҕо сайдарыгар бэйэтин кыаҕын, баҕатын, ис санаатын арыйар биир саамай тоҕостоох ньыма буолар. Оонньуу нөҥүө оҕо тулалыыр эйгэни үөрэтэр, этин хаанын сайыннарар, дьону кытта алтыһа, толкуйдуурга үөрэнэр, элбэҕи билэр, сайдар.
Тааттатааҕы «Сатабыл» оҕо айымньытын дьиэтин «Түөлбэ баһаатайа» сайыҥҥы оскуола ахсыс үлэтин күнэ олус сэргэхтик ааста. Педагогтар бу күн оҕолорго анаан квест оонньуу ыыттылар. Оҕолор алта хамаандаҕа арахсан, бэйэлэрэ хамандыыр талан оонньууга көхтөөхтүк кытыннылар. Оонньуу усулуобуйатынан оҕолор хас биирдии хамаандалара араас интэриэһинэй сорудахтардаах алталыы түһүмэҕи ааһан финишкэ хойутааһына суох тиийэн кэлиилэрэ буолар. Ол курдук, өйү тобулар араас таабырыннары, холбуйа иһигэр туох баарын таайыы, ыйыллыбыт тиэмэни арыйар умсугутуулаах уруһуйдары суруйуу, крокодил, твистер, кубик – рубик оонньуулар түһүмэхтэрин онтон да атын сорудахтары олус сэргэхтик, үөрүү-көтүү аргыстаах аастылар. Оонньуу түмүгэр хамаандалар бары минньигэс бирииһинэн наҕараадаланан үөрүүлэрэ өссө үксээтэ, сылайбыттарын да билбэккэ хааллылар.
Оҕолор бары көхтөөхтүк кыттан, сүүрэн – көтөн, дуоһуйа оонньоон, астынан өссө биир ситиһиилээх, кэрэхсэбиллээх күнү бэккэ атаардылар.
Сайыҥҥы оскуола пааркаҕа үлэтин күнэ
Тааттатааҕы «Сатабыл» оҕо айымньытын дьиэтин «Түөлбэ баһаатайа» сайыҥҥы оскуолатын тохсус үлэтин күнэ Федор Охлопков аатынан Ытык – Күөллээҕи култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар олус кэрэхсибиллээхтик ааста.
Ол курдук, өссө биир эрэллээх партнербут, куруук күүс — көмө буолар Тааттатааҕы МВД отдела, старшай сержант ОГИБДД ИАЗ инспектора Скрыбыкин Николай Константинович оҕолорго суолга сэрэхтээх буолуу туһунан, суол быраабылаларын, суол бэлиэлэрин туһунан сиһилии кэпсээтэ, оҕолор ыйытыктарыгар хоруйдаата. Велосипедтээх оҕолор велосипедтэрин туругун көрдө, бэйэ транспорын хайдах көрөргө-харайарга сүбэлэри оҥортоото.
Сайыммыт бэс ыйа олус куйаас, кураан буолан оҕолор саамай кэтэспит тэрээһиннэрэ «Водяной бой» оонньуу буолла. Оҕолор икки хамаандаҕа арахсан, солун оонньууну олус сэргээн бары көхтөөхтүк кытыннылар.
Онон бу күн оҕолор элбэҕи билэн, үөрэнэн, дуоһуйа оонньоон, сүүрэн – көтөн, сөрүүкээн, баһаатайдары кытары флешмоб үҥкүүлээн астынан өссө биир сайыҥҥы оскуола үлэтин күнэ түмүктэннэ.
«Албан аат» Тааттатааҕы кыраайы үөрэтэр музейга экскурсия
Оҕону кыра эрдэҕиттэн төрөөбүт дойдутун таптыырга, харыстыырга, патриотическай тыыҥҥа иитии-үөрэтии биир сүрүн сорук буолар. Тааттатааҕы «Сатабыл» оҕо айымньытын дьиэтин «Түөлбэ баһаатайа» сайыҥҥы оскуолатын иитиллээччилэрэ оскуола онус үлэтин күнүгэр «Албан аат» Тааттатаҕы кыраайы үөрэтэр музейыгар экскурсияҕа сырыттылар.
«Албан аат» Тааттатаҕы кыраайы үөрэтэр музей улууспут олоҕун, олохтоохторун, култууратын, историятын түмэр, үйэтитэр аналлаах музей буолар. Музей салайааччыта Маргарита Арисовна оҕолорго музей хаһан төрүттэммититтэн саҕалаан музейга баар хас биирдии хаартыскалар, экспонаттар остуоруйаларын, Кыайыы болуоссаттыгар баар пааматынньыктар тустарынан сиһилии, олус умсугутуулаахтык сырдатта. Оҕолортон киирэр араас ыйытыыларга толору хоруйдары биэрдэ. Оҕолор төрөөбүт дойдуларын устуоруйатыгар харыстабыллаахтык, ытыктабыллаахтык сыһыаннаһар наадатын өйдүүллэригэр сүбэ-саргы биэрдэ.
Маргарита Арисовнаҕа улахан махталбытын ыытабыт-үүнэр көлүөнэбитигэр өссө биир умнуллубат түгэни, киэҥ билиини, туһалаах күнү бэлэхтииргэ көмөн, патриотическай тыыны иҥэриигэ улахан кылаатын иһин!
Айар дьоҕур – ситиһии төрдө
Тааттатааҕы «Сатабыл» оҕо айымньытын дьиэтин «Түөлбэ баһаатайа» сайыҥҥы оскуола үлэтэ салгыы ситиһиилээхтик барар. Онон, сайыҥҥы оскуола бүгүҥҥү үлэтин күнэ – айар дьоҕур күнэ буолла.
Оҕо айар толкуйдуур дьоҕурун сайыннарарга сайыҥҥы оскуолабытыгар араас хайысхалаах үлэ барар. Оҕо бэйэтин санаатын, тугу билбитин-көрбүтүн симиттибэккэ, холкутук саҥарарыгар, кэпсииригэр, интэриэһин көбүтэр, ис уйулҕатын арыйар сыаллаах үлэ ыытыллар. Ол курдук, бу күн оҕолор 6 хамаандаҕа арахсан, хамаандаларыгар аат, бэйэлэрин билиһиннэрэр девизтэрын толкуйдаатылар, сайыҥҥы оскуола туһунан хаһыат таһаардылар. Оҕолор бары олус көхтөөхтүк кыттан, астынан, дуоһуйан өссө биир кэрэхсэбиллээх күн буолла. Оҕолорбутун өссө да элбэх солун, сэргэх тэрээһиннээх күннэр күүтэллэр.
«РобоЛето» сайыҥҥы оскуола түмүктэннэ
Оҕолор сайыҥҥы сынньылаҥы туһалаахтык атаараллара туохтааҕар да кэрэхсэбиллээх.
«Сатабыл» оҕо айымньытын дьиэтин иһинэн үлэлиир «Робокомп» робототехника куруһуога үлэлээбитэ номнуо 2 сыла буолар. 2022-2023 сыл үөрэх дьылыгар үгүс оҕо сөбүлээн дьарыктанна, улуустааҕы роботехника күрэҕэр уонна үөрэнээччилэр научнай-техническэй бырайыактарын республикатааҕы күрэхтэригэр оҕолор бастакы, иккис бочуоттаах миэстэҕэ тиксэн ситиһиилэрэ үөрдэр.
Сайыҥҥы сынньалаҥ кэмигэр салҕыы бу хайысхаҕа дьарыктаныан баҕалаах оҕо үгүһэ биллэн салҕыы сайыҥҥы оскуола тэрийэн үлэлэттибит.
Бэс ыйын 13 күнүттэн 25 күнүгэр диэри «РобоЛето» диэн алын кылаас оҕолоругар аналлаах легонан оҥоһуллар роботехника сайыҥҥы оскуолата Сатабыл оҕо айымнытын дьиэтин иһинэн тэриллэн үлэлээтэ.
14-т күн устата уон түөрт оҕо эйэ дэмнээхтик, оонньоон-көрүлээн, саҥа доҕоттордонон, билиилэрин – сатабылларын өссө хаҥаттылар.
Бу кылгас бириэмэ иһигэр оҕолор хамаандаҕа арахсан легонан араас робот оҥордулар, роботтарыгар датчик цвета туттан хара линиянан айанныырга компьютерга программа суруйга үөрэннилэр , роботтарын айаннатан көрдүлэр. Оҕолор саамай улахан ситиһиилэрэ хамаандаҕа үлэлии үөрэммиттэрэ уонна доҕордуу буолбуттара буолар.
Баһаатайдары кытта сынньалаҥ бириэмэтигэр оонньоон-көрүлээн, оҕолор бэйэ бэйэлэрин кытта билсэн-көрсөн, элбэхтик сүүрдүлэр-көттүлэр, сайыҥҥы сынньалаҥнарын интэриэһинэйдик саҕалаатылар.
Үһүс сылын «Сатабыл» оҕо айымньытын дьиэтин иһинэн тэриллэн үлэлиир «Түөлбэ баһаатайа» сайыҥҥы оскуола чэрчитинэн Ытык Күөллээҕи «Таатта» литературнай-художественнай заповедник музей түөлбэтигэр Хадаайы сиригэр ыытыллыбыт тэрээһиннэргэ оҕолор актыыбынай кыттыыны ылан астыныылара, үөрүүлэрэ муҥура суох. Ол курдук бэс ыйын 21 күнүгэр саха халаандарынан бүтүн Саха сиригэр бэлиэтэнэр Үрүҥ тунах ыһыах күнүн бэлиэтээн «Айылҕаана» түмсүү тэрийиитинэн алгыстаах алаадьынан айах туппуттара, күн эргииринэн оһуохайдаан да ойбуттара. Педагогтар уонна баһаатайдар көҕүлээһиннэринэн араас сахалыы остуол, түһүлгэ оонньууларыгар кыттыспыттара, билиилэрин, күүстэрин холоммуттара, айымньылаах дьоҕурдарын көрдөрбүттэрэ, сатабылларын сайыннарбыттара.
Бэс ыйын 22 күнүгэр «Сатабыл» оҕо тэрилтэтин социальнай партнердарын кытта бэрт сэргэх күн тэриллибитэ. «Дьиэ кэргэни уонна ыччаты кытта үлэлиир Республиканскай психологическай киин», Таатта улууһун 32 нүөмэрдээх баһаары утары охсуһар этэрээт, Тааттатааҕы ГИМС госинспектордара, «Сарыал» култуура киинэ, Тааттатааҕы «Туллукчаан» оҕо библиотеката кэлэн үөрэтэр- иитэр үлэ сүнньүнэн оҕолор билиилэрин-көрүүлэрин тургутар оонньуулары оонньоппуттара, араас интэриэһинэй бэсиэдэлэри, олоххо туһалаах сүбэлэри оҥорбуттара .
Бэс ыйын 25 күнүгэр сайыҥҥы оскуолабыт түмүктэнэр күнүгэр Ытык Күөллээҕи «Таатта» литературнай-художественнай заповедник музей түөлбэтигэр Хадаайы сиригэр баһаатайдары кытта оонньоон, флешмобтаан бэрт сэргэх күн ааспыта. Оҕолор квест оонньууга оонньоон бириистэри тутан үөрэн-көтөн, сүүрүүлээх, күрэхтэһиилээх илии-атах оонньууларын дуоһуйа оонньоон өссө эһиил бу курдук сайыҥҥы оскуола тэриллэрин баҕаран тарҕаспыттара.
Сайыҥҥы оскуолабыт олоҕор көхтөөх кыттыыны ылбыт, түмүктүүр күммүтүгэр күүс көмө буолбут төрөппүттэрбитигэр махталбын тиэрдэбин, чуолаан Екатерина Евгеньевна Петроваҕа, Анна Григорьевна Поповаҕа, Татьяна Васильевна Портнягинаҕа.
Тааттатааҕы «Сатабыл» оҕо айымньытын дьиэтин «Робототехника» куруһуогун салайааччыта Уйгулаана Петрова
«Түөлбэ баһаатайа» сайыҥҥы оскуола үлэтэ түмүктэннэ
Үгэс буолбутунан Тааттатааҕы «Сатабыл» оҕо айымньытын дьиэтин иһинэн 2021 сылтан оскуола саастаах оҕолорго аналлаах «Түөлбэ баһаатайа» сайыҥҥы оскуола үлэлиир. Быйыл сайын сайыҥҥы оскуола бэс ыйын 19 күнүттэн бэс ыйа 30 күнүгэр дылы үлэтин ыытта. Уопсайа сүүстэн тахса оҕо эн мин дэһэн, үөрэ – көтө, астына сайыҥҥы оскуолабытыгар дьарыктанна. Сайыҥҥы оскуола сүрүннээн Ытык-Күөлбүт кэрэ көстүүлээх, Таатталар историябытыгар киэҥ суолталаах Хадаайы сиригэр турар «Таатта» литературнай художественнай музей-заповедник түөлбэтигэр олохтонон үлэтин ыытта. Оскуолабытын 5 педагог уонна «Ситик» оҕо тэрилтэтин баһаатайдара үлэлэттилэр.
Оскуолабытыгар элбэх солун тэрээһиннэр, интэриэһинэй дьарыктар, көрдөөх – нардаах, эти –сиини, илиини-атаҕы сайыннарар хамсаныылаах оонньуулар ыытылланнар оҕолор элбэххэ үөрэннилэр, сынньаннылар, үөрэн – көтөн бу сайыҥҥы бэс ыйдааҕы сынньалаҥнарын туһалаахтык атаардылар. Баһаатайдарбыт – сайыҥҥы оскуола саамай тутаах дьоно, күн ахсын араас флешмоб үҥкүү ыыталлара үгэс буолла, ону таһынан оҕолору сэргэхситэр элбэх араас көрдөөх оонньуулары ыыттылар. «Сатабыл» оҕо айымньытын дьиэтин эрэллээх партнердара оҕолорго сэргэх тэрэһииннэри ыыттылар: «Айылҕаана» эбээлэр түмсүүлэрэ ыһыах түһүлгэтин ыстылар, дьиэ кэргэни уонна ыччаты кытта үлэлиир «Республиканскай психологическай киин», Таатта улууһун 32 нүөмэрдээх баһаары утары охсуһар этэрээтэ, Тааттаҕы ГИМС, «Сарыал» култуура киинэ, Тааттатааҕы “Туллукчаан” оҕо библиотеката, Тааттатааҕы МВД отдела оҕолорго билии-көрүү эйгэтин хаҥаттылар, үлэлэрин туһунан кэпсээтилэр, олоххо туһалаах сүбэлэри биэрдилэр. Ону таһынан, оҕолорбут «Таатта» литературнай художественнай музей-заповедникка, «Албан аат» Тааттатааҕы кыраайы үөрэтэр музейыгар экскурсияларга сырыттылар. Аныгы олох сүүрээнигэр сөп түбэһэр тэрээһиннэр ыытыллыннылар, ол курдук айылҕаны кытта алтыһыы күнэ, айар дьоҕуру арыйыы күнэ, квест оонньуу күнэ, «Водяной бой» оонньуу күнэ курдук саҥа солун тэрээһииннэри ыытылыннылар.
Сайыҥҥы оскуолаа үлэтин бириэмэтигэр оҕолор алта хамаанданан арахсан, доҕордоһон, бодоруһан, бэйэлэригэр девиз толкуйдаан олус астына дьарыктаннылар. Сайыҥҥы оскуола үлэтин бүтэһик күнүгэр оҕолор бэйэлэрин үлэлэрин түмүктүүр кэнсиэр туруоран ыллаан, үҥкүүлээн олус сэргэх, өрө көтөҕүүлээх күн буолла.
Оҕолорго анаан төрөппүттэр кыһамньыларынан, оскуола арыллыытыгар уонна үлэтин түмүктүүр күнүгэр батут үлэлээтэ, крио – кафе «Мохито» үлэлээн утахтары, сахарнай вата, попкорн атыылаан оҕолору үөртэ. Хас биирдии оҕо мороженайынан босхо күндүлэннэ.
Сайыҥҥы оскуола сайыҥҥы сынньалаҥ кэмигэр оҕо дьарыктаах буоларыгар, оҕо социальнай эйгэҕэ тирэхтээхтик киирэригэр, бэйэ-бэйэни кытта алтыһа, кими баҕар кытта уопсай тылы була үөрэнэригэр, дойдуга тапталын күүһүрдэргэ, элбэх саҥа доҕоттору буларыгар сыаллаах үлэлиир. Оҕолорбут сайыҥҥы бастакы ый сынньалаҥ күннэрин үөрүүлээхтик, туһалаахтык атаарбыттарыттан олуһун диэн үөрэбит, астынабыт. Партнердарбытыгар, төрөппүттэрбитигэр, баһаатайдарбытыгар, педагогтарбытыгар улахан махталбытын этэбит. Кэскилбит, кэнчээри ыччаппыт – оҕолорбут сайдалларыгар күүс – көмө буолар таһаарыылаах үлэбит үтүө түмүктээх буоллун, үгүс оҕону тарда турдун.
«Сатабыл» медиа студията
Тааттатааҕы «Сатабыл» оҕо айымньытын дьиэтэ